Ыарыы сытыырхайар – бэрэбиэркэ күүһүрэр
Бэнидиэнньиккэ, тохсунньу 24 күнүгэр, Дьокуускай куорат Суһал штабын уонна территориальнай упраавалар холбоһуктаах бөлөхтөрө аһылык атыылаабат эбийиэктэргэ дезинфекцияны ыытыыны бэрэбиэркээлээтилэр. Ол туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Олохтоох дьаһалта сотрудниктара атыы 122 эбийиэгэр, ол иһигэр 87 атыы кииннэригэр, атыылыыр-саататар комплекстарга, 7 ырыынакка уонна кууһунан атыылыыр баазаларга, 5 промышленнай табаардары атыылыыр маҕаһыыҥҥа, маршрутнай оптуобустарга бэрэбиэркэлэри ыыттылар. Көрүү түмүгүнэн 4 кэһии тахсыбыта билиннэ, 14 сэрэтэр бэсиэдэ ыытылынна.
Предпринимательство, потребительскай ырыынак уонна туризм сайдыытын Департаменын начаалынньыга Ирина Седова информациятынан, 08.00 чаастан 13.00 чааска диэри дезинфекцияҕа «МакТрейд» атыы киинэ, «Губинский Пассаж» бизнес-киин, «Тамара» атыы киинэ сабыллыбатахтар. Итини таһынан, дезинфекцияны 1 №-дээх оптуобуска оҥорботохтор.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Ыйааҕар уонна Дьокуускай куорат суһал штабын быһаарыытыгар олоҕуран, атыы эбийиэктэрэ дезинфекцияны дьону киллэрбэккэ эрээри, хатанан туран ыытыахтаахтар», – диэтэ Ирина Седова.
Итини сэргэ, эриэйдэлэр Октябрьскай, Промышленнай, Сайсары, Строительнай уокуруктарга уонна Марха дьоҕус оройуоннарыгар ыытылыннылар, кэһии булуллубата.