Ыччат дьаһалтатыгар үлэлиэн баҕалаахтартан сайаапка хомуллан эрэр
Ыччат дьаһалтата Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын судаарыстыбаннай ыччат, дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр уонна уопсастыбаннай сибээстэргэ сүбэлэһэр уопсастыбаннай уорганынан буолар.
Ыччат дьаһалтатын чилиэнинэн буолуохтарын сөп:
- Дьокуускай куорат уокуругун территориятыгар олорор 18-35 саастаах Арассыыйа Федерациятын гражданнара.
- Ыччат дьаһалтатын чилиэнинэн куорат баһылыгын үлэлиир болдьоҕор, биэс сылтан ордуга суох талыллаллар.
- Ыччат дьаһалтатын састаабыгар «Молодежь-энергия развития» (МЭР) куораттааҕы дьыалабыай оонньуу кыайыылаахтара, уокуруктааҕы ыччат сэбиэттэрин, итиэннэ 35 саастарыгар диэри уопсастыбаннай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ киирэллэр.
Ыччат дьаһалтатын үлэтин сыала:
- ыччат, дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр уонна уопсастыбаннай сибээстэргэ ыытыллар үлэҕэ кыттар быраабынан хааччыйыы;
- үөрэнэр, үлэлиир ыччат быраабынан уонна көҥүлүнэн туһаныытыгар көмөлөһүү;
- тус кыахтарын туһаныыга усулуобуйалары тэрийии;
- социальнай, култуурунай, духуобунай, физическэй сайдыыга, гражданскай-патриотическай иитиигэ үлэлэһии.
Сайаапкалары балаҕан ыйын 27 күнүгэр диэри хомуйаллар, umisp.ykt@mail.ru электроннай почтанан «Ыччат дьаһалтата» диэн бэлиэтээн ыытыллар.
Сиһилии 40-88-46 эбэтэр 8984-116-89-99 төпүөннэринэн билсиэххэ сөп (Анна Местникова).
Сайаапка пуормата:
1. Араспаанньата, аата, аҕатын аата
2. Төрөөбүт күнэ-дьыла
3. Төлөпүөнэ /электроннай почтата
4. Үлэлиир /үөрэнэр миэстэтэ
5. Уопсастыбаннай үлэтэ