ЫЧЧАТ ДИПЛОМАТ СУОЛУН ТОБУЛАР
Дьокуускайга Арассыыйа Тас дьыалаларга министиэристибэтин бэрэстэбиитэлистибэтэ норуот дипломатиятын үрдэтэр уонна сомоҕолуур түмсүүлээх. Ол курдук, 2015 сылтан «Интерсфера» уопсастыбаннай тэрилтэ үлэлиир. Бүгүн “Тэтим” балаһаҕа ХИФУ историческай факультетын магистрана, политолог, 2020 сылтан «Интерсфера» уопсастыбаннай тэрилтэ салайааччыта Максим Рязанскай ыалдьыттыыр.
«Интерсфера» хайысхалара
- «Интерсфера» уопсастыбаннай тэрилтэ үүнэр көлүөнэҕэ уонна эдэр ыччакка норуот дипломатиятын үрдэтэр уонна сайыннарар сыаллаах үлэлиир. Биһиги норуоттар икки ардыларынааҕы ыччат сыһыаннаһыыларыгар уонна норуот дипломатиятын салаатыгар араас тэрээһиннэри, компетенцияларбытын сайыннарарга трениннэри ыытабыт.
Өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экономическай сайдыытыгар, уопсастыбаннай-политическай олоҕун кытта быһаччы ситимнээх үлэлии олоробут.
Дипломатия, этикет уонна аан дойдутааҕы сыһыаннаһыыларга идэтийбит сыалы ситиһэргэ хас биирдии киһиэхэ көмөлөһүөхпүтүн сөп. Тас дойдулар бэрэстэбиитэллэрин кытта хардарыта алтыһыы, өрөспүүбүлүкэ туһунан үтүө өйдөбүлү үөскэтии – бу биһиги сүрүн үлэбит буолар.
- Норуот дипломатията диэн тугу ааттыыбытый?
- Гражданскай уопсастыба аан дойдутааҕы сыһыаннаһыыта уонна тас политикаҕа көхтөөхтүк кыттан дойдубутун уонна өрөспүүбүлүкэбитин сайыннарыы диэн өйдүөххэ сөп. Ону таһынан судаарыстыба тустаах политическай интэриэстэрин инники күөҥҥэ тахсар тирэҕинэн ааттыыбыт.
- Быһаччы политиканы кытта сыһыаннаах эбиккит.
- Норуот дипломатията уонна биһиги бырайыактарбыт политика эйгэтин таарыйаллар, интэриэһиргииллэр, эбэтэр атыннык эттэххэ, бу салааҕа компетенция баар.
- «Интерсфераҕа» кимнээх баалларый уонна ыччаты хайдах сүүмэрдиигит?
- Баҕалаах уонна дойду, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар кылааттарын киллэриэн баҕалаах ыччаты түмэбит. Уопсастыбаннай тэрилтэ буолан, хамнас көрүллүбэт. Хас биирдии киириэн баҕалаах ыччакка тустаах куонкурус биллэрэбит, сайабылыанньа суруйаллар, хамыыһыйа күүскэ үлэлиир.
Билиҥҥитэ 20 киһилээхпит. Бары эдэрдэр, 35 саастарын туола иликтэр. Олор истэригэр политолог, экономист устудьуоннар, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ, дипломатияны интэриэһиргиир эдэр ыччат уонна норуоттар сыһыаннаһыыларыгар үлэлии сылдьар исписэлиистэр бааллар. Хас биирдии чилиэн тустаах хайысхаҕа сыһыарыллан үлэлиир уонна үлэни көҕүлүүр.
Бырайыактары олоххо киллэрии
- Максим, элбэх бырайыагы көҕүлүүр эбиккит. Биир эмит салааттан быһа тардан кэпсии түс эрэ.
- Дипломат күнүн көрсө, СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэ үлэһиттэрэ көҕүлээһиннэринэн аан дойду политикатын таарыйар турнирдары ыытабыт. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ сцоиальнай-экономическай сайдыытын ырытар дебаттар, кэпсэтиилэр, санаа атастаһыылара буолаллар. Маны таһынан, 2006 сылтан оскуола үөрэнээччилэригэр “Кэлэр кэм дипломата” дьыалабыай оонньуу күрэҕэ ыытыллар. Сыл ахсын кыттааччылар таһымнара үрдээн иһэрин бэлиэтиирбит тоҕоостоох.
Тас дойдулар уонна Арассыыйа атын куораттарын кытта сибээһи олохтуур, төрүттүүр дьон буоларбыт быһыытынан Москва, Санкт-Петербург уонна Владивосток курдук улахан куораттары кытта үлэлэһэ олоробут. Бу куораттарга баар бэрэстэбиитэллэри уонна дипломатия чилиэннэрин кытта араас хабааннаах лиэксийэлэри, практикум комплекстары, дьыалабыай алтыһыылары үөрэтэбит, чинчийэбит.
