25.02.2022 | 15:00

XXIV-c Олимпийскай Оонньуулар историяҕа киирдилэр

XXIV-c Олимпийскай Оонньуулар историяҕа киирдилэр
Ааптар: Баһылай Посельскай
Бөлөххө киир

Икки нэдиэлэттэн ордук Кытай Пекин куоратыгар буолан ааспыт 24-с Кыһыҥҥы Олимпийскай оонньуулар түмүктэннилэр. Астына көрдүбүт, дуоһуйа ыарыйдыбыт.

Арассыыйа хамаандата 6 кыһыл көмүс – хайыһарга уонна фигурнай хаҥкылааһыҥҥа; 16 үрүҥ көмүс – биатлоҥҥа, хаҥкы спордугар, хайыһарга, хайыһарынан трамплинтан ыстаныыга, фигурнай хаҥкылааһыҥҥа, хоккейга уонна шорт-треккэ; 14 боруонса – биатлоҥҥа, хаҥкы спордугар, хайыһарга, салааскалаах спорка, сноубордка, фигурнай хаҥкылааһыҥҥа, фристайлга, шорт-треккэ – мэтээллэрдээх тохсус миэстэ буолла. Уопсай мэтээллэрин ахсаанынан 32 мэтээллэнэн, Норвегия кэнниттэн иккис миэстэлэннэ. Онон Кыһыҥҥы Олимпиадаҕа өтөрүнэн ситиспэтэх көрдөрүүтүн ылан, олимпиадалар историяларыгар дойдуга саҥа рекорд олохтонно. Германия – иккис, Кытай үһүс буоллулар.

Алта кыһыл көмүһү: Александр Большунов – хайыһар эстафетатыгар,  классическай уонна көҥүл ньыманан сүүрүү скиатлонугар уонна 30 км масс-стартка көҥүл ньыманан сүүрүүгэ; дьахталларга 4х5 км хайыһар эстафетатыгар Юлия Ступак, Наталья Непряева, Татьяна Сорина, Вероника Степанова састааптаах дьахталлар хамаанданан түмүккэ; 4х10 км хайыһар эстафетатыгар Алексей Червоткин, Александр Большунов, Денис Спицов, Сергей Устюгов састааптаах эр дьон хамаандата; фигурнай хаҥкылааһыҥҥа Анна Щербакова аҕаллылар.

Эккирэтиһиилээх 12,5 км биатлон күрэхтэһиитигэр, биатлоҥҥа 4х7,5 км эстафетаҕа, 12,5 км биатлон күрэхтэһиитигэр Эдуард Латыпов боруонса мэтээллэр хаһаайыннарынан буолары ситистэ.

Хайыһардьыттарбыт олус үчүгэйдик кытыннылар – 12 көрүҥҥэ күрэхтэспиттэриттэн 10-гар миэстэлэһэннэр, мэтээллэри ылаттаатылар, олортон биэс мэтээли Александр Большунов аҕалла. Эр дьон эстафетатыгар кыһыл көмүс мэтээл 42 сыл буолан баран кэлбитэ историческай суолталанна.

Фигурнай хаҥкылааһыҥҥа айылҕаттан талааннаах 15 саастаах Камила Валиева допиҥҥа уорбаланан, бастаабыт Арассыыйа хамаандатын наҕараадалаабатылар. Валиева допинг-хонтуруол хамыыһыйаларын күүстээх бэрэбиэркэлэрин, ыгааһыннарын тулуйбата, биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһиигэ иккитэ охтон, түөртэ тайанан, төрдүс көрдөрүүлэннэ, дьоҕурун толору көрдөрбөтө. Холкутук ылыахтаах үрдүк солотуулаах мэтээлин дьүөгэлэригэр туран биэрэн, эр санаалааҕын көрдөрдө. Камила Валиева төһө да мэтээлгэ тиксибэтэр, аан дойду үрдүнэн, Бүтүн Арассыыйа, ол иһигэр Саха сирин ыалдьааччыларыттан видеонан ыытыллыбыт флешмобунан улахан билиниини, өйөбүлү, тулууру, инникитин үрдүк ситиһиилэрдэнэригэр баҕа санаалар бастыҥнарын ылла.

Олимпиада аан дойду киһи аймаҕа түмсүүлээх, бары бииргэ буоларбытын итэҕэттэ.

Кэлэр 25-ис Кыһыҥҥы Олимпийскай оонньуулар Италия Милан уонна Кортино-д Ампеццо куораттарыгар 2026 сылга ыытыллыаҕа.

 

Тэттик сонуннар

Белоруссияҕа түмүктэммит Норуоттар икки ардыларынааҕы бокса турнирыгар Талбан Егоров 48 кг финалга Орел куораттан сылдьар Арассыыйа ыччаттарын финалиһын Максим Голиковы кытта киирсиитигэр үгүс судьуйалар быһаарыыларынан кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ. Кулун тутарга Хорватияҕа буолар Европа ыччаттарын чемпионатыгар кыттарга Арассыыйа боксердарын хамаандатын сүүмэрдиир эрчиллэр-бэлэмнэнэр түмсүүлэрэ Сочига буолуоҕа диэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин боксаҕа сүрүн тренерэ Владимир Павлов иһитиннэрдэ.

