10.05.2020 | 16:38

Ыам ыйын толору дьиэҕэ олоруохпут

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга, Аллараа Бэстээххэ, Тиксиигэ, Нерюнгригэ, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ уонна Покровскайга дьиэҕэ олоруу бэйэ изоляциятын эрэсиимэ ыам ыйын 31 күнүгэр диэри уһаата. Алдаҥҥа буола турар карантин дьиэҕэ олоруу режимигэр уларыйда.

Ателье, химчистка уонна да атын дьону кытта утарытынан алтыспат өҥөнү оҥорор тэрилтэлэр үлэлэрин сөргүтүөхтэрэ. Ону тэҥэ салгыҥҥа спордунан дьарыктанар көҥүллэнэр. Бу туһунан Ил Дархан анал этиитигэр иһитиннэрдэ.

Саха сирин оскуолаларыгар үөрэх дьыла ыам ыйа бүтүөр диэри түмүктэниэҕэ. Санатан эттэххэ, оскуола оҕолоро муус устар 6 күнүттэн дьиэлэриттэн үөрэнэллэр.

Ону таһынан, Ил Дархан балаһыанньа туубустаҕына, хааччах эрдэ көтүрүллүөн сөбүн бэлиэтээтэ.

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 33 киһи коронавирустаата. 32 киһи Дьокуускайга ыалдьыбыт, алтыспыт дьонун быһаараллар. Биир киһи Ленскэйгэ ыалдьыбыт.

Саха сиригэр ыам ыйын 10 күнүнээҕи туругунан, 510 киһи ыарыйда, 81 киһи үтүөрдэ, 4 киһи өллө.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....