03.06.2022 | 16:00

«Якутия» авиахампаанньа сөмөлүөттэри бэйэтэ өрөмүөннүөҕэ

«Якутия» авиахампаанньа сөмөлүөттэри бэйэтэ өрөмүөннүөҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл «Якутия» авиахампаанньа аан бастакы төгүлүн Boeing-737 уонна Bombardier Q300 сөмөлүөттэри бэйэтэ өрөмүөннүөҕэ. Ол туһунан  «Якутия. Live» биэриигэ авиахампаанньа генеральнай дириэктэрэ Андрей Винокуров иһитиннэрдэ.
«Кулун тутар саҕаланыытыгар омук сөмөлүөттэрин «техобслуживаниетын» оҥорорго Арассыыйа авиациятын уорганнарын биһирэбиллэрин ылбыппыт. Быйыл бэйэбит бастакы дьоһун өрөмүөнү оҥорору былаанныыбыт. Ити биһиэхэ ураты эппиэтинэһи сүктэрэр, хамаандабыт уопуттаах уонна үрдүк квалификациялаах», - диэтэ Андрей Винокуров.
Кини бэлиэтээбитинэн, авиахампаанньа бэлэмнэниини ыытар уонна эбии тэрили атыылаһар. Саппаас чаастары үһүс дойдулар нөҥүө атыылаһаллар. Урукку өттүгэр саппаас чаастары Америкаттан уонна Европаттан Москванан үс хонук иһигэр аҕалар буоллахтарына, бүгүҥҥү күҥҥэ аҕалыы болдьоҕо 60 күҥҥэ диэри уһаабыт. 
«Саамай сүрүнэ – көтүү куттала суох буолааһына, быраабылалары чопчу тутуһуу. Саппаас чаастар бары «оригинал» буолуохтара», - диэн эрэннэрдэ авиахампаанньа салайааччыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Сири иилии эргийиэм!
Дьон | 12.04.2024 | 18:00
Сири иилии эргийиэм!
Кэбээйи Арыктааҕыттан төрүттээх Иннокентий Ноговицын бэлисипиэтинэн аан дойдуну биир гына айанныыр хоббилааҕын туһунан хас да сыллааҕыта суруйан турабыт. Иннокентий киһини кытта кэпсэтэригэр элбэх ууну-хаары эрдибэккэ, аҕыйах тылынан чуо ыйытыыга эрэ хоруйдуурун  билэр буоламмын, Кытайга тиийбититтэн саҕалаан, бассаабынан элбэх да элбэх ыйытыыларбынан көмөн туран, наадалаах информациябын хостоон ыллым. Кинини ыра санаатын...
Зоя Желобцова:  «Олох толору үөрүүтүн, кэрэтин билэн сылдьабын»
Дьон | 11.04.2024 | 10:00
Зоя Желобцова: «Олох толору үөрүүтүн, кэрэтин билэн сылдьабын»
«Үчүгэй киһи» диэн хайдах киһини ааттыылларый? Арааһа, бастатан туран, дьоҥҥо эйэҕэс, аламаҕай, үөрэ-көтө сылдьар, барыга-бары кыһамньылаах, үлэһит киһини ааттыыр буолуохтаахтар. Дьэ, оччотугар, биһиги дьүөгэбит Зоя Константиновна Желобцова онуоха сүүс бырыһыан эппиэттэһэр. Киһи киһитэ буоллаҕа биһиги Зоябыт!   Оттон киһи барахсан мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр дьонугар-сэргэтигэр, ыччаттарыгар хайдах суолу-ииһи, ааты, өйдөбүлү хаалларара...
«Доҕордоһуу» — оҕо саас ыллыга
Сонуннар | 11.04.2024 | 18:00
«Доҕордоһуу» — оҕо саас ыллыга
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан тэриллибит “Доҕордоһуу” оҕо үҥкүү норуодунай ансаамбыла 55-с сылын бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ үҥкүүтүн эйгэтигэр суолу тэлбит ансаамбыл үөрүүлээх тэрээһинин туһунан санаа атастаһыыларын ааҕыҥ.
Нэһилиэстибэ тула
Тускар туһан | 11.04.2024 | 12:00
Нэһилиэстибэ тула
Киһи бу олохтон барыыта, ыал арахсыыта, төрөппүтэ суох хаалыы – орто дойду сокуоннара. Онуоха биһиги сорох ардыгар хойутаан нэһилиэстибэни оҥотторор түгэммит баар. Өскөтүн кэргэниҥ, ийэҥ, аҕаҥ, чугас киһиҥ суох буоллаҕына, кини нэһилиэстибэтин алта ыйынан сокуонунан оҥотторуохтааххын.   Билэр чугас дьонум аҕалара орто дойдуттан барбытын кэннэ хас да сыл буолан баран биирдэ...