22.03.2022 | 18:00

«Ыччат – Дьокуускай куорат сайдар энергията 2022» дьыалабыай оонньуу саҕаланна

«Ыччат – Дьокуускай куорат сайдар энергията 2022» дьыалабыай оонньуу саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 21 күнүгэр киин куоракка X-с үбүлүөйдээх «Ыччат – Дьокуускай куорат сайдар энергията 2022» дьыалабыай оонньуу саҕаланна. Бу туһунан Дьокуускай куорат уопсастыбаннай сибээстэргэ уонна ыччат бэлиитикэтигэр Управлениета иһитиннэрдэ.
Кыттааччылар бастакы көрсүһүүлэригэр куорат баһылыга Евгений Григорьев эҕэрдэ тылы эттэ.
««МЭР» дьыалабыай оонньуу баар буолан куораппытыгар көхтөөх ыччат элбэх идиэйэлэрэ олоххо киирдэ. Быйыл даҕаны куорат олохтоохторугар наадалаах аныгы этиилэр уонна идиэйэлэр оҥоһуллуохтара диэн эрэнэбин» - диэн бэлиэтээтэ Евгений Николаевич.
Хамаандалар алта ый устата биэс араас түһүмэҕинэн күрэхтэһиэхтэрэ. Хас биирдии түһүмэх быйылгы үбүлүөйдээх дааталарга анаммыт:
1 түһүмэх – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ Сыла;
2 түһүмэх – Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыла;
3 түһүмэх – бастакы сокуон уорганын 200 сыла;  
4 түһүмэх – Арассыыйаҕа култуура нэһилиэстибэтин Сыла;
5 түһүмэх – Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 390 сыла. 
Көрсүһүүгэ тэрийээччилэр кыттааччыларга дьыалабыай оонньуу сүрүн соруктарын уонна түһүмэхтэрин туһунан быһаардылар. Хамаандалар хапытааннара бэйэ-бэйэлэригэр эҕэрдэ тылы эттилэр уонна бары кыттааччыларга ситиһиини баҕардылар.
Манна даҕатан эттэххэ, «МЭР» дьыалабыай оонньуу кыайыылаахтара Олохтоох дьаһалта каадырын резервэтигэр киириэхтэрэ уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...