30.03.2022 | 16:34

Өймөкөөн – доҕордоһуу туоната

Өймөкөөн – доҕордоһуу туоната
Ааптар: Маргарита СТЕПАНОВА (Акимова)
Бөлөххө киир

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйэ буолара лоп курдук биир ыйын бэлиэтээн, кулун тутар бүтэһик күннэригэр ахсыа буоламмыт икки массыынанан Дьокуускай - Өймөкөөн - Дьокуускай хайысханан айаннаан кэллибит. Биһиги – 1985 сыллаахха Саха АССР араас оскуолаларын бүтэрбит выпускниктар.

Автодесаммыт сыала-соруга – ыраах Өймөкөөн улууһугар олорор үөлээннээхтэрбитигэр былырыын ыытыллыбыт «Үтүө дьыала Кубога” хамсааһыммыт туһунан «Киин куорат» хаһыакка тахсыбыт ыстатыйалары билиһиннэрии, ол түмүгүнэн устубут документальнай киинэбитин көрдөрүү, ырыа хомуурунньугар Өймөкөөнтөн киирбит доҕотторбутун кытта атах тэпсэн олорон билсиһии, «Выпуск-85» түмсүүбүт иһинэн тахсыбыт биэс кинигэбитин билиһиннэрии, олохтоох оскуолаҕа профориентационнай практическай көмөнү оҥоруу. Уонна, биллэн турар, туристар быһыытынан, Томпо, Өймөкөөн хайаларын, тоҥмот уулаах сирдэрин, аатырбыт Халыма трассатын билэ-көрө.

Ол курдук, «Киин куорат» хаһыаппытын олохтоох музейга, библиотекаҕа, оскуолаҕа бэлэхтээтибит, Томтор нэһилиэгин үөрэнээччилэрин, учууталларын кытта көрсүһүүнү тэрийдибит. Оҕолор бэйэлэрин санааларын аһаҕастык этинэн, икки өттүттэн сэргэх кэпсэтии буолан ааста. Үөрэххэ туттарсыыга практическай көмөнү Лилиана Ивановнаттан ылбыттарын ордук астынан бэлиэтээтилэр. Оскуоланы бүтэрэн да баран маннык түмсүүлээх буолуохха сөбүн сөхпүттэрин этиннилэр. Томтор оскуолатын иһинэн үлэлиир музейга Өймөкөөн оройуонун историятын билистибит.

Аан дойду араас муннугуттан кэлбит туристар тохтоон, өрөөн, сынньанар ааһар сирдэригэр – Ыалдьыт дьиэтин тумнубатыбыт. Хаһаайка Тамара Егоровна сылаас, минньигэс аһынан көрүстэ. Киэһэ олохтоох кулуупка 1985 сыллааҕы олохтоох выпускниктары кытта көрүстүбүт. Түмсүүбүт бастакы күннэриттэн саҕалаан, зодиагынан бөлөхтөр, Кубокпыт үлэтин, флешка, кинигэлэр уонна икки документальнай киинэбит туһунан иһитиннэрии оҥордубут. Олохтоохтортон бэйэбит үөлээннээхтэрбит мелодист Любомир Кондаков ырыаларын, выпускпут кыыһын оҕотун толоруутугар хомус дьүрүскэн тыаһын иһиттибит. Автодесант кыттыылааҕа Хаҥаластан Изабелла сахалыы оһуохайы оройуттан тутта.

Олохтоох үөлээннээхтэрбит остуол хотойорунан тарпыт астарын тула кэпсэтии, күлсүү, үөрүү, үҥкүү үктэлинэн дьоро киэһэ буолан ааста. Сарсыарда бары тутуспутунан Индигир хомотун тоҥмот үрэҕин үрдүгэр шашлык, тоҥ быар кэһиилэринэн күндүлэтэн,  салгыы атын бөһүөлэккэ тэрийбит быыстапкаларын сэргии көрдүбүт. Детсадка сылдьар саастаах кырачааннарга сөптөөх Өймөкөөн сирин уратытын көрдөрөр комплект көстүүмнэрин, онон оҥорбут халандаардарын сөҕө-махтайа көрдүбүт.

Салгыы бааһынай хаһаайыстыбаҕа сылдьан саҥа төрөөбүт саха ынаҕын оҕотун, далга көҥүл сүүрэн мотохоччуйар кулунчугу, эйэргэһэ көрсүбүт ыттары көрүү – туһунан ураты. Өймөкөөн сирэ-уота дьоннуун, дьиэ кыылларыныын кытта сылаастык,  сымнаҕастык көрүстэ. Дьөһөгөй ыйын бэлиэлэрэ сыспай сиэллээх мааны, тот көрүҥнээх сылгы үөрэ кытта атааран, төттөрү Томторго кэллибит.

Томторго литературнай-краеведческай музейга үөлээннээхпит Айталина уурбут-туппут курдук сааһылаан сэһэргиирин биир тыынынан иһиттибит.

Бу дойдуга үктэммит эрэ барыта Чысхаан резиденцията диэн ытык хайа анныгар баар сири таарыйбакка ааспат. Бу ханна да суох ураты тэрилтэ салайааччыта биһиги үөлээннээхпит Айталина буоларынан киэн тутуннубут. Кыыспыт сиртэн тэйэрдии чэпчэки-чэпчэкитик дугунан хаамара, аргыый-наллаан хамсанара, номоҕон дьүһүнэ, эйэҕэс эйээркэй куолаһа барыбыт куппутун тутта. Аан дойду тымныыта эһиилгэ диэри бу хайа иһигэр эһэ тириитинэн харабылланан хараллар эбитин биллибит. Аан дойду Тымныы оҕонньотторо тымныыларын уораанын манна Чысхааҥҥа аҕалан туттаралларын  иһиттибит.

Бу кэмҥэ бөһүөлэккэ уот суох буолан, чахчы да, цивилизацияттан арахсан, остуоруйа дойдутугар сырыттыбыт. Манна Выпуск-85 хомус тыаһын уонна сахалыы тойугу туристартан бастакынан иһитиннэриибит эмиэ дьикти түгэн буолла.

Ыраах санаабынан эрэ тиийэр Сахабыт сирин биир ытык сиригэр үктэнэр дьоллоох күннэри бэлэхтээбит Өймөкөөҥҥө олохтоох үөлээннээхтэрбитигэр махтал мааныта буоллун! Иилээн-саҕалаан, түмэн, быһааран, көҕүлээн сырытыннарбыт Лилианабытыгар, төрөөбүт дойдутун устун ытыс үрдүгэр ыалдьыттаппыт Аннабытыгар, утуйар ууларын умнан туран сыыдам айаны хааччыйбыт эр хоһууттарбытыгар Евгенийга, Радиславка, өбүгэ үйэлээх ырыатын уоһуттан түһэрбэккэ илдьэ сылдьар Изабеллаҕа, ханнык баҕарар айаны алгыһынан айхаллыыр Лизаҕа, көмүс түгэннэри мүлчү түһэрбэккэ түһэрэн ылар Валяҕа биирдии бэйэҕитигэр махтанабын.

Чэгиэн, чөл туруктаныҥ! Чугас дьоҥҥут, үлэҕит, хаһаайыстыбаҕыт, айар үлэҕит, саныыр санааларгыт барыта санааҕыт хоту буолан үүнэ, чэчирии, сайда турдун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...