Ыһыах алаадьытын астыыбыт
Февронья Алексеевна Петрова 1945 сыллаахха Сунтаар Сиэйэтигэр төрөөбүтэ. Кыайыы сылын оҕото Сэрии уонна тыыл бэтэрээннэрин, Сэрии оҕолорун, Улуу Кыайыы 75 сылынан уонна Туймаада Хочотун Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан эҕэрдэлиир:
- Биһиги үрдүбүтүгэр куруук ыраас, эйэлээх халлаан мэндээрдин. Бэтэрээннэргэ, сэрии оҕолоругар кытаанах доруобуйаны уонна самныбат санааны баҕарабын.
Сэрии уоттаах сылларыгар Саха сирин үгүс ийэлэрэ төрөппүт оҕолорун фроҥҥа атаарбыттара. Биһиги бары Февронья Малгина 5 уолун сэрии хонуутугар сүтэрбитин өйдүүбүт. Мин тус бэйэм 6 уолламмытым, кинилэртэн биэһэ аармыйа кэккэтигэр сулууспалаан дойдуларын иннигэр ытык иэстэрин толорбуттара.
Быйыл 75 сааспын туоллум – Кыайыы сылын оҕото буоларбынан киэн туттабын. Мин дьонум сэрии сылларыгар холкуоска үлэлээн кыайыыны уһансыбыттара. Аҕам Алексей Иванович доруобуйатын туругунан кыайан сэриигэ барбатах. Кини сонордьут булчут этэ. Биирдэ 20 буут ыйааһыннаах тайаҕы суулларан, бар дьонун аччык өлүүттэн быыһаабытын туһунан биир дойдулаахтара билигин да ахталлар.
Мин уопсастыбаннай үлэҕэ өрүү көхтөөх этим. Кутанаҕа олорон “Илгэ” эбэлэр түмсүүлэрин тэрийбитим, ол түмсүү билигин да үлэлиириттэн үөрэбин. Элгээйигэ кырдьаҕастар кулууптарын старостата этим, Сунтаар улууһун хаһыатыгар уопсастыбаннай корреспонденнаабытым.
2012 сыллаахха Дьокуускайга, оҕолорбуттан чугас буолаары, көһөн кэлбитим. Үһүс саас оскуолатын литературнай куруһуогар сөбүлээн дьарыктанабын.
Дьокуускай дьаһалтата быйыл кырдьаҕастарга сиэр-туом набордарын түҥэттэ. Манна алаадьы састаабыгар киирэр ас-үөл, сиэргэ-туомҥа туттуллар кыл, кытыан, чэй баар.
Алаадьы – сахаларга былыр-былыргыттан сиэргэ-туомҥа туттуллар, сакральнай суолталаах мааны аспыт. Быйыл онлайн ыһыах сиэрин-туомун хас биирдиибит дьиэтигэр толорор, алаадьы астаан арчыланар кыахтаах.
Биһиэхэ наада:
Үүт – 300 мл;
Сымыыт – 2 уст;
Уу – 1/3 ыст;
Бурдук – 500 гр;
Туус – ½ ч.нь;
Мас арыыта – 180 гр, ыһаарылыырга.
Үүтү, ууну, тууһу, сымыыты холбоон ытыйабыт. Ытыгынан туттар ордук табыгастаах. Онтон бурдукпутун кыра-кыралаан сиидэлээн эбэбит. Тиэстэбитин хойуу сүөгэй курдук буолуор диэри ытыйабыт.
Итийбит арыыга буһарабыт.
Алаадьыны күөрчэҕи, барыанньаны кытта остуолга биэрэбит.