 

Сыл-хонук ааһан истэҕин аайы, Сахабыт сиригэр төрүттэммит “Азия оҕолорун” Спортивнай оонньууларын суолтата улаатан иһэр. Субу аҕай түмүктэммит Пекиннээҕи Олимпиадаҕа 2019 с. Сахалиҥҥа буолан ааспыт I-кы Кыһыҥҥы “Азия оҕолорун” оонньууларын кыттыылаахтара Кытайтан, Соҕуруу Кореяттан, Казахстантан, Арассыыйаттан тиийэн ситиһиилээхтик күрэхтэспиттэринэн киэн туттабыт! Ол иһигэр хайыһардьыт Данил Садреев трамплинтан ыстаныыга үрүҥ көмүс мэтээлгэ тигистэ. Кэлэр кыһыҥҥы “Азия оҕолорун” спортивнай оонньуулара 2023 с. Кемерово куоракка ыытыллыахтара.

 

Сахабыт сирин бастыҥ спортсменнара кэккэ ситиһиилэринэн үөрдэллэр. 
Болгарияҕа Дан Колов кэриэһигэр көҥүл тустуу Норуоттар икки ардыларынааҕы турнирыгар алта бөҕөспүт тиийэн кыттыбытыттан, Арыйаан Тютрин 57 кг кыһыл көмүс, Ньургун Скрябин 65 кг боруонса мэтээллэри ылаттаатылар. 
Арыйаан Тютрин маҥнайгы эргииргэ Молдавия бөҕөһүн Люцкановы 13:1 ыраас техническэйинэн, грузин Дзигуаны 5:1, азербайджанец Рзазадены ыраастык, американец Нико Провону 13:0 ыраас техническэйинэн, финалга Индия бөҕөһүн Аман Аманы 18:9 лаппа баһыйан хотуталаата. 

 

Монреаллааҕы Олимпийскай оонньуулар көҥүл тустууга үрүҥ көмүс призера, Кавказ бөҕөстөрүн тулуппатын иһин “Улуу Пехлеван” аатынан сүрэхтэммит ССРС спордун үтүөлээх маастара Александр Николаевич Иванов тапталлаах олоҕун аргыһынаан Варвара Афанасьевнатынаан бииргэ олорбуттара 50 сыллаах кыһыл көмүс сыбаайбаларын үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтээтилэр. Көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, РСФСР уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үтүөлээх тренерэ, улуу тренер Д.П. Коркин аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, Ньурба улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Будимир Григорьевич Яковлев 65 сааһын томточчу туолла. Саха тустуутун аар-саарга аатырдыбыт Александр Николаевич Иванову олоҕун аргыһынаан Варвара Афанасьевнатынаан кыһыл көмүс сыбаайбаларынан уонна Будимир Григорьевич Яковлевы үбүлүөйүнэн итии-истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит, чэгиэн-чэбдик буолууну, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабыт!

 

Улахан спорт сайдыытыгар оҕо спортоскуолаларын үлэлэрин суолталара сүҥкэн. Өрөспүүбүлүкэ спорка миниистирэ Леонид Спиридонов Уус Алдан улууһун киинигэр Бороҕоҥҥо бу сайын Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананан ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын VIII-с Спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнии хаамыытын тиийэн көрдө-иһиттэ, ол иһигэр 1000 олорор миэстэлээх стадион, Мындаабаҕа спортивнай единоборстволар универсальнай комплексын уонна элбэх функциялаах спорт комплекс тутууларын, Мындаабатааҕы спортоскуолаҕа, “Чаран” култуурунай-спортивнай комплекска, Майаҕас оскуолатын спортивнай саалатыгар уонна хоккей кортугар сылдьыталаата. 
Бороҕоннооҕу олимпийскай солбук спортивнай оскуолатыгар сылдьан, дириэктэринэн  көҥүл тустууга спорт маастара Иван Семенович Ноговицыны анаата. Иван Ноговицын бу спортоскуолаҕа дириэктэри солбуйааччынан, улууска тустуу федерациятын толорооччу дириэктэринэн  үлэлээбитэ. Спорт оскуола дириэктэринэн Федот Мигалкин таһаарыылаахтык уонна айымньылаахтык үлэлээн кэллэ. Үгүс биллиилээх спортсменнар бэлэмнэнэн таҕыстылар. Билигин Иван Сивцев, Иван Пантилов, Петр Соловьев, Михаил Захаров, Семен Петухов, Николай Крылов, Иван Готовцев курдук тренердэр үлэлииллэр. Спортоскуола кэлэктиибин иннигэр тирээн турар соруктар тула кэпсэттилэр.

 

Адаптивнай спорка үлэ тэтимнээхтик, көдьүүстээхтик тэриллэр. Мордовия Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратыгар Саранскайга доруобуйаларыгар сүһүөхтэринэн хааччахтаах адаптивнай спорт чэпчэки атлетикаҕа Саха сирин спортсменнара Арассыыйа кубогар уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһиилэригэр араас солотуулаах уон мэтээли ылары ситистилэр. Дьаадыраны анньыыга Виктория Петрова уонна Айаал Сивцев кыһыл көмүс, Саргылан Семенов уһуну ойууга уонна 60 м сүүрүүгэ, дьаадыраны анньыыга Яков Максимов, Василина Иванова үрүҥ көмүс, Виктор Евсеев, Спартак Дорофеев боруонса мэтээллэри ылаттаатылар, 3000 м сиргэ сүүрүүгэ Дмитрий Усов, дьаадыраны анньыыга Эрсан Львов ыччаттарга үһүс миэстэлэннилэр. Хамаанданы тренердэр Василий Оленов уонна Петр Давыдов илдьэ сырыттылар. Никифор Анисимов 400 м сүүрүүгэ Арассыыйа маастарын нуорматын толордо. Бука бары Ньурба, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Амма, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи улуустарыттан төрүттээх-уустаах спортсменнар. ⠀

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...