Воркаут-балаһааккалары туруоруу салҕанар
Уокуруктарга уонна куорат таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга бу сыл бүтүөр диэри тренажердаах 15 воркаут-балаһаакканы туруораллар. Алтынньы 5 күнүнээҕи туругунан, тутуу уопсай бэлэмэ 75 % тэҥнэспит. Бу туһунан «Главстрой» МХТ капитальнай тутууга салаатын начаалынньыга Андрей Климов иһитиннэрдэ.
Алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан, воркаут-балаһаакканы туруорарга анаммыт балаһааккалар тутуулара Дзержинскэй уул., 45/1, Дзержинскэй уул., 45/2, Билибин уул., 17/1, Пригороднай сэлиэнньэтигэр Совхознай уул., 27, Кальвица уул., 11/1, Курнатовскай уул., 3/5, Лермонтов уул., 58 түмүктэннилэр.
«Каландаришвили, уул., 23/1 – П. Морозов уул., 1 бетоннуур уонна таҥар бэлэмнэнии үлэтэ бу күннэргэ түмүктэнэр. 202-с дьоҕус оройуоҥҥа 7-с корпус таһыгар баар балаһаакка оҥоһулунна, ыскамыайкалары туруорар хаалла. Кангалаас дьоҕус оройуонугар 26-с Партсъезд уул., 3 бетоннааһыҥҥа уонна таҥар үлэҕэ бэлэмнэнии бара турар, бу күннэргэ бүтэр. Бары балаһааккалары туруоруу алтынньы 30 күнүгэр диэри түмүктэниэҕэ. Ол эрэн толору бэлэм буоллахтарына биирдэ үлэҕэ киириэхтэрэ», – диэн кэпсээтэ Андрей Климов.
Куораты тутуу уонна тырааныспар инфраструктуратын Департаменын быһаарыытынан, Сэргэлээхтиир шоссе 8 км. туруохтаах воркаут-балаһаакка Автодорожнай уул., 40/10 турар буолла. Бу территорияҕа балаһаакка оҥоһулунна, ыскамыайкалар тураллара хаалла. Итини сэргэ, балаһааккалары бэлэмнээһин үлэтэ Хатас сэлиэнньэтигэр Дорожнай уул., 8/1, Марха дьоҕус оройуонугар Олег Кошевой уул., 96, Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр Уваровскай уул., 1, Маҥан сэлиэнньэтигэр Алымов уул. ыытыллар.
Табаҕа сэлиэнньэтигэр Каландаришвили уул., 1а, бетоннааһыҥҥа уонна балаһаакканы таҥыыга бэлэмнэнии барар. Быһа холоон алтынньы ортото үлэ түмүктэниэхтээх. «Мастерфайбр» эрэһиинэ бүрүөһүн кэлэрэ күүтүллэр.
Атын аадырыстарга тэрил толору атыылаһыллыбыт, спортивнай балаһааккалары оҥорорго бэлэмнэнии үлэ күргүөмнээхтик барар.
Хантыраак уопсай суумата – 16 510 205,22 солк. Воркаут-балаһааккалары туруоруу бэдэрээччигэ – ИП Ефремов А.Н.