07.09.2022 | 18:00 | Просмотров: 608

«Якутия» авиахампаанньа чэпчэтиилээх билиэттэри атыылаан эрэр

«Якутия» авиахампаанньа чэпчэтиилээх билиэттэри атыылааһыны саҕалыыр, Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ иһигэр 40% чэпчэтии биллэрилиннэ диэн иһитиннэрдэ авиахампаанньа пресс-сулууспата.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Билиэттэр атыыланар болдьохторо – 2022 сыл балаҕын ыйын 9-11 күннэрэ. Чэпчэтиилээх билиэттэринэн 2022 сыл балаҕын ыйын 9 күнүттэн 2022 сыл алтынньы 29 күнүгэр диэри көтүөххэ сөп.

"Миэстэ ахсаана хааччахтаах. Аахсыйаҕа 12 саастарыттан үөһэ пассажирдар кытталлар. Чэпчэтии субсидиялаах тарыыптартан ураты, барыларыгар киирэр. Авиахампаанньа элбэхтик көтөр пассажирдарга аналлаах «FREE FLIGHT» бырагыраама баарын туһунан санатар, итинэн бааллары мунньан билиэккэ атастаһыахха сөп. Бырагыраамаҕа ким баҕалаах кыттар, авиахампаанньа сайтыгар регистрация эрэ ирдэнэр", - диэн иһитиннэрэр "Якутия" АХ.

Билиэттэри авиахампаанньа сайтыгар: //vk.cc/cgcZiU эбэтэр 8 800 700 21 90 Атыы уонна информация киинигэр төлөпүөннээн, итиэннэ авиакаассалартан атыылаһыахха сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.