ЫНАХ ТЫЛЫНАН ЭМТЭНИИ УОННА КАППИНГ КИСТЭЛЭҤНЭРЭ
Гирудотерапевт, каппинг-терапиянан уонна массааһынан дьарыктанар, “АПОДИТ” норуоттар икки ардыларынааҕы эти-сиини уонна куту-сүрү чэбдигирдии ассоциациятын чилиэнэ Диана Скрыбыкина (@capping_therapy_ykt) ынах тыла, хааннааһын уонна массаас туһаларын туһунан кэпсээтэ.
– Амма Абаҕатыттан төрүттээхпин. Оскуолам кэнниттэн ХИФУ Пединститутугар компьютернай технология салаатын бүтэрбитим. Информатика учууталынан үлэлии сылдьан 2017 сылтан норуодунай медицина өттүгэр хайысхаланан барбытым. Билигин медколледжка үөрэнэ сылдьабын.
Гирудотерапиянан уонна каппинг-терапиянан 2017 сыллаахтан дьарыктанабын. Ол саҕана куоракка үлэ көрдөнө сылдьан, интэриниэккэ хааннааһын туһунан видеолары көрөр этим. Бэйэбэр боруобалыахпын баҕарбытым. Ол бириэмэҕэ хааннааһынынан аһаҕастык ким даҕаны дьарыктаммат этэ. Дьоҥҥо наһаа наадалаах эмтэнии эбит диэммин бэйэм үөрэнэргэ санаммытым.
Бу идэни хайаан да баһылыырга сыал-сорук туруоруммутум. Ол сыл көрдөөн-көрдөөн, интэриниэттэн үөрэтэр дьоммун булбутум – Башкирияҕа Стерлитамак диэн куоракка баар дьону кэпсэтэ охсон, билиэтим харчытын кирэдьиит ылаат, кинилэргэ тиийэ охсубутум. Ол саҕана чугас дьонум бачча үрдүк үөрэхтэнэн бараҥҥын идэҕинэн үлэлээбэтиҥ диэн өйдөөбөтөхтөрө. Мин дьоҥҥо көмөлөһүөхпүн баҕарабын, хааннааһын саха дьонугар ордук наадалаах ньыма дии санаабытым.
Башкирияҕа тиийэн үөрэнэн баран тута бэйэлэригэр практикабын ааспытым. Дьон бөҕөтүн приемнаабытым. Манна төннөн кэлэн ынах тылынан эмтээһининэн уонна хааннааһынынан дьарыктанан барбытым.
ЫНАХ ТЫЛА ИММУНИТЕТЫ КӨТӨҔӨР
– Гирудотерапия киһи доруобуйатыгар туох туһалааҕый?
– Ынах тыла ыстыыр эрэ диэн буолбатах. Кини кып-кыра 5-15 мл эрэ хааны иһэр. Пиявканы уһуллаххына эмиэ оччо хаан тахсар. Ынах тылын силэ 200-тэн тахса туһалаах ферменнэрдээх. Киһиэхэ уурбутум кэннэ ыстыыр, ол хааны оборор кэмигэр ферменнэрин силлиир. Ол ферменнэр тымырдарынан хааҥҥа киирэн үлэлээн киирэн бараллар.
Саамай биллэр сүрүн ферменэ – гирудин. Гирудин тромбаны алдьатар уонна тромба үөскүүрүгэр мэһэйдиир. Ол иһин киһи хаана хойуу, улахан хаан туруулаах буоллаҕына ынах тылын уурунуохтаах.
Ынах тыла ыарыыны мүлүрүтэр, эдэргэ түһэргэ көмөлөһөр, эттиктэр эргиирдэрин түргэтэтэр, киһи иммунитетын көтөҕөр, тымыр эркиннэрин кытаатыннаран биэрэр.
– Ханнык ыарыыга көмөлөһөрүй?
– Туох баар ыарыыга барытыгар көмөлөһөр. Ону барытын кэпсээтэхпинэ быйыл бүппэппин. Сатаан оҕоломмот дьоҥҥо сүрдээҕин көмөлөһөр. Пиявка туруортарбыт дьонум бары этэҥҥэ оҕолоннулар. Хаан баттааһынын нуорматыгар түһэрэр – үрдүгү намтатар, намыһаҕы тэҥнээн биэрэр. Миэхэ үксүн үрдүк хаан баттааһыннаахтар, систэрэ ыалдьар дьон, кулгаахтара куугунуур, бастайааннай төбө ыарыылаах, варикозтаах дьон кэлэллэр. Варикозка ынах тыла тута туһалыыр.
