«Ырыа долгунугар» бырайыак бастакы кэнсиэрэ буолла
Сахаҕа долгун диэн тыл уу эрэ долгунугар сыһыаннаах буолбатах – олох долгуна, санаа долгуна, ырыа долгуна, хамсааһын долгуна уо.д.а. Долгун күүс эбэр, санааны салгыыр, суккуйа устар, саҥатттан саҥаҕа, сонуҥҥа тиэрдэр. Дьэ итини санаан туран «Тускул» КК ахтар – суохтуур көрөөччүбүт күн бүгүн интернет ситимин иилиллэн олорон күн аайы куттал, сэрэниҥ, онно умайбыт, манна буруо, итиннэ дьаҥ дьаһах, онтон тутуһума, манна сылдьыма, ол тойон ону атыылаабыт, бу тойон аата-ахса суох байбыт, ону уорбуттар, итини суох гыммыттар диэн дууһаны аймыыр дьикти-дьиибэ кэмтэн сылайбыт, ыгыллыбыт кэмигэр хайдах гынан көмөлөһөбүт, санааны көтөҕөбүт диэн «Ырыа долгунугар» диэн бырайыагы саҕалаата. Тоҕо чуолаан ырыа? Ырыа биһигини олохпут тухары арыаллыыр, күн сирин көрдүбүт да ийэбит киҥинэйэн ыллыыр ырыатыгар бигэнэбит, мунчаардыбыт да ыллыыбыт, үөрдүбүт да ыллыыбыт…
Сатаммыты-табыллыбыты «ырыа курдук ылбаҕай» диэн тэҥниибит. Баар, буола турар балаһыанньаҕа сөп түбэһэн кыра саала бэлэмнэниэххэ диэн буолбута. Ити эттэххэ дөбөҥ – ол аата уот-күөс, дорҕоон тэрилэ хаттаан, саҥа таҥыллар, ол аата саҥа помост уо.д.а. Истиҥ, иһирэх эйгэни үөскэтэр туһугар көрөөччүгэ муҥутаан туран табыгастаах буолар усулуобуйа олохтонуохтаах. Сайыммыт наһаа итиитин, сатыылаабыт куйааһы учуоттаан, утах, холкутук-наҕыллык, киэҥник-куоҥнук олороллорун туһугар кыра-кыра остуоллары бэлэмнээтибит, онно аҥаардас арахсыспат аргыспытын телефоннарын да ууралларыгар табыгастаах буоллаҕа… Дьэ уонна бэлэмнэнии үлэтэ күөстүү оргуйда. Үөрүөхпүт, киэн туттуохпут туһугар «Тускул» КК үлэһиттэрэ бары да талбыт курдук талба талааннаах, айар-тутар эйгэлээхтэр – ким уһанар, ким уоту-күөһү таҥар, ким иистэнэр, ким бастакы кэнсиэр сценарийын суруйар, ким ырыалары таҥар, ким кинигэ бэчээттиир, ким аудио лиискэ оҥоттороору сүүрэр-көтөр. Дьэ санаан көрүҥ иистэнньэҥҥэ төлөө, кинигэ бэчээттээччигэ төлөө, уоту-күөһү оҥорооччуга төлөө уо.д.а. Оччотугар табыллыбат, сатаммат курдук буолуо этэ.
Саҥа бырайыак маҥнайгы кэнсиэрэ «Мин дууһам ыллыыр» диэн аудио диискэ презентациятыгар ананна. Диискэ итинник ааттаах ырыа хомуурунньугар угулунна. Инньэ гынан бу хомуурунньугу атыыласпыт дьон диискэҕэ киирбит ырыалары кимнээх суруйбуттарын билиэхтэрэ, тэҥҥэ ыллаһалларыгар ырыаларын тыла баар, бэйэлэрэ ыллыахтарын баҕардахтарына «минус» фонограмма (ыллыыр дьон фонограмма үп-харчы хамсааһынын эрэйэрин билэргит буолуо) эмиэ баар. Бэлэмнэнии үлэҕэ ис сүрэҕиттэн үтүөнү баҕаран туран кыттыспыт М.Окороковка ис сүрэхпититтэн махталбытын биллэрэбит.
Болдьоммут кэмҥэ саалабыт туолбутун көрөн бары да ис сүрэхпититтэн үөрдүбүт, долгуйдубут даҕаны. Бастакы ырыаттан ыла кэнсиэр түмүк ырыатыгар тиийэ толорооччу, көрөөччү, тэрийээччи да биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ киирэн, балтараа чааһы билбэккэ хааллыбыт. Ырыа барахсан түмэр, сомоҕолуур күүһүн бу да сырыыга туоһулаата! Сырдаабыт сэбэрэлээх, дууһалыын ырааһырбыкка дылы көрүҥнээх, бэл, хамсанардыын түргэтээбит, үөрбүт көрөөччү биһиги туруоруммут сыалбыт ситиһиллибитин мөккүөрэ суох мэктиэтэ буоллаҕа.
Бу киэһэ саханы саха дэппит өлбөт-сүппэт айымньылардаах К. Онуфриева, Д. Михайлов, В. Андросов, В. Никаноров, Г. Шахурдина, А. Барашкова, А. Калининскай мелодияларыгар, Н. Ефремов, Д. Васильев, М. Алексеева - Арылы Дуйдаах, И. Федосеев – Доосо, П. Соловьев, И. Нуолур, О. Колесова, И. Гоголев – Кындыл, Н. Харлампьева, В. Кулачикова, Х. Горохов тылларыгар ырыалар ылланнылар. Ырыа аранжировкаларын Степан Афанасьев, Александр Уваровскай, И. Наумов, Д. Готовцев оҥордулар, ырыалар бары Степан Афанасьев студиятыгар уһулуннулар. Бу мин толорооччу быһыытынан уонунан сылларга үлэм түмүгэ буолар. Аныгыскы маннык кэнсиэрбит атырдьах ыйыгар буолуоҕа. Толорооччу эмиэ долгуйа бэлэмнэнэр, көрөөччү саҥа көрсүһүүнү эрэнэ кэтэһэр.
Суруйуум түмүгэр тэрээһин буола турар балаһыанньа бары ирдэбилигэр толору сөп түбэһэн ыытыллыбытын бэлиэтээн этэбин. Этэргэ дылы, көрсүһүөххэ диэри, күндү доҕоттор!