27.05.2021 | 11:28

Ярыгин турнира: Саха сирин хамаандатын састааба уонна түһүлгэ бырагыраамата

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 26-31 күннэригэр Красноярскайга икки төгүллээх олимпийскай чемпион Иван Ярыгин кэриэһигэр көҥүл тустууга үгэскэ кубулуйбут норуоттар икки ардыларынааҕы XXXII Гран-при турнир ыытыллар.

Бу улахан таһымнаах түһүлгэҕэ Саха сирин хамаандата маннык састаабынан кыттар:

57 кг: Белолюбскай Айаал, Игнатьев Дархан, Копылов Петр, Постников Федор, Федотов Дьулус, Тютрин Арыйаан (Беларусь).

61 кг: Аксенов Дмитрий, Александров Ньургун, Антонов Айхаан, Павлов Петр, Бекренев Андрей (Беларусь).

65 кг: Капрынов Константин, Потапов Айсен.

70 кг: Рассадин Виктор.

74 кг: Николаев Тимур.

92 кг: Сергин Ньургун.

97 кг: Толмачев Максим (Красноярскай).

Бу саас Иркутскайга буолан ааспыт эдэрдэргэ Арассыыйа күрэхтэһиитин боруонса призера Дархан Игнатьев турнир саҕаланыан эрэ иннинэ, ити түһүлгэҕэ иккис миэстэни ылбыт дагестанец Саид Хункеровы кытта хапсыһыа. Манна хайалара кыайбыта, от ыйыгар Германияҕа буолуохтаах Европа эдэрдэргэ күрэхтэһиитигэр Арассыыйа хамаандатын чиэһин көмүскүө. Санатан эттэххэ, Игнатьевтаах Хункеров итиннэ Рамазан Багавудиновка (Дагестан) хотторбуттара.

Красноярскайдааҕы турнир көҥүл тустууга дьахталларга уонна эр дьоҥҥо ыытыллар. Тэрийээччилэр эппиттэринэн, бу сырыыга АХШ, Египет, Тунис, Монголия, Турция, Кыргызстан, Молдова, Узбекистан, Индия, Арассыыйа уонна Красноярскай кыраай хамаандаларыттан быһа холуйан 350-ча спортсмен кыттара күүтүллэр.

 

Турнир бырагыраамата (Саха сирин бириэмэтэ)

Ыам ыйын 26 күнэ, сэрэдэ

20.00-21.00.  Бары ыйааһыннарга сэрэбиэй тардыыта: 57, 61, 65, 70, 74, 79, 86, 92, 97, 125 кг.

Ыам ыйын 27 күнэ, чэппиэр

10.30-11.00 Медицинскэй көрүү уонна ыйааһыннаныы: 57, 61, 70 кг.

13.00-18.00 Барыллааһын хапсыһыылар: 57, 61, 70 кг.

19.00-21.00 Финалга тахсар иһин тустуулар: 57, 61, 70 кг.

Ыам ыйын 28 күнэ, бээтинсэ

10.15-10.30 Ыйааһыннаныы: 57,61,70 кг

10.30-11.00 Медицинскэй көрүү уонна ыйааһыннаныы: 65, 79, 125 кг.

13.00-19.00 “Уоскутар” бөлөх тустуулара: 57, 61, 70 кг. Барыллааһын уонна финалга тахсар иһин хапсыһыылар: 65, 79, 125 кг.

19.30-20.15 Турниры үөрүүлээхтик аһыы сиэрэ-туома.

20.15-22.15 Финаллар: 57, 61, 70 кг.

22.15-22.45 Кыайыылаахтары наҕараадалааһын.

Ыам ыйын 29 күнэ, субуота

10.15-10.30 Ыйааһыннаныы: 65, 79, 125 кг.

10.30-11.00 Медицинскэй көрүү уонна ыйааһыннаныы: 74, 86, 92, 97 кг.

13.00-20.00 “Уоскутар” бөлөх тустуулара: 65, 79, 125 кг. Барыллааһын уонна финалга тахсар иһин хапсыһыылар: 74, 86, 92, 97 кг.

20.00-22.00 Финаллар: 65, 79, 125 кг.

22.00-22.30 Кыайыылаахтары наҕараадалааһын.

Ыам ыйын 30 күнэ, баскыһыанньа

10.45-11.00 Ыйааһыннаныы: 74, 86, 92, 97 кг.

13.00-15.00 “Уоскутар” бөлөх тустуулара: 74, 86, 92, 97 кг.

15.00-18.00 Финаллар: 74, 86, 92, 97 кг.

18:00-18:30 Кыайыылаахтары наҕараадалааһын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...