Ыал ийэтэ — дьиэ кэргэн дууһата
Алтынньы 15 күнэ – Аан дойдутааҕы тыа сирин дьахталларын күнэ. Былыр-былыргыттан тыа дьахтара барахсан үгэс быһыытынан түбүктээх олохтоох, үтүө үлэһит, элбэх оҕолоох ыал ийэтэ. Бүгүҥҥү ыалдьыппыт хоһуун үлэһит, амарах сүрэхтээх, тапталлаах кэргэн уонна ийэ, эйэҕэс эбээ уонна эдьиий – Наталья Егоровна Скрябина. Кини күүстээх санаалаах, муударай өйдөөх, дьиҥнээх саха Далбар Хотуна. Кэпсии олорон субу-субу «наһаа үчүгэй» диэн тылы туттара, олох үтүө эрэ өрүттэрин көрөрө киһи сүргэтин көтөҕөр.
Күүстээх санааны ылынан
Наталья Егоровна – Хаҥалас улууһун Нөмүгү сэлиэнньэтин олохтооҕо, иллээх-эйэлээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктанар Скрябиннар дьиэ кэргэннэрин баар-суох күндү киһилэрэ – ийэлэрэ.
— Наталья Егоровна, ааҕааччыларбытыгар бэйэҕин билиһиннэриэҥ дуо? Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах буолаҕын?
— Мин 1959 сыллаахха Хаҥалас улууһун Нөмүгү нэһилиэгэр, дириҥ устуоруйалаах Эркээни киэҥ хочото саҕаланар сиригэр Сергеевтэр дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтүм. Мин кэннибиттэн түөрт оҕо – үс уол, биир кыыс төрөөбүттэрэ. Төрөппүттэрбит туруу үлэһит дьон этилэр. Аҕабыт Егор Васильевич Сергеев Эргис диэн сиргэ төрөөбүт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, нууччалыы олус үчүгэйдик саҥарара, ыллыыра, наһаа элбэҕи ааҕара, дьоҥҥо санаабытын тиэрдэр, дьону түмэр-тэрийэр дьоҕурдааҕа. Кини ОПХ дириэктэрин солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Ийэбит Евдокия Васильевна Соломонова 1938 сыллааҕы төрүөх. Маалтааны диэн сиргэ улааппыт, кэнники дойдутугар Нөмүгүгэ көһөн кэлэн оҕо уһуйааныгар повардаабыта. Ийэбит сүрдээх эйэҕэс-сайаҕас, наһаа чэнчис, ыраас туттуулаах этэ. Сатаабата диэн суоҕа, үүнээйи бөҕөнү үүннэрэрэ, онтун кэнсиэрбэлиирэ, ас арааһын астыыра. Оһох күлүн баһан ылан баран оһох иһигэр туорт, балыктан бөрүөк буһарааччы. Ону таһынан сүрдээх үчүгэйдик иистэнэр, баайар этэ. Кылгас кэмҥэ да буоллар ийэ-аҕа истиҥ тапталын, дьоллоох оҕо сааһы билбитим. Хомойуох иһин, төрөппүттэрбит барахсаттар эрдэ утуу-субуу олохтон туораабыттара. Ийэбит мин 14 саастаахпар, кыра оҕото иккилээҕэр, баара-суоҕа 36 сааһыгар сылдьан ыарахан ыарыыттан, онтон икки сыл буолан баран аҕабыт суол саахалыгар түбэһэн суох буолбуттара. Ийэбит кэриэһин этэн барбыта, оҕолоргун олох ыһаттаайаҕын, бары бииргэ тутуспутунан сылдьаарыҥ диэн. Онон саҥа улаатан эрэр кыыс, күүстээх санааны ылынан, бииргэ төрөөбүттэрбин оҕо дьиэтигэр ыыппакка, ийэлэрин солбуйбутум, бары бииргэ тутуһан наһаа үчүгэйдик, ыраас баҕайытык, бэрээдэктээхтик олорбуппут. Ийэбит бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Тамара Васильевна Гаврильева Ленин уонна Үлэ кыһыл знамята уордьаннаах ыанньыксыт этэ. Кини биһиги опекуммут буолбута, биэнсийэбитин ылан бэйэбитигэр биэрэрэ, ыанньыксыт үлэлээх буолан олох солото суоҕа. Аймахтарбыт өйөбүллэринэн биһиги бэйэбит туспа дьиэҕэ олорбуппут. Улахан баҕайы дьиэбитин ОПХ-ны кытта атастаһан түөрт кыбартыыралаах дьиэҕэ көспүппүт. Син сөпкө дьаһанан, үөрэнэн-үлэлээн киһи хара буолбуппут, билигин бары да сааһырбыт дьоммут, оҕолордоохпут, сиэннэрдээхпит. Быраатым Николай Егорович бэйэтэ тутуунан дьарыктанар тэрилтэлээх, олус үчүгэй дьиэлэри тутар, Дьокуускайга олорор, үс оҕолоох. Балтым Оксана Егоровна Пахомова үөрэҕин бүтэрэн баран Амма улууһун Өнньүөс сэлиэнньэтигэр тиийэн олохсуйбута, билигин онно уһуйааҥҥа иитээччи, түөрт оҕо ийэтэ, элбэх сиэн эбэтэ. Егор Егорович финансист, биир быраатым, хомойуох иһин, доруобуйатын туругунан үөрэммэтэҕэ.
