05.09.2022 | 14:00 | Просмотров: 617

Владивостокка Дьокуускай аатынан уулусса аһылынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха АССР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн Владивосток куорат биир уулуссатыгар Якутская диэн аат иҥэриллибитин бэлиэтиир мэҥэ тааһы арыйыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.

Үбүлүөйдээх даатаҕа анаммыт мемориальнай  бэлиэ уулусса саҕалыынытагар туруорулунна.

Владивосток куорат баһылыгын солбуйааччы Дарья Стегний эҕэрдэ тылыгар Дьокуускай уонна Владивосток куораттар бииргэ үлэлииллэригэр уопсай хайысхалар бааллар диэн эттэ. Ол иһигэр атырдьах ыйын саҥатыгар куораттарбыт икки ардыларыгар бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥи түһэрсибиттэрэ бэлиэтэннэ.

Илиҥҥи экономическай форум үлэтин саҕалаары турдаҕына аһыллыбыт мэҥэ таас бииргэ үлэлээһиҥҥэ уонна норуоттар доҕордоһууларыгар олук ууруоҕа диэн Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка баар Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтигэр бэлиэтииллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.