05.03.2023 | 21:53

Ыһыах сүүрүкчүтэ

Ыһыах сүүрүкчүтэ
Ааптар: Иван Александров
Бөлөххө киир

 Оскуолаҕа эмискэ уруок бүппүтүн биллэрэн киһи кулгааҕа чуҥкунуур чуораана чугдаарда. Ону даҕаспытынан  кылаастар ааннара аһыллар-сабыллар тыастара лабырҕаата. Күннээҕи үөрэх бүтэн оскуолаттан ыһыы-хаһыы буолан, үөрэн-көтөн аймаласпыт оҕолор таһырдьа ыһыллан таҕыстылар. Ол оҕолор ортолоругар, төрдүс кылааһы бүтэрэн эрэр эрдьигэн, мин эмиэ баарбын. Күүтүүлээх сааспыт барахсан кэлэн халлаан сылаас бөҕө. Оскуолаттан, дьиэлэртэн сарай хаара ууллан таммах таммалыыр. Уулуссаҕа онон-манан чалбах тахсан эрэр.  Кылааска тыыным быарым хаайтаран олорбут киһи, көҥүлгэ көтөн тахсаат, дьиэбэр аҕыйахта ойон тиийдим. Дьиэм оскуолаттан субу көстөн турар чугас. Дьиэбэр ойон киирэн, аһыыр остуол диэки ааһан иһэн суумкам дуомун туһатыттан тахсыбыт тэрил курдук хаҥас баар аһаҕас хос аанынан, оронум диэки быраҕан тэлээрдэн кэбистим. Дьиэҕэ ким да суох, арай истиэнэҕэ ыйанан турар араадьыйа тугу эрэ кэпсиир саҥата иһиллэр. Ийэм пиэрмэтигэр үлэлии бардаҕа, аҕам тоҕо эрэ дьиэҕэ көстүбэт.  

Остуолга ийэм барахсан ас бэлэмнээн, ыраас таҥаһынан сабан барбыт. Ол таҥас муннуга сэгэйэн көстөрүнэн кыра иһиттэргэ сүөгэй, күөччэх көстөр уонна хайаан да лэппиэскэм баар буолуохтаах. Дьэ, мин сибилигин сэриилэһэн оонньуу ыстаныахтаахпын. Хара Элгээн сэриитин тойоно, биһигиттэн арыый аҕа саастаах Моппой уол баарыан үс чааска бары Хара элгээн күөлүн кытыытыгар баар өтөххө, ыстаапка мустабыт, сыантырдары кытары сэрии түөрт чааска муһуой утары буолар диэн ааспыта. Онон ол сэриигэ ойоору чаһыбын көрөн ылабын. 

Биһиги дэриэбинэбит улахан дэриэбинэ. Хас да түөлбэҕэ арахсар. Хара Элгээн ити биһиги. Сыантыр диэн сопхуос хонтуората турар сирэ. Ол диэки үксэ тойоттор олороллор. Дьуоҕалаах диэн өссө биир түөлбэ баар. Саамай көстөр сиргэ хас да улахан хотон турар. Онон Дьуоҕалаах дьоно үксэ пиэрмэҕэ үлэлииллэр. Дэриэбинэбитигэр оҕо аймах элбэх. Оскуола таһыгар өссө эбии интирнээт диэн баар. Онно араас сиртэн үөрэнэ кэлбит оҕо  эмиэ элбэх. Оҕо элбэҕэ бэт буолан баппакка, оскуолабытыгар икки симиэнэн-нэн үөрэнэбит.                                                                                                                                               

Дэриэбинэ уол оҕолоро үс-түөрт аҥыы арахсан саас аайы саабылалаах, үҥүүлээх сэрии бөҕө буолабыт. Ол сэрии быраабылата диэн мас саабыланан дуу, үҥүүнэн дуу, атахха таарыйтарбыт өлөн туораан иһэр. Хас эмэ сүүһүнэн уол оҕо мустан, устар күннээх, үлүгэрдээх ыһыылаах-хаһыылаах, эмиэ туһугар тактикалаах, сабыта түһүүлээх сэриитэ буолар. Биһиги, Хара Элгээн сэриитэ быйыл Монгуолларбыт. Онон Чыҥыс Хаан сэриитэбит. История уруогар үөрэтэрбитинэн биирдэ да сэриигэ хотторботох, аан дойдуну бүтүннүү сэриилээн ылбыт Чыҥыс Хаан сэриитэ буоларбыт быһыытынан быйыл биһиги хайаан да кыайыахтаахпыт. Ааспыт күннэргэ синньигэс, уһун титириги ойууртан быһан оностубут үҥүүбүтүнэн кэккэлии хаамсан иһэн өстөөхтөрбүт атаҕар супту түһэргэ үөрэнии бөҕөтө буолбуппут. Онтубут быыһыгар мас саабылаларбытынан туттарга эрчиллибиппит. Төһө да дэриэбинэҕэ чалбах таҕыстар ойуурга хаар бүтүн сытара. Дьэ ону ол диэбэккэ сэриигэ бэлэмнэнэн хамаанда бөҕө буолбуппут. Тулламай эрэһиинэ саппыкыларбыт иһэ, чылыр диэн чылыгырыайка соннорбут, оннооҕор кулгааҕа тэлимнээбит куруолук бэргэһэлэрбит ыгыллар буола сытыйбыттарын дьиэлэрбитигэр тиийэн куурдуммуппут.                                                                                                                                                                             

Дьэ ол курдук ыксал бөҕөнөн остуолга турар аспын хабыалыы түһээт, Хара Элгээн сэриитин ыстаабыгар ойоору таһырдьа ыстанным. Ыксаан бөҕө, сүүрүүнэн дьиэ кэннигэр түһэн эрдэхпинэ хотон диэкиттэн аҕам:

- Нокоо, тохтоо. Манна кэлэ сырыт эрэ, - диэн хаһыыта иһилиннэ. 

