Өймөкөөҥҥө эдэрдэри кытта үлэ
Дьоҕурдаах ыччаты көрдүүр үөрэхтээһин экспедицията бу саас өрүс илин эҥэр улуустарынан, Кэбээйинэн уонна Горнайынан сылдьыбыта. Бу сырыыга эдэр талааннары көрдүүр III-с экспедиция сэтинньи 17-20 күннэригэр хоту Өймөкөөн улууһугар баран кэллэ.
Наука, искусство уонна спорт эйгэлэригэр 15 киһилээх үлэлиир бөлөх Уус Ньаранан, Томторунан сылдьан, Өймөкөөн, Үчүгэй, Сордоҥноох сэлиэнньэлэрин оҕолорун, учууталлары, тренердэри кытта көрүстэ. Көһө сылдьан үлэлиир бөлөҕү Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка солбугу бэлэмниир киин дириэктэрин солбуйааччы Аграфена Колесова салайда.
Сүрүн баайбыт – оҕо
Ити үөһэ этиллибит хайысхаларга – математикаҕа, физикаҕа, музыкаҕа, балекка уонна спорт араас көрүҥэр – дьоҕурдаах 600-кэ оҕону кытта өрөспүүбүлүкэ анал үөрэхтээх исписэлиистэрэ үс күн тилэри үлэлээтилэр.
Бу туһунан Өймөкөөн улууһун баһылыга Иннокентий Сивцев санаатын үллэһиннэ:
– Оҕо аймах – биһиги сүрүн баайбыт. Кэлэ сылдьар үөрэхтээһин экспедицията олус наадалаах уонна улахан суолталаах бырайыак. Тоҕо диэтэххэ Сахабыт сирэ наһаа киэҥ, санаммыт эрэ барыта, оннооҕор Дьокуускай куоракка тиийэр кыаҕа суох. Ол иһин наука, искусство уонна спорт эйгэлэрин хабар бу курдук комплекснай экспедиция миэстэҕэ тиийэн үлэлээһинэ биһиэхэ, олохтоохторго, улахан көмө, өйөбүл. Үүнэр эдэр талаан сир ахсын баар, элбэх. Ону кэмигэр көрдөөн булуохха, сайыннарыахха эрэ наада. Биһиги дьоҕурдаах оҕолорбут өрөспүүбүлүкэ, бүтүн дойду уонна аан дойду таһымнаах куонкурустарга, күрэхтэһиилэргэ кыттар кыахтаахтар, кытталлар даҕаны. Чуолаан, тыа сирин олоҕо-дьаһаҕа, үлэтэ-хамнаһа уһуйааннар, оскуолалар, култуура, спорт эбийиэктэрин көдьүүстээх үлэлэриттэн быһаччы тутулуктаах. Биһиги талааннаах оҕолор үүнэллэригэр-сайдалларыгар, дьоҕурдарын арыйарга табыгастаах усулуобуйаны тэрийэр сыаллаахпыт-соруктаахпыт. Манна, хоту сиргэ, барыта санаа курдук буолбатах, материальнай базабыт аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр гына уларытыыны-тэлэритиини, саҥардыыны эрэйэр. Ол да буоллар оҕолорбут кэккэ ситиһиилэринэн үөрдэ тураллар. Маннык үөрэхтээһин экспедицията биирдэ эрэ буолбакка, куруутун кэлэ турарыгар, дьоҕурдаах оҕолорбутун сыл ахсын булан таһаартыырыгар баҕарыам этэ.
Экспедиция биир сүрүн хайысхата оскуола үөрэнээччилэригэр математикаҕа, физикаҕа билиилэрин тургутар олимпиадалары ыытан, музыкальнай инструменнарга оонньуур, балет артыыһа буолар дьоҕурдарын, эт-сиин өттүнэн сайдыыларын бэрэбиэркэлииргэ туһаайылынна, маастар-кылаастар ыытылыннылар. Тургутууну ааспыт оҕолорго Дьокуускайга баар Музыка үрдүкү оскуолатыгар, балет оскуолатыгар, Наукалар дьоҕус Академиятыгар, чэпчэки атлетика, тустуу, буулдьанан ытыы көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандаларыгар кэлэн эрчиллэллэригэр сүбэлэр бэрилиннилэр.
Хараҕа уоттаах хараҕа уоттаах
Ханна даҕаны, ол иһигэр тыа сиригэр, дьон дьылҕата миэстэтигэр үлэлии сылдьар биирдиилээн дьонтон, каадырдартан, кинилэр хайдах-туох, төһө бэриниилээхтик, эппиэтинэстээхтик үлэлии сылдьалларыттан тутулуктаах. Уус Ньаратааҕы оҕо спортоскуолатын дириэктэрэ Игорь Ружицкай үйэ аҥаара анараа өттүгэр тутуллубут Халыма эргин бастакы уонна соҕотох сөтүөлүүр бассейны, спортивнай сааланы дьиҥнээх хаһаайын быһыытынан сыһыаннаһан үлэлэтэр, спорт маассабай уонна национальнай көрүҥнэрин өрө тутан сайыннарар. Харбааһын тренерэ Ирина Васильева спорка дьоҕурдаах оҕолору харахтарын “уотунан”, тренери болҕомтолоохтук истэллэринэн, сорудаҕы толорорго кыһаллалларынан быһаарыахха сөп диэн санаалаах. Остуол тенниһин тренерэ Владимир Пестряков оҕо дьоҕура дьиэ кэргэниттэн, төрөппүт таба өйдөөһүнүттэн, оҕо өһөс, сынтарыйбат майгытыттан, дьарыкка баҕарар күүһүттэн саҕаланар диэн бэйэтин санаатын кытта үллэстэр. Алена Егорова дириэктэрдээх Николай Заболоцкай – Чысхаан аатынан Томтор орто оскуолатыгар үөрэх уонна спорт дьүөрэлэһэллэр, бииргэ тутуллаллар. Предметнэй олимпиадаларга, Саха сирин уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустарыгар көхтөөхтүк кытталлар, орто оскуолаттан спорт маастардара үүнэн тахсаллар. Лена Винокурованан, Екатерина Балаеванан, Георгий Софроновынан киэн тутталлар.
