09.05.2024 | 04:13

«Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» аахсыйаҕа 10 тыһыынчаттан тахса киһи кытынна

«Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» аахсыйаҕа 10 тыһыынчаттан тахса киһи кытынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 8 күнүгэр Кыайыы болуоссатыгар буолан ааспыт «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» аахсыйаҕа 10 000 тахса киһи кыттыыны ылла.

«Илиибитигэр тутан турар чүмэчилэрбит Кыайыы туһугар олохторун толук уурбут мөлүйүөнүнэн саллаат, концлааҕыр сиэртибэтэ буолбут мөлүйүөнүнэн дьылҕа, тыылга кыайыыны уһансыбыттарга өйдөбүнньүк бэлиэтэ. Саха сириттэн Аҕа дойду  сэриитигэр 62 тыһыынча киһи аттаммыта уонна аҥаардара төннүбэтэҕэ. Тыылга хаалбыттар бэйэлэрэ хоргуйалларын аахсыбакка, Кыайыы туһугар бүтэһиктэрин кэрэйбэтэхтэрэ. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат»,– диэтэ Евгений Григорьев.

Бу күн уонунан тыһыынча чүмэчинэн Кыайыы болуоссатыгар «Помним» диэн тыл сурулунна, аахсыйаҕа кыттааччылар ортолоругар Бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, Ил Түмэн, Куорат дууматын дьокутааттара, Олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ, тэрилтэлэр салайааччылара, Арассыыйа Дьоруойа Николай Соболев, куорат олохтоохторо, ыччаттар бааллар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...