Аҕам былырыын улахан оһолго түбэһэн аҥаар атаҕа, тобугуттан аллараа суох. Балтыһаҕынан сылдьар. Аҕам барахсан нэһиилэ да сырыттар дьиэ таһынааҕы үлэни барытын бэйэтэ оҥорор. Миэхэ оонньуу ыстанар баҕа баһаам, ол да гыннар дьиэ таһыгар аҕам кыайбат үлэтэ баар буолбут буолуон сөп. Хайыыр да кыах суох, аҕам дьаһалын толоро охсон баран оонньуу ыстанаары аҕабар сүүрдүм.  Бэриллибит дьаһалы толоро охсоору ыстанан тиийбиппэр:

- Нокоо, эн ыһыахха ат сүүрдүөххүн баҕараҕын дуо? – диэн хаһан да кэтэспэтэх боппуруоспун биэрдэ. Дьиҥэ ыһыахха ат сүүрдүү диэн мин санаатахпына санаам кыайан тиийбэт ыраах дойдута. Ол, көннөрү испэр ымыы гынан илдьэ сылдьар баҕа санаабын соһуччу аҕабыттан истээт сэгэс гына түстүм:

-Баҕаран, - дии оҕустум.

- Чэ оччоҕо билигин сылгыһыт Өлөккөйгө бара сылдьыахха, кэпсэтиэм, - диэтэ. 

Сылгыһыт Өлөккөй сүүрүк аттары баайааччы. Аҕам доҕоро. Аҕам дэҥҥэ түбэһиэн иннинэ кини курдук эмиэ сылгыһыт этэ.  Ыһыахтарга бэйэтэ эмиэ ат сүүрдэрэ. 

Бэрдьигэстээх сайылыгар, фермаҕа  сайылыыр эрдэхпитинэ хантан эрэ Толоон диэн ыраах сиртэн сүүрүүгэ бэлэмнээбит элбэх аттарын акка холбонон кэлэн, биһиэхэ тохтоон, чэйдээн ааһааччылар. Сайылык оҕолоро ол кыраһыабай бэйэлээх аттар тула үмүөрүһүү бөҕө буоларбыт. Онон отой кыра эрдэхпиттэн ымсыырбыт, таптаабыт сүүрүк аттарбар чугаһыыр, табылыннаҕына миинэр, ааһа баран ыһыахха сүүрдэр түгэн үөскээри гыммыта били дэриэбинэ сүүһүнэн уол оҕото кыттыылаах, улахан сэрии оонньуутугар кыттаары ойон испит өрүкүнэйиибин тута умулуннаран кэбистэ. Онон аҕабын кытары дэриэбинэ түгэҕэр, Хара Элгээн күөлүн баһыгар олорор сылгыһыт Өлөккөйдөөх диэки, улахан дьыаланы кэпсэтэ, иккиэн сүрдээҕин өрө көтөҕүллэн, кэпсэтэ- кэпсэтэ хаамса турдубут.

Ол хаамсан иһэн кэпсэтиибит барыта сүүрүк аттар уонна аты сүүрдүү араас албастара.

 Өлөккөй тиэргэнигэр хас да ат бааллан турар. Итилэртэн икки аты билэбин, оройуон ыһыаҕар куруук бастыыр улахан сүүрүк, күл курдук өҥнөөх атыыр - Суокал. Маннык өҥнөөх аты сылгыһыт дьон көҕөччөр диэн ааттыыллар. Иккис эмиэ улахан сүүрүк кугас, маҥан өҥнөрдөөх ат - Үрүҥ Хоннох. Билэр дьон маннык аты сиэр ала диэн өҥнүүллэр.  Дьэ уонна икки атын билбэт аттарым бааллар. 

Бу бааллан, утуйан турар аттары көрө-көрө ааһан дьиэҕэ киирдибит. Өлөккөй кэргэнинээн чэйдии олороллор эбит. Остуолга ыҥырдылар. Аҕам Өлөккөйдүүн кэпсэтэллэрин истэн, барыта кулгаах буолан олоробун. 

Өлөккөөй, ат сүүрдэн туйахпын хатарыах уолум бу баар. Икки улахан уолум акка чугаһыа суохтар. Биир эмэ сымнаҕас аккар олорт эрэ. Бэйэм уонна ат сүүрдэрбиттэн аастым. Саатар уолум ат сүүрдэрин көрөн үөрүөм этэ, - диэтэ. 

Өлөккөй мин дьолбор хата үөрэн сэгэс гына түстэ:

- Чэ бэт, сарсын эбиэт кэннэ аттарбын Угут күөлгэ таһаартыам. Кэлэн биир аты миинньэн таһаарсыа этэ, - диэн тута сөбүлэстэ. 