Өймөкөөн сэлиэнньэтин тустууга тренерэ Андрей Стефанчук тыа сиригэр олорор оҕолор айылҕаны кытта алтыһан, “хара” үлэҕэ эриллэн, эт-сиин өттүнэн быдан сайдыылаахтарын, бэйэлэрин кыаналларын, нэһилиэк баһылыга Павел Васильев өйөөһүнүнэн соҕуруу Москванан, Белоруссиянан сылдьыталыылларын; Коркин оскуолатыгар тустууга дьарыктаммыт Төрүт оскуолатын физруга Павел Атласов тыа оҕото дэгиттэр сайдыылааҕын, бу экспедиция сырыытыттан дьарык саҥа ньымаларын ылбыттарын тустарынан эттилэр. “Сүрэхпэр доҕотторум бука бары” уус-уран киинэҕэ аатырбыт бөҕөс Сахаачча оруолун толорбут Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх-уустаах тустуу тренерэ Дьулус Егорович Өймөкөөн сирин-уотун, дьонун-сэргэтин сөбүлээн олохсуйарга санаммытын, киин сиртэн тэйиччи буоланнар, бэйэлэригэр “буһалларын-хаталларын”, айылҕалаах, улахан ыйааһыҥҥа тустар уолаттар баалларын, төрөппүттэр оҕолорун булка уһуйалларын, хоту сир оҕолоро эт-сиин өттүнэн кыахтаахтарын, толкуйдаахтарын; өбүгэ оонньууларынан дьарыктыыр Томтор физкультураҕа учуутала Александр Харитонов талааннаах оҕолор элбэхтэрин, сырыы-айан кыайтарбатын, оҕолору таһырдьа ыраас салгыҥҥа дьарыктаан, күүс-уох иҥэрэллэрин кэпсээтилэр. II-с Бороҕон нэһилиэгин баһылыга Алексей Винокуров урукку үтүө үгэстэр салҕаналларын, өрөспүүбүлүкэ турнирдарын, бэстибээллэрин тэрийэн ыыталларын, инньэ гынан талааннаах оҕолор, ыччаттар бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан, ситимин быспакка тахса туралларын, кэрэ-бэлиэ сирдэр омуктар болҕомтолорунан туһаналларын, туризм сайдан эрэрин, саха сылгытын Лондоҥҥа тиэрдэр сыал-сорук туруоруллубутун тустарынан иһитиннэрдэ. Онуоха историяны көрдөрөр-кэпсиир музейдар, хайа аннынааҕы “Тымныы саарыстыбата” иитэр-үөрэтэр суолталара сүҥкэнин бэлиэтээтэ.
Талаан болҕомтону эрэйэр
Экспедиция исписэлиистэрэ миэстэҕэ ыытыллар үлэни, үөрэтии-иитии хайысхаларыгар тэриллэр усулуобуйаны, оҕолор сайдыыларын кыраҕытык кэтээн көрдүлэр. Бэрдьигэстээхтээҕи спортоскуола буулдьанан ытыыга тренерэ Герасим Дьяконов бултаах-астаах улууска буулдьанан ытыы суоҕун үрдүнэн ытыыга дьоҕурдаах оҕолор баалларынан, буулдьанан ытыы оскуолатын тэрийэр наадатын, үс оҕону бэйэтин оскуолатыгар ыҥырбытын эттэ. Сунтаар спортоскуолатын тренерэ, өрөспүүбүлүкэ быһыйа Михаил Слюсарь дэгиттэр сайдыылаах, сылбырҕа хамсаныылардаах оҕолор баалларын бэлиэтии көрдө. Мас тардыһыыга аан дойду чемпиона Евгений Удин маастар-кылаастарын оҕолор сэргии көрдүлэр. Д. П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интэринээт тустууга тренерэ Альберт Макаров маастар-кылаастара ураты болҕомтону ыллылар. Чурапчыттан фортепианоҕа норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар лауреаттара Константин Данилов талааннаах оҕолор баалларын, музыкальнай инструменнары баһылыыр баҕалаахтарын бэлиэтээтэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун артыыската, прима-балерина Гульнара Дулова балет оскуолатыгар үөрэниэн сөптөөх биир уол оҕону булбут үөрүүтүн үллэһиннэ. Физика, математика олимпиадаларын дьүүллүүр сэбэлэрин чилиэннэрэ Тиит Павлов, Любовь Попова, Алексей Григорьев Наукалар дьоҕус Академияларыгар үөрэнэр кыахтаах оҕолор баалларын, бу наукаларга анал үөрэхтээх исписэлиистэр тиийбэттэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Ити курдук экспедиция кыттыылаахтара ыраах хотугу эргимтэҕэ наука, култуура, спорт бары эйгэтигэр талааннаах оҕо үгүһүн, миэстэтигэр усулуобуйа суоҕунан, киин сиргэ анал оскуолаларга тиийэн үөрэниилэрэ төрөппүттэртэн быһаччы тутулуктааҕын туһунан түмүк оҥордулар. Буолан ааспыт экспедиция үлэтин түмүгүнэн Өймөкөөн улууһугар дьоҕурдаах оҕолору кытта үлэҕэ хамсааһын тахсарыгар эрэл кыыма күөдьүйдэ.