01.12.2022 | 09:00

Владимир Трегубов: «Дьокуускайга дьиэ тутуута биир кэлимник барыа»

Владимир Трегубов:  «Дьокуускайга дьиэ тутуута биир кэлимник барыа»
Ааптар: Марианна ТЫРТЫКОВА
Бөлөххө киир

Сахабыт сирин киин куората дьиэҕэ-уокка уһулуччу үрдүк сыананы Москва, Санкт-Петербург курдук улахан сайдыылаах куораттары кытта тэҥҥэ тутан турара киһини сөхтөрөр. Уһук Илиҥҥи ипотека киириэн иннинэ Дьокуускайга саҥа тутуллубут дьиэҕэ 1 хостоох кыбартыыра 2,8-3 мөл. солк. этэ, билигин – 7 мөл. солк. Өскөтүн дьон кыайан атыыласпата буоллар, сыана түһүө этэ. Ол эрэн киһи барыта үллэр үптээх, халыҥ харчылаах буолбатах.

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт «Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай агентство» генеральнай дириэктэрэ Владимир Трегубов үрүттээх катоктаах, күөл тула набережнайдаах «Звезднай» саҥа оройуон тутуутун, удамыр сыананы олохтооһун, эргэ мас дьиэттэн дьону көһөрүү, 17-с кыбаарталга «Спортивнай» диэн саҥа түөлбэҕэ улахан тутуу барыахтааҕын туһунан кэпсээтэ.   

Тутуу матырыйаалын оҥорор собуот тутуллуо

«Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай агентство» АУо Саха сирин бырабыыталыстыбатын ыйааҕынан 2003 с. тэриллибитэ. Сири-уоту биир кэлимник сайыннарарга боломуочуйалаах буолан, 166 гаа сиргэ 1 мөл. кв.м иэннээх дьиэни-уоту тутан таһаарыахтаах. Итиниэхэ үбү-харчыны угуу 95 млрд солк. тэҥнэстэ. Биир кэлимник тутуу быһыытынан, дьон олорор дьиэтин кытта социальнай эбийиэктэр, дьон сынньанар сирэ аһыллан, бары өттүнэн табыгастаах усулуобуйа тэриллиэхтээх. 

Күн бүгүн «Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай агентство» — Сахабыт сирин биир тутаах девелоперскай хампаанньата. Сүрүн сыалбыт-сорукпут дьон олорор дьиэтин тутуутун кээмэйин улаатыннарыы, бастатан туран, килийиэн туһугар үлэлээһин. Ити көннөрү дьиэ тутуута эрэ буолбатах, өрөспүүбүлүкэҕэ дьон олоҕун таһымын үрдэтии, нэһилиэнньэ бары өттүнэн табыгастаах олоҕун-дьаһаҕын тэрийии.  

Тэрилтэ 18 сыл тухары дьиэ тутуутугар эрэ буолбакка, тутуу матырыйаалын оҥорорго эмиэ үлэлэһэн эрэр.  Крупнопанельнай дьиэ-уот тутуутугар сылга 50-100 тыһ. кв. м матырыйаалы биэрэр кыамталаах аныгы собуот тутуута быйыл саҕаланна. Дьон олорор дьиэтин тутууга өрөспүүбүлүкэ уонна аан дойду таһымнаах архитектурнай бюролар, ДОМ.РФ Баан, «Алмаасэргиэнбаан», о.д.а. страховкалыыр хампаанньалар үлэлэһэллэр.

«Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай агентство» дьон олорор уонна коммерческай хабааннаах эбийиэктэри, социальнай, инженернэй инфраструктураны тутууга үлэлэһэр, итиэннэ ДОМ.РФ Баан агенын быһыытынан ипотека кирэдьиитин биэрэр, дьиэни куортамныыр. 

«Спортивнай» саҥа түөлбэ

Дьокуускайга 2021 с. ахсынньытыгар аныгылыы оҥоһуулаах, бэрт тупсаҕай көрүҥнээх Жорницкай уулусса, 10-гар элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутан, күлүүстэрин туттарбыппыт, уопсай иэнэ 6613 кв. м. Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан бу сэтинньигэ Ленскэйгэ 8 этээстээх, 125 кыбартыыралаах 7086,25 кв.м иэннээх дьиэни туттардыбыт. Сыл бүтүүтэ киин куораппыт ДСК туһаайыытынан соҕуруу диэки «Звезднай» саҥа түөлбэҕэ элбэх кыбартыыралаах, 26 000 кв.м  иэннээх 7 дьиэни туттарыахтаахпыт. Ону таһынан, Ленскэйгэ 9 этээстээх, 62 кыбартыыралаах 3 333,17 кв.м иэннээх  дьиэ тутуллан бүтүөхтээх.

Дьокуускайга дьон олорор дьиэтэ Сайсары түөлбэтигэр уонна 17-с кыбаарталга тутуллуохтаах, хаарбах эргэрбит мас дьиэлэр көтүрүллэн, тутуу биир кэлимник баран иһиэ.