Сааспынан кыра, уон икким эрэ да буоллар онон ат миинэр киһи  буоллум, табылыннаҕына  ыһыахха да сүүрдүөх балаһыанньаланным. Сарсыныгар Угут Күөл диэн биһиги дэриэбинэбититтэн сэттэ биэрэстэлээх аҕыйах дьиэлээх кыра бөһүөлэккэ Өлөккөйдүүн аттарбытын таһаардыбыт.                                                                                                                         

Мин сүүрдэр атым Дьаҕылтай диэн буолла. Дьаҕыллаах сиэр, үрдүк уҥуохтаах, сытыы сирэйдээх-харахтаах эдэр ат.  Бириэмэ буллум да ат миинэр баҕаттан аны билисипиэтинэн Угут Күөлгэ тахса турар буоллум. Ол курдук хаар ууллан, сир-уот куурда. Оскуолабыттан үөрэнэн бүттүм да, аны олохтоон ат баайса Угут Күөл бөһүөлэгэр көһөн таҕыстым.                                                                                                                                           

Сүүрдүөхтээх атым, сылгыһыттар аттара буолан Дьаҕылтайым сымнаҕаһа сүр. Өлөккөй аппын миинэрбэр тутан биэрэр. Атым үрдүгэр тахсан олордум да иннин диэки бара сатыыртан атыны билбэт. Тэһиин тутуһуутунан сылдьабыт. Барахсан сылыйан, хааман-сиимэн бардаҕына баһа биир кэм туллуох курдук үлүгэр буолар. Икки сытыы кулгаахтара иннин диэки чөрөйөн иһэн киһи саҥатын истэн араастаан хамнаан эргийэллэр. Урукку өттүгэр кини ыһыахха сүүрбэтэх буолан улуу күрэх диэни билбэт. Мин кэлиэхпиттэн Өлөккөйбүнээн аттар эттэрин үөрэтэбит диэн субуруһан Угут Күөлбүт сыһыытын эргийэбит. Кини икки сүүрүгүн бэйэтин маҥан атыгар холбоно сылдьар. Атым барахсан көннөрү хаамтарарга кыһаллыбат. Мин да үөрэнэн, куруук маннык буолуо диэн санаалаахпын.                                                                                                                            

Биир күн Өлөккөй сарсын аттарбытыгар боруоба сүүрүү оҥоробут диэтэ. Оннук боруоба сүүрүүлэр буолаллар диэни эрдэттэн, оҕонньоттор кэпсэтэллэриттэн истэн билэр этим. Мантан ыла үс хоно-хоно аттарбытыгар боруоба сүүрүүлэри оҥоруохтаахпыт. Сүүрдэр күммүтүгэр дэриэбинэттэн араас дьоннор кэллилэр. Ат түһэрээччилэр, аттар сүүрэр бириэмэлэрин көрөөччүлэр, ыалдьааччылар диэннэр бааллар. Дьэ бүгүн үс биэрэстэҕэ ыыталыыбыт диэн сүүрэр аттары акка холбоон, Өлөккөйдөөх аттар түһэр сирдэригэр илдьэ бардылар. Миигин уонна икки улахан киһини, сүүрүкчүттэри, Балыарыйы уонна Сэмэни аттар түһэр сирдэригэр матасыыкылга мэҥэстэн илтилэр. Аттары түһэрэр дьон эмиэ матаһыыкылынан бардылар. Арай доҕоор, аттар түһэр сирдэригэр тиийбиппит, бэйэм долгуйан салыбыраабыт, тамаҕым хаппыт киһини отой кутталлаах түгэн көрүстэ. Дьэ, били таптаан аҕай миинэ сылдьыбыт сымнаҕас атым, Дьаҕылтайым сирэйэ хараҕа уларыйан, бааллыбыт баҕанатын кытары өрө туста турар. Тохтоон, ыраах, сыһыы уҥуорун хантайан көрөр, ол быыһыгар өрүтэ турар, тиэритэ түһэр, умса бугуйар, сулбурута ыстана сатыыр. Туох баар быччыҥа бары күүрэн, чиччигинэс буолбут. Таныытыттан мэктиэтигэр уот уһуурар. Быа бигэтинэн, сүлдьүгэс баҕана бөҕөтүнэн тутуллан турар илэ абааһы ата буолан көрүстэ. Өйдөөх ат барахсан, бу, оройуон улахан сүүрүктэрин кытары илин-кэлин түсүһэр, сырсар түгэнэ кэлбитин өйдөөн, ыгылыйан, ыксаан, дууһата аймана турдаҕа. Кини иһигэр туох диэн санаа киирэн аймаабытын туох билиэй? Инньэ гынан аппар, мин курдук кыра киһи хайа да өттүнэн чугаһаабат буолбут. Дьэ, ол иһин буолуо, сопхуос отделениетын салалтата, ат мөхсүө диэн сопхуос биир саамай күүстээх киһитин, күүстээх Мөхүлүөбү хамнастаан, бу боруоба сүүрүүгэ мөҕөр аты түһэрээччиннэн ыыппыт эбит.                                     

