15.07.2024 | 13:58

«Водоканал» тэрилтэ тымныы уу турбатын 64% сууйда

«Водоканал» тэрилтэ тымныы уу турбатын 64% сууйда
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 14 күнүнээҕи туругунан «Водоканал» АУо Дьокуускай куоракка 74 км усталаах уу турбатын сууйан түмүктээн, былааннаммыт иэн 64% толордо. 
10 емкость дезинфекцияланна, 451 холуодьаска ыраастааһын уонна өрөмүөн үлэтэ ыытылынна. График быһыытынан баһаарынай гидраннар уонна запорнай арматура ревизияланар. 
Маннык ис хоһоонноох үлэ күһүҥҥү-кыһыҥҥы кэмҥэ саахалы таһаарбат уонна нэһилиэнньэни СанПИН ирдэбилигэр эппиэттиир тымныы уунан быыстала суох хааччыйар сыалтан ыытыллар. Магистральнай ситимнэри реагеннарынан сууйарга уонна ыраастыырга ууну биэриини тохтотор ирдэнэринэн, үлэ түүҥҥү кэмҥэ ыытыллар.
Балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри тэрилтэ Дьокуускай куоракка 115 км усталаах уу турбатын ситимин уонна 18 емкоһы ыраастыыр былааннаах, маны сэргэ 940 холуодьаска ыраастааһын, өрөмүөн үлэтэ ыытыллыахтаах, 291 баһаарынай гидрант ревизияланыахтаах. Үлэ технологияны учуоттаан уонна Роспотребнадзор упррвлениетынан уонна Олохтоох дьаһалтанан сөпсөһүннэриллэн ыытыллар.
Санатар буоллахха, тымныы уунан хааччыйыы систиэмэтэ Дьокуускай куоракка үс бөлөххө арахсар: магистральнай, кыбаартал иһинээҕи уонна дьиэ иһинээҕи. «Водоканал» АУо магистральнай ситимнэри көрөр-истэр буоллаҕына, кыбаартал иһинээҕи ситимнэринэн өҥөнөн хааччыйар тэрилтэлэр дьарыктаналлар, дьиэ иһинээҕи турбаларынан — салайар хампаанньалар уонна дьиэни бас билээччилэр табаарыстыбалара, диэн иһитиннэрэр «Водоканал» АУо пресс-сулууспата. Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....