Үйэлээх үбүлүөйү үйэтиппит хартыына миэстэтин булла
Федот Гаврильевич Макаров – дириҥ далай ис туруктаах, киэҥ көрүүлээх, айылҕаттан айдарыылаах, үтүөкэн үлэһит биир дойдулаахпыт СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ, РФ, СӨ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, ''Русская живопись'' Бүтүн Арассыыйатааҕы түмсүү чилиэнэ.
Бу күннэргэ Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн эрэ буолбакка, бу эйгэнэн сибээстээн Арассыыйа да үрдүнэн үтүөкэн сонун тилийэ сүүрдэ: «Үөһээ Бүлүүгэ ураты суолталаах күн буолла. Живописец Федот Гаврильевич Макаров Исидор Барахов, Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Марфа Потапова кыттыылаах Сэбиэттэр 1-кы Бүттүүн Саха сиринээҕи сийиэстэрин кыттыылаахтарын улахан иэннээх болотунаҕа суруйан, үйэлээх бэлэх оҥордо», -диэн. Биһиги бэрт түргэнник сибээскэ тахсан, бу үлэ устуоруйатын сурастыбыт, кэпсэттибит.
– Федот Гаврильевич, дьэ, дьоһун кэмҥэ, бэлиэ күҥҥэ ураты суолталаах үтүөкэн да түгэн! Маннык түгэн эмискэ, соһуччу буолбатаҕа чуолкай… Санаабар, бэйэтин кэмин, чааһын күүппүт сүдү үлэ диэн сыаналыыбын. Хайдах, туохтан саҕаламмытай?
– Бу үлэни «оруобуна субу курдук” диэн харахпар ойуулаан көрбөтөрбүн да, сүрүн барылын, идиэйэтин сүрэхпэр-дууһабар иитийэхтээбитим хас эмит уон сыл буолла. Эппитиҥ курдук, бэйэтин кэмин күүтэн-кэтэһэн, хайдах эрэ ис-иһиттэн ситимнэһэн, өйдүүр-өйүүр дьоннор санаабар санаа, күүспэр күүс эбэн, тахсан истэ. Элбэх матырыйаал үөрэтилиннэ, көрүлүннэ-истилиннэ, чинчийилиннэ. Биһиги, сахалар, айылҕаны кытта ыкса сибээстээхпитин өссө төгүл эппинэн-хааммынан, өйбүнэн-санаабынан биллим. Улуу убайдарым арыллан-аһыллан биэрэн, матырыйаал көстөн истэ, суруйарбар да сөбүлэҥнэрин биэрэллэрэ биллэргэ дылы этэ.
– Ити кэлиҥҥи этиигэр олох 100% сөбүлэнэбин. Аҕыйах хонуктааҕыта Саха норуодунай артыыһа Г.Н. Шахурдина байаан туһунан буруолуу сылдьар ырыатыгар «Валерий Ноев көҥүл биэртин”, онон кини кэриэһигэр анаабытын кэпсээтэ. Көмө-тирэх дьонум бааллар диэтиҥ. Кимнээҕий?
– Биллэн турар, бастатан дьиэ кэргэним – кэргэним, оҕолорум. Биир сыл устата бу хартыынаттан ураты тугу да гымматым… Махталым улахана үөлээннээхпэр, оҕо сааһым доҕоругар Бронислав Семенович Пельменевкэ, ытыктыыр, сүгүрүйэр, аҕам курдук тумус туттар киһибэр, уһуйааччыбар, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, «Доҕордоһуу уордьан» кавалера, живописец Н.Н. Иннокентьевка, Саха тыйаатырын худуоһунньуктара Михаил Егоровка, Дарья Дмитриеваҕа, арааматын, айаҥҥа бэлэмнээһинин оҥорбут доҕорбор Атласов Юрий Николаевичка. Саха тыйаатырыттан оччолордооҕу таҥас-сап эмиэ уларсыллыбыта. Сиэр-туом оҥорбут доҕорбор Федотов Дмитрий Васильевичка махтанабын. Хартыынам чэрчитинэн саҥа, сонун сэһэргэһиилэр, көрсүһүүлэр да бааллар. Холобура, суруйааччы, драматург, үрдүк таһымнаах салайааччы Д.Ф. Наумовы ыраахтан истэн билэр буоллахпына, бу күннэргэ сэһэргэһэн, кэпсэтэн, билиибин эбинним, кини киэҥ эйгэтиниин алтыстым. Үөһээ Бүлүү улууһун салалтатыгар, бу тэрээһин иһинэн боппуруостарга хас биирдии алтыспыт дьоммор ис сүрэхпиттэн махтанабын. Кинилэр бу үлэҕэ харыстабыллаах, махталлаах сыһыаннара ама кими үөрдүбэт буолуохтарай?!
– Дьэ ити курдук сааскы сайаҕас кэм сандаархай сардаҥаларынан сырдаан, айыыһыт ыйын аламаҕай санаатыгар уйдаран, сүрдээх сэргэх кэпсэтии буолла. Биһиги, хатастар, үөрүөхпүт-киэн тутттуохпут туһугар Федот Гаврильевич төрөөбүт төрүт дойдутун кытта сибээһэ куруутун ситимнээх, силистээх-мутуктаах.