Атым бааллан турар баҕаната былыр, Матаһыыкыл диэн ааттаах Күндэйэлэр аакка мөхсөр, улахан сүүрүк аттарыгар анаан туруорбут баҕаналара. Матаһыыкылы икки сүүрдээччилээх аҕалаллара үһү. Улахан, маҥан ат ити баҕанаҕа бааллан, мөҕөн өрө күүдэпчилэнэ сырыттаҕына дьэ икки сүүрдээччилэрин биир биир ылан ат үрдүгэр тамныыллар. Ат үрдүгэр ол икки киһиттэн биирдэрэ иҥиннэ да ат быатын баҕанаттан төлө тардаллар. Онон ким Матаһыыкыл үрдүгэр  хатаммыт ол дьэ сүүрдэн куһуурда турар этэ диэн кырдьаҕастар сүрдээн кэпсээччилэр.                                                                                                    

Бу  билигин көрдөхпүнэ миэхэ да кутталлаах балаһыанньа буолбут. Аттары мииниҥ диэн Өлөккөй дьаһайда. Көрдөхпүнэ Өлөккөй атын кутуругар холбонуллан хамсаабакка өрө көрөн, чиккэйэн турар улахан сүүрүк, көгөччөр атыыр, Суокал үрдүгэр кырдьаҕас сүүрүкчүтү Сэмэни атаҕыттан өрө анньан биэрбиттэрэ оннун булан сыбыдах акка хатанна. Бараары ыксаан, өрө холоруктуу, сулбу көтө сатыыр сылдьар Үрүҥ Хонноххо сылгыһыт Баһылай суларыттан тутуһан, салгыҥҥа ыйанан, атаҕа сиргэ сыстар сыстыбат көтө сылдьар. Ат тохтоон ылар кэмигэр сүүрдээччитэ Балыарый атын үрдүгэр чэкэс гына түстэ. Дьэ бу үлүгэри көрөн саллыах курдук буоллум.  Аны мин ити үлүгэр мөҕө сылдьар акка олорор түгэним тиийэн кэллэ. 

"Кэл эрэ" диэн Күүстээх Мөхүлүөп миигин хаҥас илиитинэн түөспүттэн, уҥа илиитинэн эмэһэбиттэн харбаан ылла.  Дьаҕылтай өрө мөҕө сылдьан тохтоон ылар кэмигэр сыста түһээт ат үрдүгэр бырахта. Сыбыдах аты үрдүнэн, ааһа көтөн иһэн сиэлиттэн хаптан ылан, дүлүҥ курдук кытааппыт ат сиһигэр хатана түстүм. Аҕам аты ыҥыырдаах сүүрдэр дэҥнээх диэн аппын сыбыдахтыы сүүрдүөхтээхпин. Ат үрдүгэр хатана түһэрим кытары Күүстээх Мөхүлүөп атым быатын баҕанаттан сүөрэ тарта. Сүүрэртэн саллан буолуо, ииримтийбит ат өрө тура-тура умса бугуйан, тута сылдьар киһиттэн босхолоно сатаан сулбурута ойуолаата. Сүүһүнэн киилэ ыйааһыннаах, бөдөҥ күүстээх Мөхүлүөп атын суларыттан тутуһан сүөрэ сатыы-сатыы салгыҥҥа көтө сылдьар. Хайа эрэ кэмҥэ быаны сулартан төлө тарта уонна ат барыахтаах сирин диэки баһын салайа тутаат туора ыстанан биэрдэ. Мин икки такыммынан аппын кыбыйан, уһун, хара сиэлиттэн тутуһан түһүмээри кытаахтаһа сылдьабын. Кытаатан, дүлүҥ курдук буола тыҥаабыт ат сиһигэр, кини эрчимнээх хамсаныыларын нэһиилэ тулуһа сырыттахпына дьэ атым иннин диэки сулбу ыстанна. Бастакы дохсун ойууларга атын кэннинэн сулбу көтөн түһэн хаалыахпын хата сиэлиттэн күүскэ тутуһа сылдьар буолан иҥнэн хааллым. Хараҕым кырыытынан көрөн аһардахпына икки мөҥө сылдьар аттар эмиэ иннилэрин диэки ыстаннылар. Үс кэккэлэһэ, харса суох түһэн иһэр аттар туйахтарын тыаһа хаптаһыны таһыйар курдук бап-баһыгырас  буола түстэ. Икки өттүбэр кэккэлии көтөн иһэр аттар тыыннара субу хардыргыыр.  Бу, бастакы ат сүүрдүүм буолан, оо, куруук аатырдар, аттарын бастакы түһүүтүн тулуйдум ээ диэн өрөгөйдүүр үөрүүлээх санаа төбөбөр охсуллан ааста. Аҕам уонна кырдьаҕастар үөрэтиилэрин тутуһан, муҥунан көтөн иһэр атым моонньугар сыстан, хаптайан аҕай иһэбин. Тыал курдук түргэнник, түөрт түөрэм туйахтара сиргэ сыстар сыстыбат көтөн иһэр атым сиэлэ сирэйбин быһыта сынньар. Бу туох да үлүгэр түргэн көтүүттэн кырыс сир быа курдук субуллан көстөр.  Өтөр буолбата, икки сүүрэ үөрүйэх аттар иннибэр сулбу көтөн таҕыстылар. Аны хара, тураҥ буордаах сиргэ ойутан киирдибит. Онон кинилэр иһэхтэрэ тэбэн кэбиспит хара буора иннибэр тугу да  көрдөрбөт гына тибэн кэбистэ. Оннук барбалыы түһээт илин -кэлин түһэн субурус гына түстүбүт. 

