21.05.2021 | 19:04

Ыам ыйын 22 күнэ – сайыҥҥы Ньукуолун

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Саха дьонугар былыр-былыргыттан Ньукуолун күнэ олус ытыктанар, улахан суолталаах, күүтүүлээх бырааһынньык буолар. Бу күн уһун кыһыны этэҥҥэ туораан күөххэ үктэнии үөрүүтэ-өрөгөйө буолар. Мөккүөрдээх соҕус да буоллар, бу күнү өссө саха Саҥа дьылынан ааттыыллар.  


Ол иһин да буолуо, биһиги өбүгэлэрбит бу күн айылҕаҕа тахсан сири-дойдуну аһатан, Айыыһыттарыгар сүгүрүйэн туран, салама ыйаан баҕа санааларын этэллэрэ, инники олохторун түстүүллэрэ, кырыа кыһын кэнниттэн налыччы, астына-дуоһуйа айылҕалыын алтыһаллара. 
Ньукуолун иннинэ күн хайа сатанарынан суунан-тараанан, киртэн-хохтон ыраастанан, саҥа эбэтэр ыраас таҥаһы кэтэр үгэс баар. Туох баар кири, хара дьайы киэр кыйдаан, тэйитэн баран саҥа дьылга, саҥа олоххо саҥалыы үктэнэбит диэн ис хоһоонноох. 
Ньукуолун күн алгыстаах алаадьы астаан сыт таһааран, сатанар буоллаҕына, сир-дойду иччитин күндүлүүр үчүгэй. Бу күн кус миинэ, собо, сахалыы аһылык астанар үгэс билиҥҥэ диэри баар. 
Барыгытын кэлэн иһэр Ньукуолун күнүнэн! Бар дьоммут, чөл туруктаах, иллээх-эйэлээх, дьоллоох буолуоҕуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...