Улаатан, сааһыран да баран тутуспутунан сылдьабыт. Бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэбит. Балтым үс оҕото манна миэхэ кэлэн оскуоланы бүтэрбиттэрэ, кыыс гимназияҕа, оттон уолаттар Нөмүгү оскуолатыгар үөрэммиттэрэ. Билигин бары үрдүк үөрэхтээх оҕолор. Быраатым кэргэниниин куоракка үөрэнэр кэмнэригэр эмиэ оҕо көрсөр этим. Үлэлии-үлэлиибин 8-тыы ыйдаах эҥин оҕолору сүрдээҕин көрсөр эбиппин. Билигин даҕаны бырааттарбын, балтыбын бэйэм оҕолорум курдук саныыбын.
Күүстээх санаалаах буолан, Наталья Егоровна туох баар кыһамньытын, дьулуурун киллэрэн туран бырааттарыгар, балтытыгар төрөппүттэрин солбуйбут, үөрэҕэр үчүгэй эрээри оскуола кэнниттэн үөрэххэ туттарсыбатах. Бэйэм сиппэтэхпин бэдэрим ситиэҕэ диэбиккэ дылы, Наталья Егоровна оҕолоро үөрэҕи өрө туппут дьон, бары үрдүк үөрэхтээхтэр, дьоһун үлэлээхтэр.
Дьиэ кэргэним – тирэҕим
— Наталья Егоровна, ураты күүстээх киһигин, уустук оҕо сааһы, элбэх ыарахаттары ааспыккын. Дьылҕаҥ бэлэҕэ – дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсэтиэххэ.
— Кэргэним Алексей Николаевиһы кытта биир сыл доҕордоһон баран 1979 сыллаахха ыал буолбуппут. Кини биир дойдулааҕым, куруук тутууга үлэлээбитэ. Түөрт оҕолоохпут – үс улахаммыт уолаттар, кырабыт – кыыс. Билигин бары улахан дьон, бары ыаллар. Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммиттэрэ, бары үрдүк үөрэхтээхтэр. Улахан уол Альберт – «СӨ Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын» ГУТ информатизацияҕа Управлениетын начаалынньыга. Орто уол Николай – генетиканан дьарыктанар быраас, медицинскэй наука кандидата, Томскай куоракка олорор. Кыра уол Леонид агроном үөрэхтээх, билигин предпринимательствонан дьарыктанар, Нөмүгүгэ олорор. Кыыспыт Айта оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ, билигин «Сахатранснефтегаз» үлэһитэ. Үтүө үгэс быһыытынан биһиги дьиэ кэргэн, аймах-билэ дьоммут сылын аайы тохсунньу 2 күнүгэр үөрэ-көтө биһиэхэ мустабыт.
— Өр сыллар тухары бааһынай хаһаайыстыба тэринэн хортуоппуй үүннэриитинэн дьарыктанаргытын истибитим. Хас үлэһиттээххитий?Үүнүүгүтүн хайдах батараҕыт?
