Волейболга Намнар кыайдылар
1 №-дээх хамаанданы адаптивнай физкултуура уонна спорт киинин дириэктэрэ – Ньургун Иванов, Олимпийскай солбук Бэрдьигэстээҕи спорт оскуолатын дириэктэрэ Осип Михайлов салайдылар; 2 №-дээх хамаанда салайааччыта – Физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениетын салайааччыта Роман Оконешников; 3 №-дээх – спорт кыһыҥҥы көрүҥнэригэр оскуола дириэктэрэ Владимир Хисамутдинов; 4 №-дээх –Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандаларын бэлэмниир киин дириэктэрин солбуйааччылар Владимир Карпенко, Нина Викторова уонна А.И. Пахомов аатынан боксаҕа Олимпийскай эрэл оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Тарасов; 5 №-дээх – Манчаары Баһылай аатынан спорт национальнай көрүҥнэригэр киинин дириэктэрин солбуйааччы Иван Борисов, единоборство көрүҥнэригэр Олимпийскай солбук оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Арсен Бадаев; 6 №-дээх – футбол спортоскуолатын дириэктэрэ Николай Цыпандин, Чурапчы физкултуураҕа уонна спорка институтун ректора Иннокентий Готовцев; 7 №-дээх – Спорка солбугу бэлэмниир өрөспүүбүлүкэ киинин салайааччыта Александр Андреев, физкултуура уонна спорт министиэристибэтин кииннэммит бухгалтериятын салайааччыта Александра Слепцова; 8 №-дээх – Нь.С. Тимофеев аатынан Олимпийскай солбук оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Раиса Негнюрова, В.П. Уваров аатынан Олимпийскай эрэл оскуолатын дириэктэрэ Дьулустаан Захаров. Параады өрөспүүбүлүкэ спорка солбугу бэлэмниир киинин профсойууһун салайааччыта Кузьма Тарабукин сэргэхтик, эрчимнээхтик салайда.
Күрэхтэһии кыттыылаахтарын СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирин солбуйааччы, VII Спартакиада тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Мохначевскай, физкултуура уонна спорт үлэһиттэрин профсойууһун бэрэссэдээтэлэ Михаил Варламов, сүрүн судьуйа Ася Бережнева эҕэрдэлээтилэр.
Быйылгы Спартакиадаҕа түөрт көрүҥ – биатлон, дартс, киберспорт эбии киллэриллэннэр, сыл устата спорт 13 көрүҥэр күрэхтэһиилэр буолуохтара диэн саҥа талыллыбыт профсойуус бэрэссэдээтэлэ Михаил Варламов иһитиннэрдэ. Ону сэргэ, “выездной” күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара. Ол курдук, биатлон – Алдаҥҥа, буулдьанан ытыы Бэрдьигэстээххэ буолуохтара. Спартакиада сүрүн судьуйата – Юрий Иванов, сүрүн сэкирэтээрэ – Николай Цыпандин.
Субуоталаах өрөбүл күннэргэ буолбут күрэхтэһиилэргэ эр дьоҥҥо “А” бөлөххө биир да хотторуута суох “Триумфтар” бастаатылар, УФКиМС – иккис, “Модун” – үһүс, Минспорт – төрдүс; “Б” бөлөххө Намнар бастаатылар, “Чолбон” – иккис, “Дохсун” – үһүс, “Туймаада” – төрдүс; дьахталларга “А” бөлөххө “Дохсун”, Нам, “Чолбон”, “Туймаада” уонна “Б” бөлөххө УФКиМС, “Триумф”, Минспорт, “Модун” хамаандалара, туһааннааҕынан бастакы, иккис, үһүс, төрдүс миэстэлэри ылаттаатылар.
Хамаандалар састааптара эдэрсийбит буолан, сылбырҕалар, блокка чэпчэкитик үөһэ ойон тахсаллар, мээчиги аһарбаттар, охсоллоро күүстээх. Көрөргө үчүгэй, интэриэһи үөскэтэллэр. Оонньуу таһыма үрдээбитэ харахха быраҕыллар. Хамаандалар аайы Ньургун Сокольников, Кай Адамов, Яков Дмитриев, Еремей Ильин, Владислав Попов, Владлен Сергеев, Тимофей Слепцов курдук өрөспүүбүлүкэ күүстээх атах оонньуутун маастардара бааллара күрэхтэһиини сытыырхатта, киэргэттэ.