Холестерин таһымын намтатар. Ууну сатаан испэт буолууттан, сыыһа аһааһынтан холестериннара наһаа үрдүк дьон элбэх. Табах, арыгы, аҥаардас чэйинэн, кофенан сылдьар дьон хааннара хойдор.
Дарбайыы утары эмиэ пиявканы туттуохха сөп. Ынах тылын уурдахха лимфосистема үлэтэ тупсар.
Киһи организмыгар буортулаах бактериялар үөскээһиннэрин аҕыйатар, ол аата сүһүрүүнү утары үлэлиир.
Сис тоноҕоһугар уурар үчүгэй. Грыжаҕа, тоноҕосторун диискэлэригэр эчэйиилээх дьон ыарыыларын тута мүлүрүтэр.
– Пиявкаларгын хантан аҕалаҕыный?
– Арассыыйа киин куораттарыттан анал биофабрикалартан сакаастыыбын. Лицензиялаах медицинскэй ынах тылын оҕолорун ыыталлар. Ол аата киһини ыстыы илик орто кээмэйдээх пиявкалар кэлэллэр. Боростуой ынах тыла хара, сиэрэй дьүһүннээх, көхсүгэр түүлээх эҥин буолар. Оттон медицинскэй ынах тыла көстүүлэрэ да кэрэ – бэйэлэрэ күөхтүҥү өҥнөөхтөр, көхсүлэрин оһуора араҕастыйан көстөр. Кыраһыабай баҕайы эриэн үөн курдуктар.
– Төһө ыарыылаах процедураный? Сиргэнэр-куттанар дьон сатаан тулуйбата буолуо...
– Мин бэйэбэр төбөбөр уурунабын, быарбын ыраастанабын. Ыарыылаах дии санаабаппын. Эмсэ дьон бастакы 5 мүнүүтэ, ыстаан оборор кэмигэр ыарыытын билэллэр. Ол кэннэ ыарыыны мүлүрүтэр ферменин ыытта да киһи ыарыытын билбэт.
Сиргэнэр эбэтэр куттанар дьоҥҥо бэйэлэригэр көстүбэт сирдэригэр уурабын. Холобур, төбөлөрө ыалдьар дьон эттэрэ тардар буоллаҕына кэтэхтэринэн, кулгаахтарын кэннинэн ууран баран, устарбар эмиэ көрдөрбөккө ылабын.
– Туһата хаһан биллэн барарый?
–Туһата тута биллэр диэхпин баҕарабын. Бэйэм туттар буоламмын ону билэбин. Төбө ырыыта тута ааһар. Хаан баттааһыннаах дьон утуйаллара тупсар, сылайбыттара ааһар.
КАППИНГ ДИЭН ТУГУЙ?
– Оттон каппинг-терапия диэн тугуй? Ханнык ыарыыларга барсарый?
– Каппинг-терапия диэн капиллярнай хааннааһын. Биһиги капиллярдарбытыгар шлак уонна токсин мустар. Киһи хаана хойдор уонна киртийэр. Хамсаныы суоҕуттан, сыыһа аһааһынтан, стресстэн эмиэ хаан хойдор. Гаджеттарга убаныы, стресскэ бэринимтиэ буолуу барыта киһи доруобуйатыгар охсор.
Киһиэхэ ирдэбил наһаа үрдээтэ. Социальнай ситимнэри да көрдөххө, ситиһиилээх дьоҥҥо тэҥнэһэ сатаан үлэлээн-үлэлээн баран кинилэргэ тэҥнэһиминэ, киһи стресскэ түһэн хаалар. Аны салгыммыт киртийдэ – сайын, күһүн устата буруонан тыынан таҕыстыбыт. Ол аайы хааммыт хойдор.
Ол хойдубут хааны капилляр нөҥүө таһааран саҥа хаан үөскүүрүгэр көмөлөһөбүн. Оччоҕо киһи иммунитета көтөҕүллэр. Стресстээбит, сылайбыт дьон наһаа чэпчииллэр. Утуйбат буолбут дьон уулара көнөр. Онон туох баар ыарыыга барытыгар барсар дии саныыбын. Арай онкологиялаахтарга, хат дьахталларга, ыйдааҕылара кэлэ сылдьар кэмнэригэр, грипп кэмигэр оҥоһуллубат.
Вакуумнай бааҥканы көхсүгэ, төбөҕө, илиигэ-атахха уурабын. Сүрүннээн остеохондрозтаах дьон кэлэр буоланнар көхсүлэригэр уурабын.
Каппинг-терапия ыарыыны сэрэтии уонна эмтээһин быһыытынан эмиэ барсар. Киһи сүнньүгэр сүгэһэр курдук үөскүүр (вдовий горб) – ону 3-4 сеансынан суох гыныахха сөп. Дьахтар төрүүр-ууһуур уорганнарыгар ууруохха сөп. Төбө ыарыытыгар, варикозка, тоноҕоско, инсулу уонна инфаркты сэрэтии быһыытынан туттуохха сөп.