— Бааһынай хаһаайыстыбабытын 2000 сыллаахха тэриммиппит, хортуоппуйунан дьарыктанан киирэн барбыппыт, быйыл 21-с сылбытын үлэлиибит. Оччолорго улахан уолбут номнуо устудьуон буолбут кэмэ этэ. Бастакы сылбытыгар, тиэхиньикэбит да суох буоллар, хортуоппуй бөҕөнү ылбыппыт, бу санаатахха, наһаа күүскэ үлэлээбит эбиппит. Хортуоппуйбутун уурар сири (хранилище) тутта охсубуппут, үчүгэй баҕайытык кыстатан, атыылаабыппыт. Үлэһиттэрбит – дьиэ кэргэммит, оҕолорбут, бииргэ төрөөбүттэрбит, кинилэр оҕолоро. Оҕолор, аймахтар бары күргүөмүнэн үлэлэһэллэр, онтон үүнүү хомулуннаҕына ирээттэрин үллэстэллэр, кыһыны быһа хортуоппуй сиэһэ олороллор. 40-50 туонна хортуоппуй киирэр үһүс сирбитин туттубуппут. Дьиҥинэн, биһиги сиэмэ хортуоппуйунан дьарыктанабыт. Нөмүгүгэ тыа хаһаайыстыбатын института баар, хортуоппуйунан дьарыктанар салаалаах, кинилэртэн араас суортаах хортуоппуйу атыылаһабыт уонна олортон сиэмэлэри таһааран атыылыыбыт. Билигин үс араас хортуоппуйу олордобут. Саҥа тэрили, тиэхиньикэни ылбыппыт. Хортуоппуйбутун 20 сыл тухары дьон бэйэтэ билэн, сөбүлээн атыылаһаллар. Тэрилтэлэр да кэлэн дуогабардаһан атыылаһаллар. Бириэмэ бэйэтэ рекламалаата диэххэ наада, биллэрии эҥин таһаарааччыбыт суох.
Бааһынай хаһаайыстыба буолан сиэри таһынан байан барбаккын, орто ыал сиэринэн, арыылаах килиэпкин сиигин, ичигэстик таҥнаҕын, онон бүттэ. Маннык тэриммиппит үчүгэй өрүтэ – оҕолорбут үлэҕэ үөрэннилэр, үлэни кыайар буоллулар. Бэйэбит дьиэлээхпит, ынах сүөһүнү, сибиинньэни тутабыт, тэлгэһэбитигэр тэпилииссэлээхпит. Балтыбар Аммаҕа сылгыларбыт бааллар.
Оҕону үлэнэн иитиэххэ
— Бааһынай хаһаайыстыбаҕытыгар бары тутуспутунан, күргүөмнээхтик үлэлииргит, оҕолоргут өйөбүл буолаллара олус хайҕаллаах дьыала. Ити барыта, мин санаабар, оҕо саастан саҕаланар. Наталья Егоровна, бэйэҥ элбэх оҕолоох ийэ буоларыҥ быһыытынан, оҕону иитэр ньымаҕын үллэстэриҥ буоллар.
