Ыал дьону айхаллаатыбыт, оҕо аймаҕы уруйдаатыбыт
Бу күннэргэ киэҥ нэлэмэн Сахабыт сиригэр улуу тунах күннэри бэлиэтиир ыралаах ыһыахтар ыытылла тураллар. Бэс ыйын 15 күнүгэр Дьокуускай куорат хонноҕор үүнэр-сайдар, кэҥиир-тупсар Хатаспыт нэһилиэгин ыһыаҕа буолан ааста.
Былырыын бөһүөлэкпит иһигэр, «Баҕарах» түөлбэни иттэннэрэ сытар көнө-налыы, киэҥ нэлэмэн хонууга ыһыах ыһар саҥа сирдэммиппит. Сонно тута бэйэбит уран уустарбыт 9 сэргэни туруорбуттара. Оттон быйыл баар чахчыларга, докумуоннарга олоҕуран нэһилиэкпит сурукка-бичиккэ киирбитэ (ахтыллан ааһыыта) 379 сыла эбит диэн быһаардыбыт. Онон эһиилги 2025 сылга төрүттэммиппит 380, Улуу Кыайыы 80 сылын көрсөр ыһыаҕы тэрийиэхтээхпит.
Тэрээһиммит аһыллыытын сиэрэ-туома түҥ былыргы саҕаттан ыал буолууга ураты суолтаны, болҕомтону уурар саха норуотун көрдөрүүнэн ыытылынна. Сиэргэ-туомҥа Хатаспыт олохтоохторо, «Тускул» КК иһинэн үлэлиир түмсүүлэр көхтөөхтүк кытыннылар. Арыллыы үөрүүлээх-көтүүлээх түгэнигэр бастыҥнар, үтүөлэр ааттара доргуччу ааттанна, бэлэх-туһах туттарылынна. Биир саамай үөрүүлээх, нэһилиэкпит дьоно ытыс тыаһынан көрсүбүт сонунунан «Тускул» КК иһинэн үлэлиир СӨ култууратын туйгуна Татьяна Окорокова салайааччылаах «Көмүс дорҕоон» ырыа устуудьуйатыгар «СӨ образцовай вокальнай кэлэктиибэ» диэн үрдүк аат иҥэриллибитин туһунан сертификаты туттарыы буолла.
Урукку ыһыахтарга мустубут дьон сүрүннээн тэрилтэнэн түһүлгэлээн олорор буоллаҕына, быйылгыттан, Дьиэ кэргэн, Оҕо саас сылларынан даҕаны, ыһыах диэн дьиэ кэргэн үөрүүтэ-көтүүтэ диэн өйдөбүлү тутуһар сыалтан-соруктан дьиэ кэргэнинэн түһүлгэлээбиппитин нэһилиэнньэ үөрэ-көтө көрүстэ. Ыһыах туонатын киэҥ дуолугар хардыы аайы аймах-билэ дьон түмсэн олорорун көрөр үчүгэйэ бөҕө. Оттон түһүлгэни көрүү күрэҕэр биэс ыал кытынна.
Евгений уонна Майя Корякиннар — нэһилиэк киэн туттар ыала. Иккиэ бэйэлэрэ күн бүгүн түһүлгэлэрин толору сиэн эһээхэйдэр, бытарыспыт оҕо аймах, улааппыт оҕолор сырсыакалаһаллар, кийииттэр килбигиһэ хаамсаллар, күтүөттэр дьоролдьуһан тураллар. Майя Андреевна — Хатастааҕы «Кэрэчээнэ» оҕо уһуйааныгар иитээччи. Хас да сыллааҕыттан кэргэнэ Евгенийдыын күүстээх, хорсун санааны ылынаннар, олоххо моһолу көрсүбүт бырааттарын, балыстарын ылан көрөллөр.