Саҥа сүүрэр аты таһыйан салыннарыаҥ, онон аккын отой соруйаайыккын диэн дьаһаллаах буолан, тирии нагайкалаах да буолларбын аппын нагайкалаабакка, улахан сүүрүктэртэн ол да гыннар улаханнык хаалбакка биэтэккэ кэллибит.  Дьэ, бу боруоба сүүрүү кэннэ киэһэ оҕонньоттор олорон, уолбут хата атын бэккэ сүүрдүүһү диэн үөрэн кэпсэтэллэр.  Атым, Дьаҕылтайым хас боруоба сүүрүү ахсын мөҕөрө өссө күүһүрэн истэ. Оттон бэйэм хас боруоба сүүрүү ахсын санаам күүһүрэн, дьиҥ эр боотур киэбин ылан истим.                                                                                                                                                      

Дьэ, итинник күннэр ааһан истилэр. Сопхуоспут ыһыаҕа буолар кэмэ кэллэ. Биһиги дойдубут ыһыаҕа саха сирин үрдүнэн аатырбыт аҕай ыһыах. Угут Күөл ыһыаҕа дуо диэн кэпсэлгэ сылдьар. Дьон мустар күнүттэн аахтахха үс күн супту буолар. Ол тухары ырыа тойук, күнүстэри-түүннэри оһуокай.   

Биир күн сүүрүк аттаахтар бөҕө хотуттан-соҕурууттан  субуһан аҕай кэллилэр. Ыһыахтыыр сиргэ бары анаммыт күрүөлээхтэр. Онно аттарын баайталаатылар. Күрүө таһыгар балаакка тартылар. Хорчуоппа диэн дьону аһатар буфеттар үлэлээн бардылар. Соннук айманан, бу күнтэн ыһыах саҕаланан барда. Сарсыныгар күүтүүлээх ат сүүрүүтэ киэһэ алта чаастан саҕаланна. 

Миэхэ дьэ бүгүн эппиэттээх күн. Ыһыахха бастакы ат сүүрдүүм. Бастакы сүүрүүгэ, 1600 миэтэрэҕэ мин атым барар буолла.  Аттаахтар субуһан түһэр сирдэригэр бара турдулар. Хас да нэһилиэктэн уонча ат түһэр буолла. Сүүрдээччилэри массыыннан аҕалан аттар түһэр сирдэригэр түһэрдилэр. 

Сүүрдээччилэр бары улахан дьон, сирэйдэрэ-харахтара турбута сүрдээх. Аттаахтарбыт кэллилэр. Дьэ бары аттарын үрдүгэр тахсан, оннуларын булан бардылар. Тула өттүбэр хаһыы-ыһыы, аттар мөхсүүлэрэ, аймалҕан бөҕө саҕаланна. Ол быыһыгар аттары түһэриҥ, кыайтаралларын аастылар диэн хаһыылар иһиллэллэр. Оо, оттон мин аппын Дьаҕылтайы Өлөккөй атын кутуругар холбонон кэлбитэ доҕоор, мөҕөн отой холорук курдук буолбут. Ол үлүгэр мөҕө сылдьар аттан куттанан чугуйуох курдук буолан эрдэхпинэ Сылгыһыт Баһылай миигин түөспүттэн эмэһэбиттэн харбаан ылла. Өлөккөй атын кэннигэр сыста сылдьан, атым мөҕө сылдьан тохтоон ылар кэмигэр үрдүгэр бырахта.