— Биһиги оҕолорбутун олох кыра саастарыттан, уһуйааҥҥа сылдьар кэмнэриттэн үлэҕэ сыһыарбыппыт. Тиэргэн сиппийэртэн, дьиэ хомуйартан саҕалаан. Оҕолорбут кыраларыттан сүөһү тутар этибит. Инньэ гынан сайын буолла даҕаны от үлэтэ саҕаланара, онно оҕолорбутун тэбис-тэҥҥэ батыһыннара сылдьан үөрэтэрбит, көмөлөһүннэрэрбит. Оҕону үлэҕэ үөрэтэргэ “бөҕү хомуй” диэн баран көрөн турбаккын, бэйэҥ тэбис-тэҥҥэ хомуйустаххына, хайдах эн туттаргын көрөн үөрэнэр. Оннук үстэ-түөртэ бииргэ үлэлэстэххинэ оҕоҥ кэнники бэйэтэ итинник үлэлиир буолар. Сорох дьон оҕолорун сүрэҕэ суох, тугу да гыммат, сатаабат диэн үҥсэргииллэр, ол сыыһа. Мин тэбис-тэҥҥэ сылдьан үлэлэһэн көрдөрүөххэ наада диэн бириинсиптээхпин. Кыыс оҕоҕо эмиэ былыргылыы чанчыгын тарда-тарда муоста сууйтарыахха наада диэбит курдук. Оччоҕо биирдэ кини муостаны сатаан сууйар буолар, үйэтин тухары өйдүүр. Холобур, биһиги дьиэбитигэр мааны уонна мара тирээпкэ диэн баар, күүлэ сууйар тирээпкэ туһунан. Ону биһиэхэ кэлэр сиэн бырааттар-балтылар бары билэллэр. Уолаттар эмиэ аҕаларыттан үөрэнэн барыны бары сатаан оҥороллор. Томскайга олорор уолбут билигин үөрэр, хайдах барытын сатыыгыный, ханна үөрэммиккиний диэн дьон хайҕыыллар үһү. Кини билигин элбэх үлэһиттээх кэлэктииби салайар, лаборатория сэбиэдиссэйэ. Оҕону бэйэ холобурунан үөрэтиэххэ наада.
— Оҕо улаатар сааһыгар сороҕор төрөппүттэргэ уустук соҕус кэм буолан ааһар. Эһиги оҕолоргут ити кэмнэрин хайдах аһарбыккытый, туох ыарахаттары көрсүбүккүтүй?
— Этэн аһарбытым курдук, оҕону иитии сүрүнэ – үлэнэн иитии. Биһиги оҕолорбутун кыра саастарыттан кыра-кыралаан үлэҕэ сыһыараммыт, улааталларыгар үлэлэрэ эмиэ элбээн, ордук эппиэтинэстээх буолан испитэ. Онно-манна барар-кэлэр, уулуссаны кэрийэр, ускул-тэскил сылдьар бириэмэлэрэ суоҕа. Оскуолаҕа үөрэнэллэрин саҕана иллэҥ кэмнэрэ да суох курдук буолааччы. Уолаттар кыраларыттан тиэхиньикэҕэ сыстыбыттара, аҕаларын наһаа ытыктыыллар. Аҕабыт киэҥ көҕүстээх, олус налыччы киһи, хаһан да мөҕө-этэ, ыксата сылдьыбат. Уолаттар устудьуонньуу сылдьан субуотаҕа-өрөбүлгэ дьиэлэригэр кэллэхтэринэ киэһэ өттүгэр аҕалара дьиэ таһыгар, гарааска туох үлэ баарын уолаттарыгар сорудахтааччы, бэйэтигэр көмөлөһүннэрээччи. Куораттан кэлэн баран уолаттар күүскэ үлэлээн, көлүөһэ абырахтаан эҥин, аҕаларыгар илии-атах буолан сылайан-элэйэн киирээччилэр. Оттон мин араас элбэх, сөбүлүүр астарын астаан тоһуйарым. Оҕолорум астына-тото аһаан, барар-кэлэр санаалара уостан хаалара. Сырыы аайы итинник хартыына буолара. Онон онно-манна мэнээк сылдьыбаттар этэ. Аҕабыт улахан булчута да суох буоллар уолаттарбыт бултууллар, балыктыыллар. Оттон кырабыт, соҕотох кыыспыт Айта атаахтык иитиллибэтэҕэ. Ыты-куосканы кытта бодьуустаһан улааппыта. Олох кыра сааһыттан кыыспын батыһыннара сылдьан, көрдөрөн-үөрэтэн дьиэ үлэтигэр сыһыарбытым. Ол иһин билигин сатаабата диэн суох, наһаа үлэһит.
Мин кэргэмминиин кинигэ ааҕарбытын наһаа сөбүлүүбүт. Бэйэм умсугуйан туран ааҕар, сөбүлүүр суруйааччыларым – Амма Аччыгыйа, Далан, 9 кылаастан Петр Тобуруокап хоһооннорун сөбүлээбитим. Нуучча классиктарыттан улуу Пушкин, Чехов, Толстой айымньыларын ордоробун. Оҕолорбут эмиэ куруук кинигэ ааҕан тахсааччылар. Эдэр төрөппүттэргэ сүбэлиэм этэ, оҕолоргутун отой кыра саастарыттан үлэҕэ үөрэтиҥ, ирдэбиллээхтик сыһыаннаһыҥ. Уонна кылаабынайа, оҕоҕо итэҕэйиэххэ, онтон ыраахтан кэтээн көрүөххэ, чиэһинэй буоларга үөрэтиэххэ наада.