Семен (Кусчут Сэмэн), Мария Стручковтар күн сирин көрдөрбүт кыргыттара Михайловтар, Слепцовтар, Семеновтар, Оконешниковтар уонна аҕа ууһун ааттатар уолаттара Алексейдаах Михаил дьиэ кэргэннэрэ төрөппүттэрин аатынан Стручковтар буоланнар түһүлгэлээтилэр. Киириигэ балалайкаҕа сахалыы мелодиялары оонньоон сонно тута тыыннаах дорҕоонунан көрсүбүт сиэн уол Александр хайдах эрэ ис иһиттэн сылаас, сырдык, чэпчэки эйгэни үөскэттэ. Стручковтар бары даҕаны тарбахтарыгар талааннаах, туппуттара тупсар, ылсыбыттара ыпсар ыал. Бары дьиэлээхтэр-уоттаахтар, уһаайбалаахтар, аныгы олох сиэринэн тиэхиньикэлээхтэр, кыайыгас-хотугас үлэһиттэр.
Тоҕус оҕолоох Захар Ефремов уонна Мария Казанова сыдьааннара билигин Хатаспыт түөлбэтин аайы тэнийэн олороллор. Бары ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубаҕа чугас буоланнар, анал үөрэхтээх худуоһунньуктар да бааллар, уруһуйдьут сиэн да үгүс. Онон бу кэлин биэс сылга «Тускул» КК иһинэн үлэлиир «Бары уруһуйдуубут» бырайыак чэрчитинэн Дьокуускай куораттааҕы «Үргэл» арт-галереяҕа быыстапкалаатылар, оттон Владимир Захарович Ефремов Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ буолла. Балта Полина Захаровна иис-тэнэр, оҕуруонан оҥоһуктары оҥорор, уруһуйдуур, куукулалары да оҥорор, үҥкүүлүүр даҕаны. Бу ыһыахха Владимир уруһуйдарын таһынан мастан оҥорбут оҥоһуктарын – сахалыы иһиттэрин, олоппостору уо.д.а. аҕалан, дьүүллүүр сүбэни сөхтөрдө. Аймах дьон бары кыттыһан түһүлгэлэрин ат киэргэлинэн, саламанан, олбох арааһынан киэргэппиттэрэ көрүөхтэн кэрэ.
Мария уонна Дмитрий Гаврильевтар сыдьааннарын түһүлгэтэ аан айаҕыттан эһээлээх эбээ олохторун суолун сэһэргиир баннердаах. Оҕолор эһээлээх эбээлэрин туһунан олус истиҥник кэпсээтилэр, хос сиэннэр ыллаан лыҥкынаттылар. Иһирдьэ киирдэххэ, кыыстара Ирина Местникова имигэс илиитинэн тигиллибит кыбытык иис, быысыпка арааһа, сиэн кыргыттар уус-уран оҥоһуктара ис киирбэхтик, көрөргө-истэргэ бэрт табыгастаахтык, харахха быраҕыллардыы ууруллубут. Саха дьонун сиэринэн өбүгэ аһынан-үөлүнэн күндүлээтилэр.
Дьэ уонна аймах дьон саамай улахан түһүлгэтэ уон оҕолоох Иван уонна Клавдия Пермяковтар сыдьааннара буоллулар. Манна саха ыалын олоҕун көрдөрөн ким ынах ыата, ким уһанна, иистэннэ, балыктаан кэллэ, ас астаата, кэпсээтэ-сэһэргээтэ, ыллаата-туойда. Түһүлгэ ааныттан олоҥхо эйгэтигэр киирэҕин (Анастасия Алексеева уран паннолара). Сахалыы уран тылынан кэпсиир-сэһэргиир кэмнэригэр оҥорон көрдөрөллөр. 67 араас төрүт ас көрүҥүн көрдөрдүлэр, амсайыан баҕалаах амсайда.
Ити курдук түһүлгэни көрүүгэ дьиэ кэргэттэрбит утум ситимин хайдах курдук харыстабыллаахтык тута сылдьалларын, өбүгэ саҕаттан кэлбит үтүө үгэстэри тутуһалларын, төрүт дьоммут сатабылларын салгыылларын, тылга-өскө болҕомтолорун көрөн маннык дьонноох-сэргэлээх норуот туруга чиҥ буолуохтаах диэн эрэл санаабыт өссө кытаатта уонна дьоммутугар-сэргэбитигэр махталбыт өссө улаатта.