Үрдүнэн ааһа көтөн иһэн атым сиэлиттэн хабан ыллым. Хата атым үрдүгэр хатанным диэн санаа охсуллан ааста.  Өлөккөй мин атым быатын холбоно сылдьар атын кутуругуттан төлө тардыан ыккардыгар атым өрө туран баран, барыахтаах сирбит таҥнары эргийдэ. Ол кэмҥэ аттары түһэрээччи кыһыл былааҕы умса охсон эрэрин көрөн аһардым. Атым быатын Өлөккөй сулбу тарта. Ат босхо баран дьэ сулбу ыстанна. Эмискэ дохсун сулбу ыстаныыга атым кэннин диэки сулбу бара сыһан баран сиэлиттэн тардыһан оннубун буллум. Иннибэр биир да ат суох. Ол ыккардыгар "Хайыы, бастакыбын" диэн санаа охсуллан ааста. Онтон өйдөөбүтүм арай барыахтаах сирбит таҥнары өттүгэр көтүтэн иһэр эбиппин. "Пахаай, хаалбыппын" дии санаат, муҥунан көтөн иһэр аты тэһиининэн харса суох хаҥас эрийэ тартым. Муҥунан көтөн иһэр Дьаҕылтай инники икки атаҕар туормастаан ылар курдук гынна уонна сонно хаҥас өттүгэр тоҕус уон кыраадыс төттөрү эргийдэ. Ол үлүгэр түргэнник иннин диэки көтөн иһэн, балысхан, төттөрү эргийэн салаллыыга аппыттан инним диэки көтө сыстым, хаҥас такыммыттан эрэ кыраннан иҥнэн хааллым. Атым уҥа өттүнэн үлтү түһүөх курдук, хаҥас такыммыттан иҥнэн, атым сиэлиттэн хаҥас илиибинэн тутуһан, үлтү түһэр-түспэт хатаастан иһэн абаккабар уҥа илиибэр тирии тирбэҕэҕэ иилиллэн иһэр нагайкабынан атым самыытыгар ыалдьыттаан ыллым. Атым барахсан, биирдэ да нагайкаламматах ат дьэ соһуйан, түөрт атаҕа сиргэ тиийбэт үлүгэр курдук буола түстэ. Туйаҕын тыаһа бап-баһырҕас буолла. Хаптайа-хаптайа, уунан түһүөлээтэ. Инньэ гынан, ыраах иннибэр сырсан, көтөн иһэр курдук элбэх аты тумулга тиэрдибэккэ сабыта көтөн ыллыбыт. Бу тумултан ыһыахтыыр сир көстөр. Сир ортото. Киһи аймах бөҕө тоҕуоруһан, ханнык ат бастаан иһэрин билэ сатаан, ыалдьан бөҕө турар сирэ. Үрдүк трибуна турар, онно ханнык ат бастаан иһэрин көрөн кэпсии турар киһи көстөр. Атым барахсан, киксэрэн сик-сик диирим кытары аҕыйахтык, күүскэ-күүскэ ууналаан, иннибитигэр сүүрэн иһэр аттар иннилэригэр сулбу көтөн таҕыста. Оннук хаалбыт сиргэ эптэр эбэн, атын аттарбытын ырааҕынан куотан таҕыстыбыт. Дьэ доҕоор, манна биллим, оҕо киһи, кыайыы өрөгөйө диэни. Тула өттүгэр билэр-билбэт дьонуҥ эйигин кыайыыгынан айхаллаан-уруйдуурун. Дьаҕылтайым барахсаҥҥа эмиэ кыайыы өрөгөйүн биллэрэн, айхаллыы турар дьон иннинэн түөрт түөрэм атаҕар үҥкүүлэтэн-бэдьэтэн өссө биирдэ эргитэн таҕыстым. Ат бааллар күрүөтүгэр аппын сиэтэн тахсыбытым аҕам хаһан да үөрбүтүн биллэрбэт бэйэтэ балтыһаҕар өйөнөн мичик аллайан, сэгэйэн турар эбит. Ол аата аҕам барахсан биһиги кыайыыбытыттан улаханнык үөрбүт.  Оксиэ, атыҥ көлөһүн да тахсыбатах, тыыммакка да кэлбит диэн Дьаҕылтайын хайҕаан, хаҥас холун имэрийэн, таптайбалаан ылла.                                                                                                                                           

Дьэ, сопхуос ыһыаҕа бүттэ. Аны оройуон ыһыаҕар киирэр буоллубут.  

Биэс көстөөх сиргэ, оройуон киинигэр Сунтаарга аттарбытын миинэн киирдибит. Ол киирэн иһэн Күндэйэ диэн сиргэ тохтоон чэйдээтибит. Мантан өссө хас да сүүрүк ат биһигини кытары оройуоҥҥа сүүрэ киирдэ.                                                                                                                                                                       

Улахан күрэххэ киирэн иһэр оҕо сүрэҕим тэбэн, долгуйан бөҕө. Ыһыахтыыр сир диэни соннук көрбөккө, сарсыныгар ат сүүрүүтүгэр, ипподромҥа быһа киирдибит. Бу да сырыыга бастакы сүүрүүгэ, саамай кылгас дистанцияҕа, биһиги, Дьаҕылтайбынаан, киирэр буоллубут.  Араадьыйаҕа, комментатор трибунаҕа айдаана, тыһыынчанан дьон айманар куугуна  ипподром киэҥ алааһын ылан кэбистэ.  Аттар түһэр сирдэригэр тиийдилэр. Ат сүүрдээччилэри уаз массыынаҕа олордон аҕаллылар. Күүстээх Мөхүлүөп миигин акка холбонуллан, мөҕөн өрө туста сылдьар аппар, эргийэн кэлиитигэр түөспүттэн уонна эмэһэбиттэн тутан көтөҕө сылдьан  үрдүгэр быраҕан кэбиспитигэр ааһа көтөн иһэн атым сиэлиттэн хаптан, атым үрдүгэр хатана түстүм.  Сонно кыһыл былааҕы умса охсон кэбистилэр да, элбэх ат иннилэрин диэки ыстанан биирдэ субурус гына түстүлэр...

Бастакы түһүүгэ бары бииргэ кэккэлии кэриэтэ, харса суох түһэн иһэр аттар туйахтарын тыаһа бап-баһыгырас буола түстэ.  Иннигэр сулбу түспүт аттар тэбэн кэбиспит иһэхтэрин буора иннигэр туох да буоларын көрдөрбөт гына саба типтэ.

1600 миэтэрэ диэн дьиҥэ кылгас дистанция,  баара суоҕа икки мүнүүтэ сүүрүү. Ол гынан баран сүүрдээччи киһи кэпсээтэҕинэ бу икки мүнүүтэ сүрдээх уһун кэпсээн.