Или-эйэни түстээччи
— Алексей Николаевичтыын 40-тан тахса сыл бииргэ эйэ-дэмнээхтик олорбут ыалгыт. Биллэн турар, олох эриэ-дэхси буолбата чуолкай, олоххо араас буолар. Эдэр дьоҥҥо туох сүбэ-соргу биэриэҥ этэй, икки атын-атын киһи бииргэ уопсай тыл булан, уһуннук олорор кистэлэҥэ туохханый? Кэргэниҥ сыыһаны-халтыны оҥордоҕуна хайдах гынааччыгыный?
— Эппитиҥ курдук, биллэн турар, барыта эриэ-дэхси, остуоруйаҕа курдук үчүгэй буолбат. Араас уустук да түбэлтэлэргэ иккиэн олорон налыччы кэпсэтиэххэ наада. Мин кэргэним сыыһар да түбэлтэлэригэр ордук-хоһу саҥарбакка, сирэй-харах анньыбакка тоҕо итинник гыммытын ыйытааччыбын, олорон эрэн кэпсэтээччибин. Эр киһи өйө атын, кинилэр инникини көрүүлэрэ киэҥ. Кэргэммиттэн ыйытабын, сүбэлэтэбин. Хайаан даҕаны хас да варианы этэбин, маннык гынабыт дуу, итинник дуу диэн. Кини эппитэ мэлдьи сөп буолар. Эр киһи бэйэтэ айылҕаттан дьиппиэн, ордук саха киһитэ иэйиитин көрдөрбөт, биһиги курдук ытаабат-соҥообот, иһигэр тута сылдьар. Оҕолорбун кытта эмиэ итинник гынааччыбын, бииргэ олорон тугу сөбүлээбэтэхпин тута көнөтүнэн этээччибин, миэстэтигэр анаалыстааччыбын. Чугас дьоҥҥут сыыһаны-халтыны оҥордохторуна мунньа сылдьыбакка, тутатына быһаарсар үчүгэй. Мин санаабар, дьахтар, ыал ийэтэ – дьиэ кэргэн дууһата. Кини хайдах настырыанньалааҕый да, дьиэ кэргэҥҥэ эмиэ оннук настырыанньа үөскүүр. Эн үөрдэххинэ дьиэҥ иһэ эмиэ үөрэн турар, эн кыыһырдаххына дьиэҥ иһэ эмиэ кыыһыран турар. Ону өйдүөххэ, чугас дьоҥҥо харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха наада. Ыал ийэтэ – эйэни түстээччи, иирсээни кыыһырбакка быһаарыахтаах дии санаабын. Кыыспын уонна кийииттэрбин оннук үөрэтэбин. Дьахтар, ийэ киһи дьиэтигэр, кэргэнигэр, оҕолоругар чугас буолуохтаах, кинилэргэ болҕомтотун ууруохтаах дии саныыбын. Үчүгэйдик иитиллибит, толкуйдуу үөрэммит оҕо куһаҕаҥҥа умньаммат.
Уруһуй үтүө өрүтэ үгүс
— Мин иллэҥ кэммэр дьарыгым – кыбытыы тигии, күрүчүөгүнэн баайыы. Онно эбии уруһуйунан дьарыктаммытым уон сыл буолла. Биһигини Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Галина Дмитриевна Семенова Покровскайдааҕы «Саргы Түһүлгэтэ» диэн ИМЦ үлэһитэ дьарыктыыр. «Орхидея» диэн кулууп баар, биһиги ол филиала буолабыт, мин онно уруһуйдаан саҕалаабытым. Филиалбытын мин салайабын, 30-40 дьахтар дьарыктанар. Дойдум дьахталлара уруһуйга сысталларыттан наһаа үөрэбин. Оскуолаҕа миэстэ биэрэннэр онно мустан уруһуйдааччыбыт. Бэйэм айылҕа көстүүлэрин уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Пандемиянан сибээстээн мустубатахпыт ыраатта.
