«Өймөкөөн – Тымныы оройо» марафон бэһис төгүлүн ыытыллаары турар
Бу бээтинсэҕэ, тохсунньу 12 күнүгэр, Сахабыт сирин тымныыта муҥутаан сатыылаан турар кэмигэр, уһук хоту Өймөкөөн оройуонугар үбүлүөйдээх бэһис «Өймөкөөн – Тымныы оройо» марафон буолаары турар.
Быйылгы сүүрүү икки эрэ дистанцияҕа ыытыллара күүтүллэр: 21 км 100 миэтэрэ (полумарафон) уонна 42 км 195 миэтэрэ (марафон). Айылҕа уһулуччу тыйыс усулуобуйатыгар ыытыллар марафоҥҥа 40 спортсмен кыттарга бэлэмнэнэр: 24 киһи – полумарафоҥҥа, 16 – марафоҥҥа. Кыттааччылар ортолоругар Москва куорат, Смоленскай, Курскай, Владимирскай, Кемеровскай, Новосибирскай уобаластар, Удмуртия бэрэстэбиитэллэрэ уонна хаһаайыттар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уҥмат тыыннаахтара бааллар. Тэрийээччилэринэн «Тымныы полюһа» спорт кыһыҥҥы экстремальнай көрүҥнэрин сайыннарыыга уопсастыбаннай тэрилтэ уонна «Өймөкөөн оройуона» муниципальнай тэриллии буолаллар. Күрэс генеральнай спонсора – спорт экстремальнай көрүҥнэригэр табыгастаах тэрили оҥорон таһаарааччы BASK хампаанньа.
Санатар буоллахха, 2022 сыллааҕы сүүрүүгэ 30 спортсмен кыттыыны ылбыта, 2023 сыллаахха – 45. Бэлиэтээн эттэххэ, ааспыт түөрт марафоҥҥа сүүрүүнү таптааччылары көҕүлүүр сыаллаах 5 уонна 10 км уһуннаах дистанциялар бааллара, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.