Кытаанах киирсиилэр түмүктэринэн эр дьоҥҥо намнар бастаатылар, “Триумф” – иккис, УФКиМС үһүс бириистээх миэстэлэннилэр. Итинтэн аллараа “Чолбон”, “Модун”, “Дохсун”, Минспорт, “Туймаада”; дьахталларга эмиэ намнар бастаатылар, “Дохсун” – иккис, УФКиМС үһүс буоллулар, онтон “Триумф”, “Чолбон”, Минспорт, “Туймаада”, “Модун” хамаандалара кэлэллэр.
Волейбол отделениелаах сыллата бастыыр Нам оҕо спорт оскуолатын эр дьоҥҥо уонна дьахталларга хамаандалара бу да сырыыга эрэллээхтик бастаатылар. Хамаанда хапытаана, тренерэ Айсен Жерготов: “Волейбол көрүҥнээх буоламмыт, кыайыахтаахпытын кыайдыбыт. Атын да хамаандалар сүрдээҕин эбиллибиттэр, “Триумф”, “Чолбон”, УФКиМС волейболистара бэркэ оонньоотулар. Хамаандаҕа атах оонньуутун спордун маастара Владислав Попов олус табыллан оонньоото. 195 см үрдүктээх атах оонньуутун маастара, эдэр тренер Владлен Сергеев эмиэ бэркэ оонньоото. Кыргыттарга Клавдия Павлова хамаандатын бастатта. Ааспыт спартакиадаҕа бэстээхтэри кытта холбоһоммут, бастаабыппыт. Алта тренер “Азия оҕолоругар” бэлэмнэнэбит. Куоракка кэлэммин хамаанданы эрчийэ сылдьабын. 2000-2001 сыллардаах төрүөх бастакы выпуск уолаттарым үөрэхтэрин бүтэрэн дойдуларыгар үлэлии кэлбиттэрэ. Онон күүһүрдүбүт. Волейбол отделениелара Намҥа, куоракка, Хаҥалас Мохсоҕоллооҕор үлэлииллэр. Нам волейболистара өрөспүүбүлүкэ волейболга федерациятын Кубогар бастаабыттара. Оҕолорго өрөспүүбүлүкэҕэ бастаатыбыт. Кэлэр нэдиэлэҕэ Уһук Илин күрэхтэһиитигэр бараары сылдьабыт. Бу иннинэ оҕолорго Байкал Кубогар аҕыс хамаандаттан төрдүс миэстэ буолбуппут”.
Василий Винокуров дириэктэрдээх Нь.С. Тимофеев аатынан Нам Олимпийскай эрэл оҕо спорт оскуолатын үлэһиттэрин түмсүүлээх кэлэктиибэ үүммүт саҥа сылы ситиһиинэн саҕалаата. Оскуолаҕа 232 спортсмен волейболу сэргэ стендовай ытыынан, дуобатынан, чэпчэки атлетиканан дьарыктанар.
“Дохсун” хамаандатыттан Алина Шестакова “Бастыҥ ситимнээччи”, Намтан Клавдия Павлова “Бастыҥ оонньооччу”, “Триумфтан” Саргылаана Васильева “Бастыҥ көмүскээччи”, маассабай спорт управлениеттан Мария Глухарева “Бастыҥ ситимнээччи”, Намтан Семен Васильев “Бастыҥ оонньооччу”, “Триумфтан” Дмитрий Шестаков “Бастыҥ охсооччу”, маассабай спорт управлениеттан Гаврил Черкашин “Бастыҥ ситимнээччи”, Намтан Айсен Жерготов “Бастыҥ көмүскээччи” анал бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Олунньу 22 күнүгэр Бэрдьигэстээххэ буулдьанан ытыы, Дьокуускайга муус устар 5-6 күннэригэр дуобат, остуол тенниһэ, муус устар 10-12 күннэригэр Алдаҥҥа биатлон, онтон атын көрүҥнэр Дьокуускайга балаҕан ыйыгар хабылык, хаамыска, киберспорт, алтынньыга харбааһын, ГТО, ахсынньыга канаты тардыһыы, чэпчэки атлетика, футбол, дартс күрэхтэһиилэрэ буолуохтара.