17-с кыбаарталга инженернэй инфраструктура суох буолан, иҥнэри-ханньары барбыт, самнархай мас дьиэлэр баччааҥҥа диэри көтүрүллүбэккэ тураллар. Тутуу барар сирин биир кэлимник сайыннарарга, дьон олорор дьиэтин кытта сэргэ социальнай эбийиэктэри тутарга, сынньалаҥ сирдэрин тэрийэргэ, итии-тымныы уу ситимин тардарга судаарыстыба өттүттэн көмө оҥоһуллуоҕа. Ол курдук, СОПФ ДОМ.РФ  нөҥүө федеральнай үбүлээһин киирэрин ситиһиэхтээхпит.

Бу эҥээр Аэропорт чугас диэн 17-с кыбаарталга үрдүк этээстээх дьиэ тутуута бобуллан турарын бары бэркэ билэбит. Итиннэ олоҕуран, 17-с, 2-с, 4-с кыбаарталлары хабар «Спортивнай» саҥа түөлбэ маастар-былаана куорат тутуутун ирдэбилигэр толору эппиэттиир гына оҥоһуллубута, ол иһигэр 6-12 этээстээх дьиэ тутуута хааччахтаммыта.

Ити түөлбэҕэ олорор дьону көһөрүү РФ Дьиэҕэ-уокка кодексатын быһыытынан барыаҕа. Эргэ мас дьиэлэри көтүрдэхпитинэ, олохтоохтору ДСК диэки «Звезднай» саҥа оройуоҥҥа көһөртүөхпүт уонна миэстэтигэр тутуллар «Спортивнай» түөлбэҕэ олохтоохтор саҥа дьиэ ылыахтара. 

«Звезднай» оройуоҥҥа отучча дьиэ тутуллуо 

Тэрилтэ билиҥҥи туругунан үс улахан инвестиционнай бырайыагы олоххо киллэриэхтээх: ДСК оройуонугар «Звезднай» диэн саҥа кыбаартал тутуллуохтаах, куоракка индивидуальнай дьиэ-уот тутуута биир кэлимник сайдыахтаах, Ленскэйгэ дьиэ тутуута саҥардыллыахтаах.   

Куорат кииниттэн 7 км, аэропортан 14 км сиргэ соҕуруу диэки «Звезднай» саҥа оройуоҥҥа орто этээстээх дьон олорор дьиэтэ тутуллуоҕа. Бырайыакка киирбит сир иэнэ – 70 гаа. Ол түөлбэ хоту өттүгэр ДСК уонна Ильинка-2 бааллар, илин диэки эргэ уонна саҥа Покровскайдыыр суол ааһаллар, олохтоохтор үксүн бу суолунан сылдьыахтара. 

Саҥа оройуоҥҥа дьон олороругар уонна сынньанарыгар бары өттүнэн сөптөөх усулуобуйа тэриллиэ, күөл тула набережнай, паарка, дьиэлэр ойоҕосторугар от-мас  олордуллуо. Социальнай эбийиэктэртэн икки оҕо уһуйаана, икки оскуола уонна 600 киһи сылдьарыгар анаммыт поликлиника тутуллуо.

Билиҥҥи туругунан, 315 миэстэлээх оҕо уһуйаанын, 990 миэстэлээх оскуола уонна поликлиника тутуутун үбүлээһинэ быһаарыллан турар. Эдэр ыччат спордунан дьарыктанарыгар элбэх салаалаах спортивнай уораҕай, үрүттээх каток тутуллуоҕа. Оройуон хас биирдии түөлбэтигэр аһаҕас спортивнай балаһааккалар аһыллыахтара, бэлисипиэт суола оҥоһуллуоҕа.  «Звезднай» оройуоҥҥа баһаарынай чаас баар буолуоҕа.

Саҥа оройуон тутуута үс салааттан турар: А, В, С сектор үлэҕэ киирэр болдьоҕо 2022-2028 сс. Уопсайа 5-8 этээстээх 30 дьиэ-уот тутуллуо.

Бастакы «А» секторга күн бүгүн олорорго тупсаҕай оҥоһуулаах, «Комфорт» кылаастаах 26 000 кв.м иэннээх, элбэх кыбартыыралаах 7 дьиэ тутулла турар. Манна “чистовой отделка” оҥоһуллар, ол эбэтэр истиэнэтэ кырааскаланар, муостаҕа линолеум, ааннара, сантехниката бэлэм буолар. Ити дьиэ улахан аҥаара хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматынан тутуллар уонна 2022 с. бүтүүтүгэр олоххо киириэхтээх. 

«С» секторга бу күһүн балаҕан ыйыгар элбэх кыбартыыралаах 10 дьиэ тутуута саҕаланна уонна өссө 15 дьиэ бырайыактанар. 2023с. 315 миэстэлээх оҕо уһуйаана, 990 миэстэлээх оскуола тутуута былааннанар. 

