08.12.2022 | 15:00

ЫБММ управлениета баҕа өттүнэн баһаары умуруорааччылары наҕараадалаата

Ахсынньы 7 күнүгэр ЫБММ регионнааҕы управлениетын аактабай саалатыгар Волонтер күнүгэр анаммыт үөрүүлээх тэрээһин – баҕа өттүнэн баһаары умуруорааччылары наҕараадалааһын буолла.
ЫБММ управлениета баҕа өттүнэн баһаары умуруорааччылары наҕараадалаата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биэдэмистибэ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, 2022 сыл саҕаланыаҕыттан баһаарынайдары сэргэ эбии 363 киһи баһаары умуруорууга үлэлэспит. Үөрүүлээх тэрээһин чэрчитинэн кинилэргэ Арассыыйа ЫБММ  мэтээллэрин, бочуоттаах грамоталарын уонна махтал суруктарын туттардылар.

«За содружество во имя спасения» мэтээлинэн Хаҥалас улууһун Баҕа өттүнэн баһаары умуруорар хамаанда салайааччыта Михаил Михайлов наҕараадаланна. Баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйыыга гражданскай көҕүлээһиннэрин иһин бочуоттаах грамоталарынан баһаары баҕа өттүнэн умуруорааччылар – Таатта, Хаҥалас, Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарыттан Егор Марков, Иннокентий Рахлеев, Семен Тимофеев, Евгений Флусов уонна Григорий Деревцов, итиэннэ «Сатал» СОНТ баҕа өттүнэн баһаартан көмүскүүр «Харысхал» хамаанда волонтердара Афанасий Шишигин уонна Иван Дьячковскай наҕараадаланнылар.

Баҕа өттүнэн баһаары умуруорааччылары Арассыыйа ЫБММ  Саха сиринээҕи Кылаабынай управлениетын начаалынньыга, ис сулууспа генерал-майора Павел Гарин эҕэрдэлээтэ уонна махталын биллэрдэ.

Тэрээһин түмүгэр Кылаабынай управление уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы баҕа өттүнэн үлэлиир баһаарынай уопсастыба регионнааҕы салаатын икки ардыгар бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэҥ түһэрсилиннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...