– Сахалыы хааннааһыҥҥа төһө майгынныырый? Туох туһалааҕый?
– Хааннааһын барыта биир дии саныыбын. Кытайдыы, европалыы, хиджама диэн мусульманныы хааннааһын арааһа элбэх, бары майгыннаһаллар.
Киһи хаана саҥардыллар. 100-250 мл кирдээх хааны таһаарабын. Оччо хааны сүтэрэн баран организм саҥа хааны оҥорон барар. Бааҥка туруорар сирбэр хаста да бысталыыбын, ол аата лейкоцит үрдүүр. Ханнык баҕарар хайа тардыыга организм абырахтанаары лейкоцитын элбэтэн барар.
Уйулҕа, эмоциональнай турук биллэ тупсар.
– Төһө элбэхтэ хааннатар сөбүй?
– Сэрэтии курдук сыл аҥаарыгар биирдэ сылдьар ордук. Сылга саатар биирдэ ыраастатар үчүгэй.
– Дьыл кэмиттэн тутулуктаах дуо?
– Дьыл кэмиттэн тутулуга суох. Былыр дириҥник хайытар буоланнар кыһын оҥоһуллубат дииллэрэ. Билигин ону ыйытар киһи элбэх. Мин тириини 1 мм эрэ тэһэбин, ол иһин ол туох да куттала суох. Бастакы үс күҥҥэ халыҥнык таҥнан, сууммакка сылдьа түһүөххэ наада.
Күһүн уонна саас ордук табыгастаах. Айылҕа уларыйар бириэмэтигэр киһи организма эмиэ уларыйар. Бу кэмҥэ хааннатар ордук туһалаах.
КИҺИ БЭЙЭТИН БЭЙЭТЭ МАССААСТАНЫАН СӨП
– Массаас киһиэхэ туһатын бары билэбит. Массааска хаһан тиийиэхтээхпитий?
– Хамсаммат дьон массааска сылдьа сатыыллар. Ол эрээри наһаа хойут, быччыҥнара барыта таастыйбытын кэннэ кэлэллэр – ол сыыһа. Киһи бэйэтин бэйэтэ билиниэхтээх. Быччыҥҥа блок үөскүүрүн киһи бэйэтэ өйдөөмүөн да сөп. Кытаатан хаалбыт быччыҥы сымнатарга өр үлэлиэххэ наада. Санаа-оноо барыта онно түмүллэн хаалар, онтон босхолонору сатыахха наада.
Сыл аҥаарыгар биирдэ 7-10 сеанс массаастанар туһалаах. Киһи кыаҕа арыллар, сэниэлэнэр, үйэтэ уһуур.
– Киһи бэйэтэ бэйэтин массаастаныан сөп дуо?
– Хайаан да массаастана сылдьыахха наада. Ханнык баҕарар киһи бэйэтэ массаастанар кыахтаах. Холобур, туохха эрэ атахпытын саайан баран имэринэн барабыт дии, син ол курдук.
Киһи этэ-сиинэ барыта “проекционнай зона” диибин. Ол аата сирэйбитигэр барыта көстө сылдьар. Киһи сүүһэ – ас буһарар уорганнарын туругун көрдөрөр. Мурун – үөс, куртах. Сыҥаах, сэҥийэ – төрүүр-ууһуур уорганнарбыт. Кулгаахтарбыт – бүөрдэрбит. Билигин интэриниэт үйэтигэр бэйэҕит көрөн туочукаларынан массаастаныаххытын сөп.
Маны таһынан, физкультура хайаан да наада.
– Массаас, гирудотерапия, каппинг иммунитеты бөҕөргөтөр кыахтаахтар дуо?
– Иммунитеты көтөҕөр, организмы эмтиир кыахтаахтар. Тастан химия, эмп киллэрбэккэ киһи бэйэтин этин-сиинин кыаҕынан эмтэнэр.
Дьахталлар аһыы утахха убаммыт кэргэттэрин ыытааччылар. Арыгылааһын куһаҕанын кэпсии-кэпсии, кирдээх хаанын көрдөрө-көрдөрө эмтээтэхпинэ куһаҕан дьаллыктарын бэйэлэрин санааларынан бырахпыттар элбэхтэр.
Ханнык баҕарар ыарыыны сэтэрдибэккэ, аһара ыыппакка эмтэнэн иһиэххэ наада. Өлөөрү гыннахпытына биирдэ бырааска барарбыт улахан сыыһа. Сэрэтии барытын быһаарар.
Нина Слепцова (@n.in.stagram) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.