«Якутдорстрой»: халтарааны утары үлэ тохтоло суох ыытыллар
Халлааммыт лаппа сылыйан, суолга сэрэхтээх буолла. Халтараана бэрт. Бу күннэргэ куорат бары уокуруктарыгар, нэһилиэктэригэр суоллары кумаҕынан ыстарыы үлэтэ күүһүрдэ. Ол туһунан “Якутдорстрой” тэрилтэ эксплуатацияҕа салаатын начаалынньыга Иннокентий Егорович Филипповы кытта кэпсэттибит.
- Иннокентий Егорович, куорат уулуссаларыгар халтарааны утары өрүс кумаҕа кутуллар, маныаха быйылгы сылга төһө үп көрүлүннэ?
- Хас сыл ахсын биһиги тэрилтэбит Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспаны кытта дуогабар түһэрсэр. Быйылгы сылга 16 мөл. 103 652 тыһ. харчы көрүлүннэ.
- Күҥҥэ хас туонна кумаҕы ыстараҕытый?
- Кыһын устата 54 696 туонна кумаҕы ыстыбыт. Күннээҕинэн таһаарар буоллахпытына, биир күҥҥэ – 375 туонна.
- Сууккаҕа хас үлэһит, тиэхиньикэ сылдьарый?
- Бу сезоҥҥа үлэ алтынньы 12 күнүттэн саҕаламмыта. Куорат уулуссаларын кумаҕынан ыстарыы сарсыарда биэс чаастан киэһэ аҕыс чааска диэри ыытыллар.
Аҕыйаабыта аҕыс тиэхиньикэ тахсар, ону таһынан биир фронтальнай погрузчик. Кумах ыһар анал тиэхиньикэбит КО-806 ПМ диэн буолар.
Үлэ күн-дьыл туругуттан тутулуга, тохтоло суох ыытылла турар. Билигин халлааммыт лаппа сылыйан, үлэ өссө күүскэ бара турар.
- Биир суоппар хас уулуссаны хабарый?
- Хас биирдии суоппарга 10-лыы уулусса түбэһэр, ону күн устата көрөллөр-истэллэр, ыраастыыллар, ыстараллар. Хас ый ахсын үлэ хаамыытын былаанныыбыт. Испииһэккэ уулуссаларбытын, оройуоннарынан араартыыбыт, онон үлэбит таһаарыылаах.
- Кумаҕы хантан тиэйэргитин ааҕааччыларбытыгар сырдатыахха эрэ.
- Күөх хонууттан тиэйэн, «Патриот” диэн Очиченко уулуссатыгар турар накопительбытыгар таһабыт.
- Кумах барыта кырылыйа сылдьыбыта буолуо, инчэҕэй да буолара саарбаҕа суох ини?
- Инчэҕэй кумах түбэстэҕинэ, үлэһиттэрбит ыарахаттары көрсөөччүлэр. Барытын погрузчигынан бытарыталлар, тэбистэрэллэр. Суол ыһыллыытыгар, кумах сууралхай буолуохтаах, оччоҕо эрэ кини көдьүүһэ биллэр. Аны туран, инчэҕэй кумах бункерга тоҥон хаалааччы, ол иһин үнтү солоон баран биирдэ бытарытабыт уонна ыстарабыт.
- Атын куораттарга суол халтараан буолбатын туһуттан «реагент” диэн технологияны тутталлар эбит. Биһиэхэ бу тоҕо кыаллыбатый?
- Хомойуох иһин, Сахабыт сирин тыйыс усулуобуйатыгар сөп түбэспэт. Ыстахпытына хаары ириэрэр уонна ол кэннэ куурбакка тоҥон хаалар, онон биһиэхэ табыгаһа суох.
Түмүккэ Иннокентий Егорович былаантан туорааһын, хаалыы суох, үлэ барыта кэмигэр ыытылла турар диэн бэлиэтээтэ. Ону таһынан «Якутдорстрой” тэрилтэ билигин сааскы халаан уутугар бэлэмнэнэр.