15.08.2022 | 14:00

«Якуцкъ» суудунаҕа экскурсиялар ыытыллыахтара

Емельян Ярославскай аатынан музейга кэлбит 18-с үйэтээҕи «Якуцкъ» историческай суудуна куопуйатыгар экскурсиялар ыытыллыахтара диэн иһитиннэрдэ музей пресс-сулууспата.
«Якуцкъ» суудунаҕа экскурсиялар ыытыллыахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Дьокуускайдааҕы музей суудунаҕа интерактивнай экскурсиялары, хаартыскаҕа түһэр миэстэни уонна үөрэх дьарыктарын тэрийэри былаанныыр. Суудунаны хайдах туһанар туһунан элбэх идиэйэ баар. Хаарабыл пааспардаах, ууга устарга тэриллэрдээх. Саҥа эбийиэккэ элбэх айар бырайыак олоххо киирэригэр баҕарабыт», – диэтэ өрөспүүбүлүкэ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччыта Владислав Левочкин.

Билигин музейга Арассыыйа филателистарын Сойууһун бочуоттаах чилиэнэ,   яхтсмен-хапытаан Сергей Кочеводов чааһынай коллекциятыттан 18-19 үйэлэрдээҕи сэрии сэбин, ол саҕанааҕы таҥаһы-сабы уо.д.а. атын экспонаттары көрүөххэ сөп.

«Якуцкъ» суудуна Улуу хотугу экспедиция чинчийэр хараабылын куопуйата. Историческай суолтата – итинник хараабылынан Өлүөнэ эбэ тардыытыгар хапытаан Василий Прончищев уонна штурман Семен Челюскин устан кэлбиттэрэ буолар.

Суудуна Саха сиригэр быйыл от ыйыгар кэлбитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...