14.04.2020 | 21:20 | Просмотров: 701

Ыраах сытар улуустарга эрэһиим уларыйда

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ил Дархан Айсен Николаев саҥа тахсыбыт ыйааҕар коронавирус тарҕаныытын түмүгэр үөскээбит ураты бэлэм буолуу эрэһиимигэр кэккэ уларыйыылар киирдилэр.

Муус устар 15-30 күннэригэр муниципалитеттар икки ардыларынааҕы дьону тиэйэр таксилар сырыылара тохтоото.

Эрэһиим ордук ыраах сытар улуустарга сымнаата. Ыраах улуустарга билиҥҥитэ биир да коронавируһунан ыалдьыбыт киһи суох. Инньэ гынан Саха сирин, сылы эргиччи массыына сырыыта суох 169 нэһилиэнньэлээх пуунугар, муус устар 15-30 күннэригэр, кулууптар, кинотеатрдар, спортивнай саалалар, банкеттыыр саалалар о.д.а. сабылыннылар. Онтон атын тэрилтэлэр үлэлиэхтэрин син буолла.

Дьокуускайга, Жатайга, Мэҥэ Хаҥалас  Аллараа Бэстээҕэр, Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Мииринэй, Нерюнгри оройуоннарыгар, Булуҥ улууһун Тиксиитигэр уонна да атын айан-сырыы суола сылы эргиччи баар сирдэригэр эрдэ олохтоммут хааччахтар оннуларынан хааллылар.

Санатан эттэххэ, дойду бэрэсидьиэнэ В.В.Путин коронавируһу утары охсуһууга регионнар салайааччыларын боломуочуйаларын кэҥэтэн биэрбитэ. Регион баһылыга ханнык баҕарар тэрилтэни сабар, тырааныспар сырыытын тохтотор бырааптаммыта.

Ыйаах толору тиэкиһин https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3151870 көрүөххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.