Уруһуйдуур киһи өйө-санаата, олоҕу көрүүтэ (мировоззрениета) уларыйар эбит. Олоххо элбэхтик үчүгэйи көрөр, кыра кыһалҕаҕа кыһаммат буолаҕын. Уруһуй үчүгэй өрүтэ наһаа элбэх. Холобур, дуоһуйа уруһуйдаан, ыал ийэтэ киэһэ дьиэтигэр уруһуйун илдьэ үөрэн-көтөн кэлэрэ, дьиэлээхтэригэр эмиэ үөрүүнү, сырдык иэйиини бэлэхтиир. Ийэлэрин уруһуйа хартыына буолан истиэнэҕэ ыйанар, дьиэтин-уотун сэргэхситэр. Ыал ийэтэ дьиэтигэр үөрүүнү аҕалара наһаа үчүгэй буолбаат?
Олоҕу хайдах баарынан
— Сорох дьон кэннилэрин хайыһан көрөн диэбиккэ дылы, урукку олохторун, сэбиэскэй кэми хайҕаан, билиҥҥи олоҕу мөҕүттэн тахсаллар. Ону туох дии саныыгын?
— Олоҕу кытта тэҥҥэ хааман иһиэххэ наада, хаалан хаалбакка, хайдах гыныахпытый, уруккуну төннөрөр кыахпыт суох буоллаҕа. Олохпут тэтимнээхтик сайдар, сокуону үчүгэйдик билбэппин да буоллар барыта туох наадалааҕынан оҥоһуллар курдук. Биллэн турар, биэнсийэбит кээмэйэ кыра. Мин бэйэм олоххо көхтөөх позициялаах киһибин, туохха барытыгар кыттан иһэбин. Нөмүгүгэ төрөөбүт сахалартан бастакы профессиональнай мусукаан Адам Скрябин төрөөбүтэ 100 сылын көрсө быйыл саас кылынан оҥоһуллубут кырыымпаҕа оонньуурга үөрэммитим, тэрээһиҥҥэ кыттыбытым. Нөмүгүттэн «Кылыһах Кырыымпа» диэн уонча буолан ансаамбыл тэриммиппит. Биһигини «Кыл Саха» диэн саха үнүстүрүмүөннэрин ансаамбылын салайааччыта Анна Ивановна Томская үөрэтэлээбитэ. Ити икки эрэ струналаах үнүстүрүмүөҥҥэ арааһынай муусуканы таһааралларын сөхпүтүм, наһаа үөрбүтүм, астыммытым. Куоракка киирэн Эстрада театрыгар тэрээһиҥҥэ кыттыбыппыт, ансаамбылы кытта оонньообуппут наһаа үчүгэй этэ. Покровскайга онлайн көрүҥүнэн үбүлүөйдээх ыһыах буолбута, онно «Кыл Саха» ансаамбыл уонна биһиги эмиэ кыттыбыппыт. Киһи тылынан сатаан эппэт кэрэ иэйиитэ үөскээбитэ.
Бэйэм саха итэҕэлин өрө тутабын, Айыыһыттарбын куруук аһатабын. Урут ийэм наар аһатар этэ, онон киниттэн хаалбытынан да буолуо, Ытык сирдэрбин эҥин куруук аһатарбын сөбүлүүбүн. Олохпор онтум наһаа көмөлөһөр дии саныыбын, алаадьылыыбын, саламааттыыбын, быырпахтыыбын уонна Ытык сирдэрбэр барабын, манна өссө эбэ кытыытыгар таас баар. Оҕолорбун, сиэннэрбин эмиэ онно үөрэтэбин. Сиэннэрим билэллэр, эбээ иһит тутуурдаах күөл диэки барар буолла да, Айыыһыттарын аһата баран иһэр эбит диэн. Бастакы алаадьыны ким да сиэбэт, билэллэр. Тиийэн ас уурабын, дьиэ кэргэммэр үтүөнү көрдөһөбүн. Оҕолорум эмиэ тыаҕа бардахтарына сири-уоту аһаталлар. Эбэн эттэххэ, арыгынан күндүлүүллэрин отой сөбүлээбэппин. Дьиэбитигэр хаһан даҕаны, ханнык да улахан бырааһынньыкка даҕаны арыгы иһэрдэтэлээбэппин, чөл олоҕу өрө тутабын.
