25.10.2022 | 14:00 | Просмотров: 610

«Якутоптторг» сүөһү аһылыгын хааччыйар

Быйыл сайын уһун ардахтарын, уу халаанынан, аны сорох улуустарга кураанынан уонна аһыҥанан сибээстээн оттуур кэмҥэ хаһаайыстыбаларга уустук балаһыанньа үөскээбитэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ил Дархан Айсен Николаев сүөһү, сылгы ахсаанын аҕыйаппат туһугар  үлэлиир соругу туруорбута. «Якутоптторг» тэрилтэ сүөһүгэ концентрированнай аһылыгы тиэйиигэ сүрүн операторынан буолбута.

«Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын сорудаҕын толорон, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ концентрированнай сүөһү аһылыгын, гранулированнай оту атыылаһыыны, тиэйиини тэрийэр. Сүөһү  аһылыгын батарыыга сыананы аччатар туһуттан «Якутоптторг» тэрилтэҕэ, эбиэһи уонна гранулированнай оту улуустарынан тиэрдэригэр сорудахтаммыта. Бүлүү, Горнай, Кэбээйи уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар 15 күн иһинэн 711 туонна сүөһү аһылыга атыылаһыллан, улуус кииннэригэр диэри тиэрдилиннэ. Ол курдук, массыынанан Горнайга – 95 т, Кэбээйигэ – 304 т, Бүлүүгэ – 172 т тиэйдибит. Итиэннэ Өлүөхүмэҕэ буксирынан 140 т ыыттыбыт», - диэн иһитиннэрэллэр «Якутоптторг» тэрилтэҕэ.

Аҕыс оройуоҥҥа анаан 5167 туонна сүөһү аһылыга субсидияламмыт – Дьааҥы, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Өлүөхүмэ, Өлөөн, Чурапчы, Эбээн Бытантай.

Сэтинньи ыйга “Якутоптторг” АУо Чурапчы улууһун хаһаайыстыбаларыгар субсидияламмыт сүөһү аһылыгын тиэрдэри былаанныыр. Ыраах улуустарга массыына суола турдаҕына илдьиэхтээхтэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.