Ыһыаҕы онлайн ыытыы - хорсун быһыы
Василий Илларионов, профессор:
Быйыл аан дойду үрдүнэн коронавирус дьаҥа өрө турда. Бэрээдэктээх дойдулар икки-үс ыйынан син оннуларыгар түhүөх курдук буоллулар.
Онтон Арассыыйаҕа, Саха сиригэр, аҕырымныырын оннугар өссө өрөгөйдүөх курдук буолан иhэр. Ол иhин Ил Дархан А.С. Николаев Өлүөхүмэҕэ ыытыллыахтаах Олоҥхо ыhыаҕын, онтон Сунтаар баhылыга С.А. Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах ыһыаҕын олох да тохтоттулар. Өлүөхүмэлэр эhиил ыhыах буоларыгар бүк эрэллээхтэр. Былааннаммыт үлэни, уустуктары аахсыбакка туран, барытын ситэрэргэ дьулуhаллар. Сунтаардар С.А. Зверевкэ аналлаах төрүт култуура дыбарыаhын Сунтаар киэн туттар киhитэ М.Н. Евсеев спонсордааhынан үбүлүөйү көрсө бүтэрэр санаалаахтар.
Дьокуускай куорат баһылыга С.В. Авксентьева куорат ыhыаҕын интэриниэт нөҥүө онлайн эрэсииминэн ыытар хорсун санааны ылыммытын олоҥхо-ыhыах-оhуокай боппуруостарынан үйэм тухары дьарыктаммыт киhи сэҥээрэ көрсөбүн. Бука, сатаан тэрийдэххэ, табылыннаҕына аан дойду дьоно биhиги ыhыахпытыгар кыттыhан, аар айылҕаттан, айыылартан үҥэн-сүктэн сиэри-туому, алгыhы толоруохпутун сөп эбит диэн санаа киирэр. Билигин куйаар ситиминэн сир саарын хайа да муннугун кытта сибээстэhэр, ылсар-бэрсэр кыах үөскээбитин бары билэбит, ордук эдэрдэр сымсатык киирэллэр-тахсаллар. Онон бу түгэни таба тутан, биhиги ыhыахпыт ис хоhоонун, айылгытын, итэҕэлбитин, төрүт култуурабытын көрдөрөн аhарар бэртээхэй түгэн үөскээтэ.
Биhиги ааспыт үйэ 90-с сылларыгар, норуот өйө-санаата уhуктар кэмигэр «Кут-сүр» түмсүү айыы үөрэҕин түсчүтэ Л.А. Афанасьев-Тэрис көҕүлээhининэн, Пушкин аатынан национальнай библиотека кыраайы үөрэтэр салаатын өйөөhүнүнэн «Алтан сэргэ» кулуубу тэриммиппит уонна Туймаада туонатыгар ыhыаҕы тэрийэн ыытыы боппуруостарыгар киэҥ кэпсэтиини таhаарбыппыт. Онуоха өйөөччүлэр даҕаны, утарсааччылар даҕаны бааллара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Н.С. Толбонова, Пушкин аатынан библиотека кыраайы үөрэтэр салаатын сэбиэдиссэйэ В.Н. Павлова, куорат култууратын сэбиэдиссэйэ О.М. Харайбатова биhигини кытта бииргэ үлэлээбиттэрэ, бары боппуруостары өйөөбүттэрэ. Оттон утарсааччылар бэрээдэк сатарыйыа диэн дьаарханаллара. Айыыларга анаан былыргылыы ыhыаҕы ыытары төрдүттэн утараллара. Норуодунай суруйааччы Суорун Омоллоон Доҕордоhуу ыhыаҕын ыытыан баҕарара. Ол эрээри, уларыта тутуу сыллара буолан, дьон-сэргэ, уопсастыбаннас биhиги ыытар тэрээhиннэрбитигэр көхтөөхтүк кыттара, санааларын толлубакка этэллэрэ.
Тэрис биhикки «Туругуруу ыhыахтара» диэн тускулу суруйан туспа брошюранан таhаарбыппытын ыhыаҕы тэрийээччилэр олус кэрэхсээбиттэрэ, үлэлэригэр туhанан барбыттара. Сүрүн санаабыт айыыларга анаан сиэр-туом толоруллуохтаах, халлаан хаттыгастарыгар олорор айыыларга туhулаан сыл аайы туспа алгыс толоруллуохтаах диэн этэ. Быйыл Айыы үөрэҕин түсчүтэ А.Н. Павлов этэринэн, алгыс Дьылҕа уонна Таҥха хааннарга туhулаан этиллиэхтээх. Быйыл пандемиянан да сибээстээн, Конституция да уларыйарынан саха омукка кэлэр кэскилигэр, дьылҕатыгар быhаарыылаах кэм. Онон алгысчыттар, бу түгэни мүччү туппакка, алгыстарын кинилэр ааттарын ааттаан туран алгыhы түhэриэхтээхтэр. Онтон эhиги кинилэр аман алгыстарын сарсыҥҥы сардаҥалаах күн бэйэҕитигэр уонна норуоккут кэлэр кэскилигэр, инники дьылҕатыгар эрэл санааны иҥэриэхтээххит.
Туймаадаҕа тэриллибит маҥнайгы ыhыахха Тэрис оҥорбут тускулунан ыытар сөп. Онлайн ыhыах кэрэхсэбиллээхтик уонна ситиhиилээхтик барарыгар эрэнэбин. Бары сүбэлэhэн, саха норуотун үйэлэр тухары илдьэ кэлбит үйэлээх үгэhин үрдүктүк тутан, куйаар эйгэтигэр көхтөөхтүк тахсаргытыгар аман өспүн тиэрдэбин.