Дьүүллүүр сүбэҕэ сатабыллаах салайааччы, дьиэ кэргэн далбар хотуна Раиса Аргунова, СӨ норуотун маастара Андрей Малышев, эдэр ыаллартан Сардаана Сосина уонна олохтоох дьаһалта кылаабынай исписэлииһэ Наталья Игнатьева үлэлээтилэр.
Бу күн итини сэргэ «Хатастыына» түмсүү, 7 №-дээх Хатас оҕо спордун оскуолата, 70 №-дээх «Кэрэчээнэ» уһуйаан, олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ, Хатас олохтоох дьаһалтата уо.д.а. туһунан түһүлгэ тэринэн олордулар. «Киин» түһүлгэҕэ Христофор Максимов аатынан пуонда, «Оҕо түһүлгэтигэр» Хатас ырыа айааччыларын түмсүүтэ биирдии чаастаах кэнсиэр көрдөрдүлэр, күн устата «Өбүгэ оонньуулара» түһүлгэ тура тэбинэн туран үлэлээтэ-хамсаата.
Ыһыах диэтиҥ да, сонно тута саха таҥаһа диэн өйдөбүл киирэр. Ол, бука, өбүгэ дьоммут барахсаттар бииргэ буолан түмсэр түгэннэрэ сайын эрэ тосхойоруттан эбитэ буолуо… Санаан даҕаны көрдөххө, биирдэ эрэ буолар көрсүһүүгэ, алтыһыыга төһөлөөх үөрэн-көтөн, маанымсыйан, киэргэнэн бараллара буолуой?! Хатаспыт ыһыаҕар бу көстүү сылын ахсын эбиллэр, киэркэйэр, хаачыстыбата үрдүүр, иистэнньэҥнэр сатабыллара тупсар. Өскөтүн икки тыһыынча сыллар саҥаларыгар ким хайдах саныырынан тиктэр эбит буоллахпытына, билигин саха таҥаһын дириҥник үөрэтии, чинчийии баран, үгэскэ киирбит тигиилээх таҥастаах дьон ахсаана элбээтэ, оттон бу икки-үс сылтан бэттэх олус күүскэ сайдыбыт хайысханан төрүт иис сүрүн ирдэбилин тутуһан туран аныгы кэм тыынын киллэрэн билиҥҥи олох тэтимигэр, тыыныгар сылдьарга сөптөөх таҥас эмиэ аҕыйаҕа суох. Үөһэ этиллибит туоһута буолбут саха таҥаһын көрүү бэрт сэргэхтик барда. Үс хайысханан көрүүгэ – үгэскэ киирбит иис, дьиэ кэргэнинэн сахалыы таҥныы, ыһыахха кэтиллэр аныгы (стилизованнай) таҥаһы – киирэн бэйэлэрин көрдөрөн, атыттары көрөн тарҕастылар. Күрэх үс көрүҥэр бастаабыттар анал бириистэри ыллылар. Үгэскэ киирбит ииһинэн тигиигэ олус киэҥник, дэлэйдик-холойдук бэлэмнэммит Надежда Пестрякова кыайыан кыайда, аныгылыы моһуоннаах таҥаска Елизавета Охлопкова бастаата, дьиэ кэргэнинэн саха таҥаһыгар Пестряковтар ааттара дорҕоонноохтук ааттанна.
Дьүүллүүр сүбэҕэ СӨ норуотун маастара Людмила Саввина уонна Саха национальнай музейын исписэлииһэ, Строганов аатынан академияны бүтэрбит реставратор идэлээх Акулина Шелковникова бааллара күрэхтэһии таһымын үрдэттэ.
Ити курдук, сиэдэрэй солко оттоох күлүмнэс күөх кырдалларга, дьэрэкээн сибэккилээх хонууларга хатастар күүс холоһон, кыах тургутуһан, дьону-сэргэни түмтүлэр, ыһыах сиэрин сириэдиттилэр.