“Өйдөбүнньүк саада”: ким да умнуллубат, туох да умнуллубат
Бүгүн Кыайыы пааркатыгар “Өйдөбүнньүк саада” аахсыйа ыытылынна. Бу норуоттар икки ардыларынааҕы тэрээһин быйыл иккис сылын биллэрилиннэ. Тэрийээччилэр – “Кыайыы волонтердара” Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай хамсааһын уонна Кыайыы полководецтарын өйдөбүнньүк пуондата.
Аахсыйаҕа Дьокуускай куорат дьаһалтатын, экология министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Сүрүн партнерунан “Высочайший” публичнай акционернай уопсастыба буолла.
“Аахсыйа сүрүн сыала – Аҕа дойду Улуу сэриитигэр олохторун толук уурбут буойуннары кэриэстээн, дойду үрдүнэн 27 мөлүйүөн маһы олордуу. Бүгүн Кыайыы пааркатыгар 550 маһы олордуохпут: 500 хатыҥы уонна 50 харыйаны”, – диэтэ экология миниистирин солбуйааччы А.Н. Агеев.
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев: “Биһиги бу аахсыйаҕа кыттан, Кыайыыны уһансыбыт хорсун-хоодуот буойуннарбытын кэриэстиибит. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат”, – диэтэ. Итиэннэ бу эбийиэккэ 2021 сылга туох үлэ ыытылларын кэпсээтэ.
“Быйыл Кыайыы пааркатын тутуутугар былырыын саҕалаабыппытын салҕыахпыт. Ол курдук, кюар-куод көмөтүнэн мемориальнай маршрут оҥоһуллуоҕа. Онно саллааттар сэрии сылларыгар суруйбут суруктара киириэҕэ. Маны таһынан уопсай тупсарыы үлэтэ ыытыллыаҕа”, – диэтэ куорат баһылыга.
Аахсыйаҕа кыттыбыт дьон олордубут мастарыгар (харыйаларга) Дьокуускай куораттан сэриигэ ыҥырыллыбыт саллааттар ааттарын суруйан ииллилэр. Евгений Григорьев олордубут харыйата Федоров Иннокентий Афанасьевич диэн буойун сырдык аатын үйэтитиэҕэ.
“Өйдөбүнньүк саада” аахсыйа биһиги дойдубутугар кулун тутар 18 күнүгэр биллэриллибитэ уонна бэс ыйын 22 күнүгэр түмүктэниэҕэ.
Ааптар түһэриилэрэ.