Бу дистанцияҕа аттар бастакыттан түстүлэр да сүүрэр суолбут сыырынньа умса түһүү, онтон аргыый үөһэ тахсыы, онтон эмиэ фиништиир биэтэккэ дылы сыыйа түһүү.

Дьэ, аттар барахсаттар бастакы атахтарыгар бары баран күлүмнэттилэр, умса түһүү кэннэ аргыый үөһэ тахсыы кэлиитигэр бастыҥнар инники ойутан таҕыстыбыт. Дьэ, өйбүн булан иннибин-кэннибин көрүммүтүм, иннибэр Хадан ата Кулунчук эрэ баар эбит. Бэйэм курдук уон иккилээх сырдык хааннаах уол ыҥыыр иһэҥэтигэр туран, атын моонньугар сыстан аҕай иһэр.

Биир тыынынан тахсыыны өрө көтүтэн таҕыстыбыт. Атым ити ыккардыгар тыына мөлтөөн ылла. Иккис тыын киирэрин кэтээн иһэбин. Бу кэмҥэ аты соруйуллубат. Иннибэр көтөн иһэр Кулунчук эмиэ тэҥҥэ мөлтөөтө. Оннук иккиэн олорсон иһэбит. Мин арыый моонньунан хаалан, ойоҕолуу иһэбин.

Ол кэмҥэ кэннибэр ат тыынара иһиллиннэ. Оҕонньоттор сүбэлэринэн хонноҕум аннынан ханнык ат киирэн эрэрин көрдүм. Элэмэстээх тураҕас ат дьэ ойон иһэр. Эмиэ бэйэм саастыы быыкаа уол ат моонньугар сыстан, күрэх уоҕар киирэн хараҕа уоттанан, көтүтэн аҕай иһэр.

Хаданнар Белоножкалара кэлбит диэн таайдым. Сик-сик диэн аппын киксэрэн көрдүм. Атым истэн кулгааҕын хамнатта. Ол аата иккис тыына киирбит. Дьэ өрүү нагайканан аппын соруйан самыыга уурталаатым. Атым туйаҕын тыаһа эмиэ сүрдэнэн, баран иһэр тэтиммит түргэтээн,  көтөн иһэр курдук буола түстүбүт. Кулунчугу ойоҕолоон иннигэр киирэн бардым. Кулунчугу сүүрдэн иһэр уол мин ойоҕолоон киирэн эрэрбин өйдөөн көрөн, атын эмиэ таһыйан барда. Аны кэннибиттэн кэлбит Белоножка эмиэ сорулунна быһыылаах, миэхэ ойоҕолоһон барда.

Финиш бу чугаһаата. Ким да куотуо биллибэт буолла. Үс эт саастыы уолаттар улуу күрэх алыбар киирэн, харахтарбыт уоттанан, харса суох аттарбытын таһыйыы бөҕө. Мин Кулунчук иннигэр түһүөх курдук буоллум. Кулунчугу сүүрдэн иһэр уол киирэн эрэр атым иннигэр нагайкатын эрийдэ. Нагайка атым иннигэр эриллэн куһуурбутуттан куттанан, субу олорсон, иннигэр киирэн эрэр атым чугурус гына түстэ, аны Белоножка миэхэ ойоҕолоон барда. Кулунчугу сүүрдэн иһэр уол курдук мин эмиэ ойоҕолоон эрэр Белоножка иннигэр нагайкабын эрийдим. Белоножка эмиэ онтон куттанан киирбэтэ.  Соннук үс ат ойоҕолоспутунан тахсыы биэтэги көтөн аастыбыт.

Дьэ, сүүрдэн кэлэн, аппыттан түһэн ипподромтан тахсан иһэбин. Арай эмискэ туораттан үс уол нагайка тутуурдаах, сирэйдэрэ-харахтара туран: "Ноо, тоҕо ат иннигэр нагайканы эрийэҕин",-диэн хаһыылаах сүүрэн аҕай кэллилэр.

 "Эһиги эмиэ эрийбиккит",- диэн айдаарсыы буолла. Сыыһа-халты бэртэлэстибит. Туораттан дьон сүүрэн кэлэн айдааран тохтоотубут. 

Дьэ, сүүрүк ат диэн баран муннукка ытаабыт бэйэм саастыы Хадан дэриэбинэтин уолаттарын кытары ити бастакы билсии буолла. Киэһэ утуйаары сытан ат баайааччы Өлөккөйдүүн бүгүҥҥү ат сүүрүүтүн ырытабыт. Өлөккөйбөр сарсын сүүрүүгэ аппытын эрдэттэн миинэн киириэххэ диибин. Кутурукка холбоммокко ат үрдүттэн, суларыттан тутан киирээр.  Кэлин соҕус хаалан иһэн былаах таҕыста да ыытан кэбиһээр. Оччоҕо аттар саҥа ойон разгон ылыахтарыгар дылы мин инники ойутан тахсарым буолуо диэн бэйэм былааммын этэбин.

