Волонтердар бастыҥ хамаандалара быһаарылынна
Сэтинньи 13 күнүгэр Дьокуускайга «Волонтерство, как смысл жизни» диэн бастакы ыччат марафона түмүктэннэ. Тэрээһин IT-пааркаҕа киин куорат уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар Управлениетын салалтатынан ыытыллыбыт. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Холбоһуктартан, үөрэҕирии тэрилтэлэриттэн уонна көхтөөх ыччат бэрэстэбиитэллэрэ – 50 киһи волонтердааһын сайдыытыгар туһуламмыт бырайыактары оҥороору 5 хамаандаҕа хайдыспыттар. Күн устата хамаандалар «Своя игра», «10 причин почему надо стать волонтером» интеллектуальнай түһүмэҕи ааспыттар, «А, что можем мы?» диэн аахсыйа былаанын оҥорбуттар.
Дьокуускай куорат уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар Управлениетын информациятынан, «Волонтерство, как смысл жизни» бастакы ыччат марафона маннык түмүктэммит:
1 миэстэ – «Факультет волонтеров» хамаанда, бириис – 20 тыһ. солк. суумалаах «Одарич» сертификат;
2 миэстэ – «Хай файв» хамаанда, бириис – 15 тыһ. солк. суумалаах «Одарич» сертификат;
3 миэстэ – «Волонтеры Галактики» хамаанда, бириис – 10 тыһ. солк. суумалаах «Одарич» сертификат.
«Лучшая визитка», «Самая умная команда», «Лучший план акции», «10 причин за», «Лучший командир», «Лучший модератор», «Лучший знаток волонтерства» номинациялар кыайыылаахтарыгар уонна анал бириис хаһаайыныгар 3 тыһ., 2 тыһ. уонна 500 солк. суумалаах «Одарич» сертификаттары туттарбыттар.