10.01.2024 | 16:00 | Просмотров: 455

«Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы 2023 сылга 8 733 ыал туһаҕа таһаарбыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2023 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ананар «Үйэ оҕолоро» дьиэ кэргэн тус сыаллаах хапытаала 20 553 ыалга бэриллибит, ол иһигэр 8 733 ыал уопсайа 699 мөл. солкуобай суумалаах үбү номнуо туһаҕа таһаарбыт.
«Үйэ оҕолоро» дьиэ кэргэн хапытаалын туһаҕа таһаарыы сүрүн хайысхаларынан үгэс курдук олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыы (520 мөл. солкуобай суумалаах 6 681 сайабылыанньа) уонна тырааныспар атыылаһыы буолаллар (166 мөл. солкуобай суумалаах 1 867 сайабылыанньа).
48 ыал «Үйэ оҕолоро» хапытаал харчытын бааҥҥа оҕо аатыгар уурунуу арыйан укпут, 47 ыал – кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга туһаҕа таһаарбыт, 44 ыал — оҕону үөрэттэриигэ, 29 ыал – оҕоҕо үрдүк технологиялаах көмөнү оҥорууга, 17 ыал – дьиэ кэргэнинэн дойду иһигэр сынньаныыга. 2023 сылга өрөспүүбүлүкэтээҕи «Үйэ оҕолоро» хапытаал харчытын чааһынай дьиэҕэ гаас киллэртэриигэ туһаҕа таһаарыахха сөп буолбута. Бэлиэтээн эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы туһаҕа таһаарыы хайысхата элбээбитин, хапытаалы анаттарар эмиэ муҥутуур судургутуллубутун ааһан, биэс сылга уһатыллан биэрбитэ. Ол эбэтэр «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕалаан 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт оҕолорго барыларыгар бэриллэр. 2024 сылга «Үйэ оҕолоро» дьиэ кэргэн хапытаалын суумата индексация түмүгэр 110 тыһыынча солкуобайга тиийэн турар, диэн иһитиннэрэр СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.