Сарсыныгар мин атым 3200 миэтэрэҕэ барар буолла. Ипподромҥа киирэн, дьэ түһэр сиргэ баран иһэбит. Пилорама ойоҕоһуттан түһэрэбит. Киирэн иһэн көрдөхпүнэ били икки Хаданым уолаттара бааллар. Аты күөйээйэҕин диэн чаҕааран, нагайкалара өрө хоройон олорор. Дьэ, атым өрө тустан, мөҥүү бөҕөтүн мөҥөн түһэр сиргэ чугаһаан иһэбит. 

Өлөккөйбөр арыый анараа аттартан хаалыах диэн көрдөһө иһэбин. Былаах көтөҕүллэрин кытары ыыт диэтим. Өлөккөй аппын төлө тардан кэбистэ.  Дьээ, атым сулбу ыстанна, былаах түстэ. Саҥа хоҥнон эрэр элбэх ат быыһынан мүччү көтөн инники биирдэ баар буола түстүм. Ол да гыннар Кулунчук да түһүүлээх ат эбит. Син биир арыый иннибэр буолла. Били умса түһүүгэ көтүтэн кэллибит. Кэннибин сэмээр көрбүтүм, бэҕэһээҥи курдук эмиэ Белоножка олорсон иһэр.  Дьэ биир тыынынан оннук күлүмнэтэн сыыры түстүбүт, тахсыыга оннук үс ат олорсубутунан таҕыстыбыт. Ким да атын соруйбат. Бары тыҥаан, бэйэ бэйэбитин кэтээн иһэбит. Бу орто уһун дистация, онон бары аппытын харыстыыбыт. Оннук ким да атын соруйбакка тэбис-тэҥҥэ ойутан, аттарбыт моонньугар сыстан, куугунуу-аймана турар трибуна, көрөөччүлэр иннилэринэн көтүтэн аастыбыт. Дьиҥнээх эриһии ипподром уҥуор өттүттэн саҕаланыахтаах.

Ипподроммутун эргийэн дьэ били бэҕэһээҥи түһүүгэ кэллибит. Аттарбыт тэбис-тэҥҥэ ойон, көтөн иһэллэр. Онтон өрө тахсыы кэллэ ,  дьэ мантан биэтэккэ дылы аҕыс сүүс миэтэрэ. Аппын сик-сик диэн киксэрдим. Атым истэбин диэн кулгааҕын хамнатта. Ол аата атым кыахтаах иһэр. Дьэ оччону көрөөт, бастакыны былдьаһар кэм кэлбит диэн аппын соруйан бардым. Нагайканан хаста да самыыга уурталаан ыллым. Дьаҕылтай барахсан маны күүтэн испиттии дьэ хаптайа-хаптайа түһүөлээн барда. 

Атым туйаҕын тыаһа бап-баһырҕас буола түстэ. Кулунчукка ойоҕолоон бардым. Аны Кулунчугу сүүрдэн иһэр уол иннигэр түһээри ойоҕолоон эрэрбин хараҕын кырыытынан көрөн аһарда. Эмиэ нагайкатынан атын соруйан барда. Кэннибитигэр Белоножка эмиэ соруллан, тыынара кулгаахпар субу иһиллэн иһэр. Дьэ эмиэ тыҥааһыннаах киирсии саҕаланан барда.

Кулунчук сүүрүкчүтэ, мин, Белоножканы сүүрдэр уол аттарбыт моонньугар сыстан, субу быһаарыылаах, аҕыйах сөкүүндэ иһин охсуһан, аттарбытын харса суох таһыйан били оҕонньоттор этэллэринии, бөстүөнэй саа сомуогунуу тыҥаан аҕай иһэбит. 

Мин атым Кулунчукка иннигэр түһэ сатыыр. Белоножка мин иннибэр киирэ сатыыр. Соннук аттар биир кэм тохтоло суох таһыллан, харса суох көтүү бөҕө буоллулар. Ким да иннин биэриэн баҕарбат. Бастыыр иһин охсуһуу. Бу да сүүрүүгэ соннук Кулунчук бастаан, иккис Дьаҕылтай, үһүс Белоножка буолан, үһүөн ойоҕолуу олорсубутунан, биэтэги тыһыынчанан көрөөччү дьон уруйун- айхалын ортотугар, трибуна иннинэн көтөн ааспыттара. Оскуоланы бүтэриэхпитигэр дылы төһөлөөх элбэх ат сүүрүүтэ буолта буолуой. Ити Хадан уолаттарынаан араас улуу сүүрүк сахабыт аттарын үрдүлэригэр олорон хас эмэ сыл илин-кэлин түсүһэн сырсыбыппыт. Элбэхтик кыайыы өрөгөйө диэни билбиппит. 

 Биһиги суолбутун батыһан кэлин элбэх уол оҕо ат үрдүгэр олорон дьоллоох, хатыламмат түгэннэргэ тиксибитэ.  Оттон биһиги, ол ахсым, сүүрүк сахабыт атыттан үөрэнэн туохтан да куттаммат эр хоһууттара буола иитиллэн тахсыбыппыт.

 Билигин,  хаһан эмэ уол оҕолорбут итинник умсулҕаннаах, үйэҕэ умнуллубат үөрүүлээх түгэннэрдээх ат сүүрүүтүгэр кыттыахтара диэн кэтэһэ саныыбын. Аныгы уол оҕо урукку оҕоҕо тиийиэ дуо?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....