Ыһыахха оптуобуһунан барар табыгастаах
Үс Хатыҥ архитектура уонна этнография комплексыгар Туймаада Ыһыаҕар бэлэмнэнии тэтимирдэ.
Бэс ыйын 18 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников оробуочай мунньаҕы ыытта. Мунньахха Дьокуускай баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко, тустаах тэрилтэлэр үлэһиттэрэ, бэдэрээттээх тэрилтэлэр кытыннылар.
Антон Алексеенко иһитиннэрбитинэн, Нам суолугар бара турар өрөмүөнүнэн сибээстээн ыһыахха айаны хайдах тэрийэллэрин ырыттылар. Үлэ графигын тэҥнэһии, суолга эбии туох оҥоһулларын, суол быылын хаптатыы тула кэпсэтии барда.
Можайскай уонна Мархинская уулуссаларга дьаамалары өрөмүөннүөхтэрэ. Суолу ыйар аншлагтары эбии туруоруохтара.
Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа салайааччытын солбуйааччы Светлана Чусовская Үс Хатыҥҥа өрөмүөн үлэтэ кэмигэр баран иһэрин иһитиннэрдэ. Нам суолугар суол бэлиэлэрин ыраастыыллар.
Ыһыаҕы тэрийээччилэр куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын оптуобустарынан сылдьарга ыҥыраллар. Үс Хатыҥҥа көҥүллээх эрэ массыыналар киирэллэр.