Ыччат палаататын саҥа састааба талыллар
Ыччат палаататын чилиэнинэн 18 сааһыттан 35-гэр диэри Дьокуускай куоракка регистрациялаах Арассыыйа Федерациятын гражданина буолуон сөп. Бэһис ыҥырыылаах Ыччат палаататын састаабыгар 30 чилиэн киириэхтэрэ. Куонкурус түмүгэ Дьокуускай куораттааҕы Дуума сайтыгар тахсыаҕа.
Кандидаттар докумуоннарын бастаан электроннай көрүҥүнэн ыытыахтарын сөп: yktgorduma@mail.ru (скан-копия PDF форматтаах буолуохтаах), ол кэнниттэн кумааҕы көрүҥүнэн тиксэриллэр, аадырыһа: Дьокуускай куорат, Ленин уул., 15, 305-с кэбиниэт.
Билсэр төлөпүөн: +74112408821.
Ирдэнэр докумуоннар:
1. Толоруллубут анкета.
2. Кандидат буолар төрүөт: (ханнык көрүҥүнэн туруоруллартан тутулуктаах):
- уопсастыбанный тэрилтэ мунньаҕынан кандидатынан туруорар туһунан быһаарыы;
- Дьокуускай куорат уокуругар баар устудьуоннар тэрилтэлэрин мунньаҕын быһаарыыта;
- кандидатынан туруорбут тэрилтэ үлэһиттэрин мунньаҕын быһаарыытын протокола (18-35 саастаах үлэһитэ 100-тэн итэҕэһэ суох буоллаҕына);
- Дьокуускай куораттааҕы Ыччат сүбэтин, Ыччат сүбэтин административнай-территориальнай тэриллиитин мунньахтарын быһаарыытын протокола.
3. 3х4 кээмэйдээх икки өҥнөөх хаартыска.
4. Тус дааннайдары оҥорорго сөбүлэҥ.
Кандидат баҕа өттүнэн куонкурус хамыыһыйатыгар көхтөөх уопсастыбаннай үлэтин туоһулуур эбии матырыйааллары туттарыан сөп (грамота, махтал суруктар, сертификаттар, дипломнар уо.д.а. копияларын).