Мин саныахпар, билигин наһаа үчүгэй кэм кэллэ. Оҕолор наһаа өйдөөхтөр, интеллигентнэйдэр, урукку курдук арыгыны-пиибэни эккирэппэттэр, үөрэххэ дьулуһуулара улааппыт. Ханнык баҕарар үөрэххэ онлайн көрүҥүнэн үөрэниэххэ сөп буолла. Сүрэхтээх, үлэлиир киһи аһыыр-таҥнар олоҕо буолла. Нөмүгү сэлиэнньэтэ – чөл олохтоох дэриэбинэ. Күнүс да, түүн да арыгы-пиибэ атыыламмат, биир да «туочука» диэн суох, нэһилиэнньэ туруорсан барытын саппыттара. Дьон олоххо тардыһыыта улаатта дии саныыбын. Холобур, биир уол этинэн полуфабрикат оҥорор, дьону наймылаһан күннээҕи хамнастарын тута биэрэн иһэр. Өссө олус үчүгэйдик уһанар уол баар. НХЗ-быт (килиэп собуота) ньиргиччи үлэлии турар, өссө наһаа элбэх сылгылаахтар. «Эркээни-Аква» диэн ыраас ууну оҥорор тэрилтэлээхпит. Аны пицца, суши, торт оҥорор киһи элбээтэ, бары наһаа үчүгэйдик үлэлии сылдьаллар. Такси сулууспата, пилорамалар, дьиэ тутуута, фермерскэй хаһаайыстыбалар.... Чэ, кылгастык итинник, дьон элбэхтик үлэлиир буолла, дэриэбинэбит сайдар.
Улахан үс этээстээх таас, киэҥ-куоҥ, сырдык оскуолалаахпыт, дириэктэр – Луиза Васильевна Корякина. Манна медицинскэй, спортивнай, авиационнай, художественнай кылаастар бааллар, итини таһынан оҕолору дуобакка-саахымакка үөрэтэллэр, «Точка Роста» диэн аһыллан үлэлиир, оскуола бэйэтэ музейдаах. Биһиэхэ уруккуттан ДОСААФ авиапорда үлэлиир. Наһаа үчүгэй балыыһалаахпыт, Оҕо сайдар киинэ диэн үс этээстээх уһуйааннаахпыт, элбэх түмсүүлэрдээх «Түһүлгэ» диэн култуура кииннээхпит, теннис саалалаахпыт, баанньыктаахпыт. Уопсайынан, Нөмүгүбүт наһаа сайынна, суолбут оҥоһуллубута, уулуссаларбытыгар уот-күөс бөҕөтө. Баһылыкпыт Наум Васильевич Устинов нэһилиэкпитин олус үчүгэйдик салайан, көрөн-истэн олорор.
— Наталья Егоровна, кэрэхсэбиллээх кэпсээниҥ иһин махтанабын. Түмүккэ ааҕааччыларбытыгар тугу баҕарыаҥ этэй?
— Олоҕу хайдах баарынан ылыналларыгар баҕарабын, син биир кэлиэхтээх кэлэрин өйдөөҥ. Үөрэниэххэ, барыта үчүгэй буоларыгар итэҕэйиэххэ, саха итэҕэлигэр сүгүрүйүөххэ наада дии саныыбын. Саха дьоно тыйыс айылҕаҕа, буор муостаҕа олорон баччааҥҥа диэри кэлбит норуот буоллахпыт дии. Үчүгэйгэ, сырдыкка дьулуһуохха!
Наталья Егоровна төһө да олоҕо уустуктук саҕаланнар, күүстээх санаалаах буолан дьоллоох олоҕун оҥостубут, ытыктанар Киһи, кэргэн, ийэ, эбэ. Түгэнинэн туһанан, киниэхэ сүгүрүйүүбүн, улахан ытыктабылбын биллэрэбин, тус бэйэтигэр уонна дьиэ кэргэнигэр кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабын.