12.05.2021 | 21:55

Ырыа күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, ыам ыйын 12 күнүгэр, СӨ Мелодистарын ассоциацията тэриллибитэ 30 сылынан Ырыа күнүн ыытыы туһунан СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Ю.С. Куприянов 229-ОД №-дээх бирикээһэ таҕыста. 
Онно олоҕуран, 2021 сыл ыам ыйын 21 күнүгэр СӨ Мелодистарын ассоциацията тэриллибитэ 30 сылынан Ырыа күнэ онлайн көрүҥүнэн ыытыллыаҕа. Бу күнү үрдүк таһымҥа ыытар сыалтан оробуочай бөлөх тэриллэр.  Онно СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы В.В. Левочкин (салайааччы), СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин кылаабынай специалиһа Е.В. Ефимов (координатор), «Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин уонна  социальнай-культурнай технологиялар» автономнай тэрилтэ дириэктэрэ С.С. Семенов (тэрийээччи) уо.д.а. бааллар. 


Тэрээһин чэрчитинэн Саха сирин мелодистарын айымньыларынан улахан видеонан кэнсиэр таҥыллан тахсыахтаах. Онно «Ырыа күнэ» (Х.Горохов тыллара, А.Калининскай-Луҥха муусуката), «Тыыннаахтар умнубат сыллара» (П. Одорусов тыллара, Н. Бойлохов муусуката), «Төрөөбут дойду туһунан ырыа»(А. Тимофеев тыллара, М. Жирков муусуката), «Саргыбыт сайыннын» (К. Уткин тыллара, А. Калининскай-Луҥха муусуката) уо.д.а. уостан түспэт, дьон-норуот сүрэҕэр иҥэн сылдьар айымньылар баар буолуохтара. 
Маны сэргэ СӨ Мелодистарын ассоциацията тэриллибитэ 30 сылынан тэриллэр Ырыа күнүн чэрчитинэн А. Калининскай-Луҥха «Саҥа күн» биэриигэ кыттара, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин инстаграм сирэйигэр Ырыа күнүнэн өрөспүүбүлүкэ салалтата, муниципальнай тэриллиилэр, Саха сирин уопсастыбаннаһын эҕэрдэлэрэ тахсара былааннанар. Итини таһынан СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин ютуб ханаалыгар Эстрада театрын, Опера уонна балет театрын,  Судаарыстыбаннай филармония,  «Туймаада» ансаамбыл бырааһынньыктааҕы бырагыраамалара тахсыаҕа.  
«Саха» НКИХ ханаалыгар искусство маастардарын уонна өрөспүүбүлүкэ самодеятельнай кэлэктииптэрин кэнсиэртэрэ көстүөҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....