11.12.2023 | 17:30

XI-с ыччат дьыалабыай оонньуута түмүктэннэ

«Ыччат – Дьокуускай куорат сайдыытын энергията» дьыалабыай оонньуу чаҕылхай түмүктэрдээх буолла диэн Олохтоох дьаһалта Уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар управлениета иһитиннэрдэ.
XI-с ыччат дьыалабыай оонньуута түмүктэннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кыттааччылар, куорат баһылыга Евгений Григорьев бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ иннигэр, Дьокуускай куоракка 2032 сылга диэри туризм сайдыытыгар туһуламмыт бырайыактарын көмүскээтилэр.

«МЭР» («Ыччат – Дьокуускай куорат сайдыытын энергията») XI-с ыччат дьыалабыай оонньуутугар 13 хамаанда күрэхтэстэ – куорат уокуругун тэрилтэлэрин 80 эдэр исписэлииһэ, орто уонна үрдүк үөрэх кыһатын 18 сааһыттан 35-гэр диэри устудьуоннара уонна ыччат уопсастыбаннай тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ.

Уопсай түмүгүнэн, «МЭР-2023» оонньуу кыайыылаахтарынан буоллулар:

1-кы миэстэ – «Аптаах ойуур» кыһыҥҥы паарка» бырайыактаах хамаанда, хамандыыр Егор Прокопьев, Киин уокурук Управатын нэһилиэнньэни кытта үлэҕэ сүрүннүүр исписэлииһэ;

2-с миэстэ – «Полярный круг Якутии» этнопаарка» бырайыактаах хамаанда, хамандыыр Иннокентий Киренскэй, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуона;

3-с миэстэ – «Фтизиатрия» научнай практическай киин СӨ СБТ «Ус кут» төгүрүк сыл үлэлиир туристическай комплекс» бырайыактаах хамаандата, хамандыыр Ирина Потапова, «Фтизиатрия» научнай практическай киин СӨ СБТ провизора.  

Оонньуу бастыҥ лиидэринэн «Саханефтегазсбыт» АУо үпкэ салаатын сүрүннүүр исписэлииһэ Игорь Лемешев талылынна. Кини үрдүк таһымнаахтык салайар дьоҕурун, дьоһун быһаарыыны ылынарын көрдөрдө.  

«Ыччат – Дьокуускай куорат сайдыытын энергията» XI-с дьыалабыай оонньуу киин куорат ыччатын ураты талаанын, айар уонна хамаандаҕа үлэлиир дьоҕурун, идэтийиитин таһымын арылхайдык көрдөрдө.

Оонньуу тэрийээччилэрэ – Олохтоох дьаһалта Уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар, итиэннэ Каадырга уонна муниципальнай сулууспаҕа управлениелара.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....