29.05.2024 | 13:16

Ыччат Нам алдьархайыттан туора турбат

Ыччат Нам алдьархайыттан туора турбат
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 25 күнүгэр волонтердар уонна ыччат тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ Нам улууһугар тахсан субуотунньук ыыттылар. Бу дьоһун хардыы СӨ Ыччат дьыалатыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтин уонна Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕынан ыытылынна. 


200-чэкэ эдэр киһи, ол иһигэр волонтердар, устудьуоннар этэрээттэрэ уонна актыбыыстар, ыарахан быһыыга-майгыга түмсүүлээхтэрин, биир сомоҕо буолалларын көрдөрдүлэр. Кинилэр уопсастыбаннай территориялары чөлүгэр түһэриигэ, ону тэҥэ Граф биэрэгэр, Маймаҕаҕа уонна Нам оройуонун Хатырык нэһилиэгин олохтоохторугар халаан содулун чөлүгэр түһэриигэ көмөлөстүлэр.
Айыллаан Винокуров салайааччылаах 60-тан тахса киһилээх волонтердар этэрээттэрэ Граф биэрэгэр үлэлээтэ. «Соҕотох олорор ыалга, ону тэҥэ дьиэлэрэ улаханнык эмсэҕэлээбиттэргэ аадырыстаах көмө оҥорорго ураты болҕомтобутун уурабыт. Биһиги олбуордары ыраастааһыҥҥа көмөлөһөбүт, холобур, кыргыттар дьиэлэр истэрин ыраастыырга көмөлөстүлэр, уоннааҕылар сэлиэнньэлэр киин уулуссаларын ыраастааһыҥҥа үлэлээтилэр»,– диэн салайааччы кэпсээтэ.


Маймаҕа сэлиэнньэтигэр 30 киһилээх «ZEMA» уопсастыбаннай тэрилтэ актыбыыстара үлэлээтилэр. Оҕолор бэйэлэрэ бэлиэтииллэринэн, уопсай кыһалҕаҕа аһыныгас сүрэхтээхтэрин көрдөрбүттэр. 
Онон субуотунньук кыттыылаахтара ыарахан күҥҥэ түмсүүлээхтэрин, бары биир киһи курдук толкуйдуулларын, биир санаалаахтарын биллэрдилэр. Ону сэргэ устудьуоннар тутар этэрээттэрин Саха сиринээҕи ыстаабын салайааччыта Айсен Соловьев бэс ыйын 10 күнүттэн Нам оройуонугар эмсэҕэлээбит сэлиэнньэлэргэ 50 байыас үлэлииргэ бэлэмин иһитиннэрдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Сонуннар | 08.09.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Понедельник, 9 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Проавто 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+...