06.12.2021 | 16:11

Ыччат сэбиэттэрин бастакы слёттара ыытылынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куоракка  «Ыччат кэмэ - 2021» уокуруктааҕы уонна куорат кытыытынааҕы ыччат сэбиэттэрин бастакы слёттара ыытылынна. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ыччат слётун бырагыраамата киэҥ далааһыннаах буолла. «Ленские зори» сынньалаҥ баазатыгар кыттааччылар социальнай бырайыактааһын технологиятыгар, сүрүн сыаллары уонна соруктары ситиһэргэ, үбү-харчыны сөпкө туттааһыҥҥа үөрэннилэр. Тренинг бырайыагы оҥорон дьүүллүүр сүбэҕэ таһаарарга көмөлөстө.  
Бырайыактар араас хайысхалаахтар, ол иһигэр уопсастыбаннай эбийиэктэри тутуу,  саҥардан оҥоруу уонна өрөмүөннээһин, куорат уокуругун территориятын тупсарыы көҕүлээһиннэрэ, ону сэргэ аһымал, социальнай, волонтердар аахсыйаларын, үөрэҕирии, култуура, спорт уонна да атын уопсастыбаннай тэрээһиннэри ыытыы. 
Кыттааччылар үлэлэрин олохтоох дьаһалта уопсастыбаннай сибээстэргэ уонна ыччат политикатыгар Управлениетын салайааччыта Ирины Атласова бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ сыаналаата.  Сүбэ састаабыгар Дьокуускай куорат кылаабынай архитектора Семён Сергеев, «Центр управления общественными пространствами» муниципальнай автономнай тэрилтэ дириэктэрэ, куорат уокуругун Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Николай Мартынов, ыччат политикатыгар салаа начаалынньыга Андрей Михайлов киирдилэр.
Дьүүллүүр сүбэ улахан интириэһин Сайсары уокуругун спортивнай балаһааккаларын тупсарыыга бырайыага тарта. Итини сэргэ, Тулагы Киллэм нэһилиэгин хамаандата сөтүөлүүр сири куорат олохтоохторун сынньанар сирдэрэ оҥорор сыаллаах тупсарыытыгар анаммыт бырайыага биһирэбили ылла. 
Хамаандалар икки бөлөҕүнэн арахсан күрэхтэстилэр. «Уокуруктар» бөлөххө I миэстэни Сайсары уокуруга ылла, II-с миэстэҕэ – Губинскай уокурук, III-с миэстэҕэ – Автодорожнай уокурук. «Куорат кытыылара» бөлөххө I миэстэҕэ Пригороднай сэл. хамаандата таҕыста, II-с миэстэҕэ –Тулагы Киллэм нэһилиэгэ, III-кэ – Кангалаас мкр.
Бастыҥ оонньооччуларынан Тулагы Киллэм нэһилиэгин хамаандатыттан Елена Егорова уонна Сайсары уокуругуттан Акулина Кубарова ааттаннылар. Олохтоох дьаһалта уопсастыбаннай сибээстэргэ уонна ыччат политикатыгар Управлениетын анал бирииһэ Пригороднай сэл. ыччатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Христина Татарченкоҕа тигистэ. 
Кыттааччылар биир санааларынан, слёт үрдүк таһымнаахтык тэриллэн ыытыллыбыт, ылыллыбыт уопут үлэҕэ туһалаах буолуоҕа. 
Ыҥырыылаах спикердар:
Ольга Вешникова, «Единый ресурсный центр поддержки социально ориентированных некоммерческих организаций и развития гражданских инициатив Республики Саха (Якутия)» кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэ (Пуонда) генеральнай дириэктэрэ;
Маргарита Якушева, СӨ үбү-харчыны сөпкө туттааһын компетенцияларыгар Регионнааҕы киинин салайаччыта;
Иван Степанов, «Индустрия будущего» автономнай кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэ дириэктэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...