25.04.2024 | 12:00

Ыам ыйыгар туох күүтэрий?

Ыам ыйыгар туох күүтэрий?
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Ый саҕаланыытыгар хаһыаппыт ааҕааччыларыгар саҥа киириэхтээх сокуоннары билиһиннэрэр үтүө үгэстээхпит. Онтон халбаҥнаабакка, бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр ыам ыйынааҕы сокуоннары бэчээттиибит.

Тус сыаллаах үөрэххэ абитуриеннары ылыы

2024 сыл ыам ыйын 1 күнүттэн “РФ үөрэҕириитин туһунан” Федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан сокуон күүһүгэр киирэр. Көннөрүүлэр быйылгы уонна кэнники сылларга абитуриеннар тус сыаллаах үөрэххэ киирэр быраабылаларын таарыйар.

Урут абитуриент үөрэҕин төлүүр сакаасчытын бэйэтэ булан, стандарт дуогабарын түһэрсэрэ. Салгыы дуогабары уонна атын докумуоннары кытта үрдүк үөрэх тутар хамыыһыйатыгар тиийэн, анал квотанан туспа куонкуруска кыттара.

Ыам ыйын 1 күнүттэн туох уларыйарый:

Устудьуон буолуохтаах киһини уонна сакаасчыты кытта дуогабар ис хоһооно. Сокуон оҕо үөрэҕин бүтэрбитин кэннэ саамай улахан болдьоҕу олохтуур – 5 сыл. Урут кылгас болдьох этэ – 3 сыл. Ону тэҥэ дуогабарга үһүс өрүт холбоһуон сөп – үрдүк үөрэх (ВУЗ), устудьуон үөрэҕин ситиһэрин кэтиир уонна сөбүлэһии усулуобуйатын тутуһууну хонтуруоллуур.

Дуогабары түһэрсии бэрээдэгэ. Сокуон күүһүгэр киирбитин кэннэ икки өрүт дуогабары абитуриент үрдүк үөрэххэ киирбитин эрэ кэннэ, ол эрэн балаҕан ыйын 1 күнүн хойутаабакка дуогабар түһэрсиэн сөп. Устудьуон биир эрэ дуогабары түһэрсэр бырааптаах, биир сакаасчыты кытта биир үрдүк үөрэххэ.

Сакаасчыттарга уонна абитуриеннарга биир кэлим платформаны тэрийии. Саҥа быраабыланан, “Арассыыйаҕа үлэ” порталга анал сервис оҥоруута көрүлүннэ. Манна абитуриеннарга анаан бары сакаасчыттартан сиһилии усулуобуйалаах этиилэр киириэхтэрэ.

ИТ-хампаанньаларга уларыйыылар

Сыыппара министиэристибэтин уурааҕын бырайыагынан, аккредитацияҕа хампаанньалар ахсааннара элбээтэҕинэ, ону бигэргэтии хаамыыта биллэрдик судургутуйуо. Саҥаны киллэрии үксэ 2024 сыл ыам ыйын 1 күнүттэн үлэлээн барыаҕа:

• 3 сыл анараа өттүгэр олохтоммут дьоҕус тэрилтэлэргэ аккредитациялааһын саҥа бэрээдэгэ олохтонон, ИТ-үлэлээбит кэмиттэн ылыллыбыт барыһын сорҕотун бэрэбиэркэлиэҕэ.

• ИТ-хампаанньалар олохтоммут сылларыгар аккредитацияламмыт буоллахтарына, тэрилтэ бу сылга министиэристибэ ирдэбиллэригэр сөп түбэспэтин туоһулуур быраабы ылар.

• Саҥа регионнар ИТ-фирмалара бэйэлэрин үлэһиттэрин орто хамнастарыттан тутулуга суох аккредитацияны ылар кыахтаахтар. Чэпчэтии 2025 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ.

• Сайаапкалар хампаанньаттан сыллата аккредитацияны бигэргэтэллэригэр “Судаарыстыбаннай өҥө” порталларын нөҥүө эрэ ылыллыахтара.

• Үлэһиттэр орто дохуоттарын таһымын бигэргэтиини бэрэбиэркэлээһин процедурата биэс кыбаартал оннугар икки кыбаарталга олоҕуран ыытыллыаҕа.

• ИТ-тэрилтэлэргэ омуктар кыттыыларын бэрэбиэркэлээһин. Омуктарга өлүүлэрэ 50%-тан үрдүө суохтаах. Бу уларыйыы 01.08.2025 с. күүһүгэр киириэҕэ.

СБП нөҥүө хамыыһыйата суох ыытыллар харчы суумата үрдүүр

2024 сыл ыам ыйын 1 күнүттэн Арассыыйа баана 30 мөл. солк. диэри түргэн төлөбүр систиэмэтин нөҥүө (СБП) араас бааннарга хамыыһыйата суох ыытары көҥүллүүр. Ону сэргэ араас физическэй сирэйдэр икки ардыларыгар СБП нөҥүө харчыны ыытыыга урут хамыыһыйа ылар эбит буоллаҕына, билигин ону уларытар туһунан быһаарыы ылынна.

Онуоха араас дьон икки ардыларыгар түргэн төлөбүр систэмэтин нөҥүө хамыыһыйата суох ыытыы суумата уруккунан хаалла – 100 тыһ. солк. Бу лимиити аһарар буоллахха, хамыыһыйа сууматтан 0,5 %-нын ылар (ол гынан баран 1,5 тыһ. тахсыа суохтаах).

Маҕаһыыннарга үрүҥ ас атыытыгар хааччахтар

Табаар булгуччулаах маркировкатыгар “Честный знак” систиэмэ ирдэбилигэр ыам ыйын 1 күнүттэн үүт бородууксуйата холбоһор. Биирдиилээн атыылыыр маҕаһыыннар каассаларыгар итинник табаардарга көҥүл режими тутуһуу саҕаланыаҕа. Ол аата ыам ыйын 1 күнүттэн маҕаһыыннар бары бэйэлэрин бырагыраамаларынан хааччыйыыны тупсарыахтаахтар, маркировкалаах бородууксуйаны кытта үлэҕэ итэҕэстэри туоратар инниттэн.
Бу саҥаны киллэрии аһыйбыт, буортуйбут үүтү уонна үүт бородууксуйатын атыытын тохтотор кыаҕы биэрэр. Онон табаар болдьоҕо бүппүт эбэтэр атыыланара бобуллубут буоллаҕына, маҕаһыын хайдах даҕаны атыылыыр кыаҕа суох буолар.

 

СВО кыттыылааҕын кирэдьиитин сотуохтарын сөп

СВО кыттыылааҕа кирэдьиитин дуогабарынан эбэһээтэлистибэлэрэ тохтуур, өскөтүн бойобуой сорудахтары толоро сылдьан бааһырыы ылан 1-кы группалаах инбэлиит буолбут түгэнигэр.

Анал бойобуой дьайыы кыттыылааҕа кирэдьиит дуогабарын түһэрсибит үлэһитигэр сайабылыанньа биэриэн сөп.

Дуогабар эбэһээтилистибэтин тохтотуу СВО кыттыылааҕар инбэлиит буолуу олохтонуоҕуттан ыла күүһүгэр киирэр.

Хомунаалынай өҥөнү төлөөмүөхтэрин сөп

Кыбартыыраларга олорор мобилизованнай гражданнар дьиэ кэргэннэрэ, араас биричиинэнэн учуот прибордарын, уу уонна гаас өҥөлөрүн туһаммат, суох аймахтарын оннугар төлөөбөттөр.

Туһааннаах уураахха РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин илии баттаата.

Ааҕар прибордар суох эбэтэр алдьаммыт буоллахтарына, хомунаалынай өҥө иһин төлөбүр билигин олохтоммут нуорманан  ааҕыллар, дьиэ кэргэҥҥэ олорор дьон ахсааныттан көрөн. Мобилизацияламмыт дьон уу, гаас ситимин туһамматаҕын да иһин, бу ахсааҥҥа киирэр. Билигин ити барыта квитанцияҕа учуоттанар буолар.

Маннык чэпчэтиини ыларга, анал дьайыыга сылдьар киһи аймахтара чахчы мобилизацияҕа сылдьарын бигэргэтэр докумуону военкоматтан ылан, салайар хампаанньаҕа биэриэхтэрин наада.

Кыайыы күнүгэр биир кэмнээх төлөбүр

Күндү бэтэрээннэр, 1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 79 сылын көрсө Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын 2021 сыл муус устар 16 күнүнээҕи Ыйааҕынан бииргэ кэмнээх харчынан төлөбүрдэр 2024 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр диэри (Арассыыйа почтатын нөҥүө ылааччыларга муус устар 22 күнүгэр диэри) оҥоһулларын туһунан иһитиннэрэбит.

Төлөбүр ананар:

1. 1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар – 20000 солк.

2. “Ленинград блокадатын олохтооҕо” бэлиэнэн наҕараадаламмыт дьон – 10000 солк.

3. Сэрии кыттыылаахтарын огдооболоро – 5000 солк.

4. Өстөөх концлааҕырдарыгар оччолорго сокуоннай саастарын туола илик уонна атын да фашистар хаайыыларыгар түбэспиттэргэ – 5000 солк.

5. Тыыл бэтэрээннэригэр – 5000 солк.

6. Сэрии кэмин оҕолоругар – 3000 солк.

Бэтэрээннэргэ Кыайыы күнүнээҕи биир кэмнээх төлөбүр ханнык да сайабылыанньата суох ананарын чопчулуубут.

Нэһилиэнньэ уонна үлэ социальнай көмүскэлин Управлениеларыгар (Кэлим кииннэригэр) Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын уонна да атын чэпчэтиилэринэн туһанар дьон испииһэктэрэ толору бааллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...