Саха сиригэр ыччат политиката сайдар
- Ыччат политиката биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр кэнники сылларга таһыма үрдээтэ. Билигин эдэр дьон сүрдээх сытыы толкуйдаахтар уонна киэҥ билиилээхтэр. Аны туран, биһиэхэ уопсастыбаннай тэрилтэ ахсаана эмиэ элбэҕи этэр. Судаарыстыба ыччат бырайыактарыгар элбэх көмөнү, араас граннары көрөр. Онон билиҥҥи ыччат олоҕу кытта тэҥҥэ хаамарыгар бары усулуобуйа тэриллэр.
Дойду инники кэскилэ быһаччы ыччаттан тутулуктааҕын өйдүүр кэм үүммүтэ үөрдэр.
- Ити аата ыччат политикатыгар кыһалҕа суох диэтиҥ дуо?
- Ыччат кыһалҕаны көрсүөн сөп, мотивацияҕа. Эдэр дьоҥҥо сыал-сорук туруоруу, сөптөөх хайысханы ыйан-кэрдэн биэрии боппуруоһа сытыытык турар. Этэн аһарбытым курдук, усулуобуйа тэриллэн турар. Этэн-тыынан, саҥаран-иҥэрэн, киирэн-тахсан, кэлэн-баран иһэр ыччаты, ама, ким өйүө суоҕай?
- “Кэлэр кэм дипломата” дьыалабыай оонньууга кыттыбыт оҕолор туох ситиһиилэнэллэрий, эһиги өттүгүтүттэн өйөбүл баар дуо?
- Бу күрэххэ кыайбыт оҕолор Арассыыйа бастыҥ үөрэх кыһаларыгар туттарсан киирэллэр. Сорох оҕолорбут ХИФУ-га политология салаатыгар туттарсаллар. Биһиги кыттааччыларбытыгар уонна кыайыылаахтарбытыгар рекомендация биэрэбит. “Кэлэр кэм дипломата” дьыалабыай оонньуу политиканы кытта олоҕун ситимниэн баҕарар эдэр киһи аартыгын арыйар диэххэ сөп.
- Үлэнэн хааччыйыы биһиэхэ хайдаҕый? Мин билэрбинэн, наһаа элбэх ыччат бэйэтин үөрэҕинэн, идэтинэн буолбакка, букатын атын салааҕа үлэлии сылдьаллар...
- Кырдьык, бу кыһалҕа баар. Университеты бүтэрэн баран үлэ сатаан булбаттар. Инникитин биһиги бэйэбит салаабыт өттүнэн ыччакка үлэ буларыгар, олоҕор сөптөөх суолу таларыгар көмөлөһүөхпүтүн, тирэх буолуохпутун баҕарабыт. Былааҥҥа киирэн турар.
Билии-көрүү – ситиһии төрдө
- Ааспыт сылга политолог устудьуоннар «Путь дипломатии» уонна «Академия народной дипломатии” диэн бырайыактары олоххо киллэрэргэ Арассыыйа гранын ылбыт эбиттэр. Бу туһунан кэпсии түс эрэ.
- «Путь дипломатии» бырайыак кыттыылаахтара Арассыыйа тас политикатын уонна дипломатиятын эйгэтигэр билиилэрин- көрүүлэрин, үөрүйэхтэрин ылаллар. Бу бырайыак эмиэ үүнэр көлүөнэ ортотугар гражданскай култуураны үрдэтиигэ уонна патриоттары иитиигэ ананар. Бырайыак чэрчитинэн былырыын 10-ча тэрээһин буолан ааспыта. Ол курдук, экспертэр кыттыылаах аан дойдутааҕы сыһыаннаһыылар теорияларыгар, дипломатическай этикетигэр, омук тылын дьыалабыай эйгэтигэр, быраап эйгэтигэр, норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһиҥҥэ үөрэх лиэксийэлэрин циклэ уонна «Хотугу форум модела» дьыалабыай оонньуу буолбута.
Бырайыак салайааччыта – ХИФУ историческай факультетын 2 кууруһун устудьуона Александр Новоприезжай. Пандемиянан сибээстээн тэрээһин барыта онлайн көрүҥүнэн ыытылынна уонна 250-тан тахса кыттааччыны түмтэ. Бу үлэ түмүгүнэн көрөн, 2021 сылга өссө биир дьыалабыай оонньуу ыытар былааннаахпыт. Норуот дипломатиятын, Арассыыйа тас политикатыгар олоҕуран интэриэһинэй лиэксийэлэри, тэрээһиннэри ыытыахпыт.
Бырайыак сүрүн сыалынан-соругунан норуот дипломатиятын эйгэтигэр компетенциялары, культурнай-историческай үөрэхтэри тэрийии уонна сайыннарыы буолар. Хас биирдии кыттааччы манна ылбыт билиитинэн-көрүүтүнэн омук сиригэр ханнык баҕарар боппуруоһу ситиһиилээхтик быһаарыа, ону тэҥэ норуоттар икки ардыларыгар сыһыаны бөҕөргөтүө диэн бигэ эрэнэбит.
- Кэпсэтииҥ иһин махтал, үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри, дабайыылары.