«В» секторга бырайыактыыр-чинчийэр, тутууну бэлэмниир үлэ ыытыллар. 

Эконом уонна комфорт кылаастаах дьиэлэр

«Звезднай» саҥа оройуону тутан таһаарарга көрүллүбүт үп – 33 млрд солк. Манна бүддьүөттэн, ДОМ.РФ Баантан улахан кээмэйдээх харчы угулунна.

Бу түөлбэҕэ күн бүгүн кыбартыыра 1 кв.м сыаната – 95 000 солк., оттон куоракка ырыынак сыанатынан саҥа тутуллубут дьиэҕэ 130 000 солк. атыылыыллар.

Ити курдук куоракка 140 000 тахса кв.м иэннээх эргэ мас дьиэлэри көтүрэн баран эконом+ кылаастаах 550 000 тахса кв.м дьиэни тутуохпут, онно социальнай инфраструктуратын хааччыйыахпыт.

Аныгы дьон кыраһыабай көстүүлээх тупсаҕай  дьиэҕэ олоруон баҕарара элбээн иһэр, ол иһин комфорт+ кылаастаах дьиэлэри  «Илин» дьиэ-уот киинигэр тута сылдьабыт уонна куорат тыаһыттан-ууһуттан тэйиччи «Чэчир» эко-кыбаарталга премиум кылаастаах дьиэлэр дьэндэһиэхтэрэ.

Улахан хабааннаах инвестиционнай бырайыак быһыытынан, 5,7 гаа сирдээх «Чэчир» эко-кыбаарталга тутуу Бүлүүлүүр суол 5 км саҕаланыахтаах.  Манна 3-4 этээстээх дьиэлэр уонна танхаустар тутуллуохтара.  

Ил Дархаммыт Айсен Николаев уонна бырабыыталыстыба өйөбүлүнэн «Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай агентство» икки сыл анараа өттүгэр удамыр сыаналаах уонна дьон олороругар табыгастаах дьиэни тутарга ылыммыт соругун толорорго үлэлэһэр. Билэрбит курдук, сыл ахсын дьоллоох Дьокуускай нэһилиэнньэтин ахсаана эбиллэ турар, ону кытта тэҥҥэ хардыылаан, дьиэ тутуута элбээн иһэрин ситиһиэхтээхпит.   

Куоракка — биир кэлим тутуу

«Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай агентство» Дьокуускайга эрэ дьиэ тутуутунан муҥурдаммат. Ол курдук, Ленскэйгэ дьон олорор дьиэтэ саҥардыллыахтаах. Маҥнайгы түһүмэх быһыытынан, 10,4  тыһ. кв. м иэннээх икки дьиэ тутулла турар, бырайыак чэрчитинэн уопсайа 50 тыһ. кв.м тахса дьиэ тутуллуохтаах. 

Өрөспүүбүлүкэҕэ дьиэ-уот тутуутугар бэриллибит сири биир кэлим сайыннарыы — инникигэ дьоһун хардыы. Бу сокуонунан бигэргэтиллибит тутуу саҥа көрүҥүн сүрүн сыала-соруга — нэһилиэктэри бигэ туруктаах гына сайыннарыы, куорат эйгэтин, тас көрүҥүн, дьон олорор хаачыстыбатын, сири туһаҕа таһаарыыны тупсарыы.

«Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай агентство» сири биир кэлим сайыннарыы бырайыагын быһыытынан Дьокуускайга 31-с кыбаарталы тутуоҕа. Бу түөлбэ Кальвица, Бестужев-Марлинскай, Богдан Чижик уулуссаларыгар 5,4 гектар иэннээх сиргэ баар.

Маастар-былааҥҥа көрүллэринэн, элбэх этээстээх түөрт дьиэ  тутуллуоҕа, манна уопсастыбаннай аһылык хас да көрүҥэ, аптекалар, маҕаһыыннар, оҕо уһуйаана баар буолуохтара. Бу бырайыак чэрчитинэн биэс хаарбах мас дьиэни көтүрэн, дьону көһөрүөхтэрэ, ол үлэни сыл бүтүүтэ саҕалыахпыт.

Сири биир кэлим сайыннарыы быһыытынан, Дьокуускайга 17-с, 2-с, 4-с кыбаарталларга үлэ барыахтаах. Манна «Спортивнай» диэн быһа холоон ааттаммыт саҥа оройуон тутуллуоҕа. Ону таһынан, «Күөл» диэн түөлбэ 86-с, 93-с, 94-с кыбаарталларга дьэндэйэн тахсыаҕа. Ити эҥээр саамай элбэх ахсааннаах эргэ, хаарбах, саахалланар туруктаах самнархай дьиэтинэн биллэр. Ол иһин итиннэ дьон олороругар аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир табыгастаах услуобуйаны тэрийиэхтээхпит.

Элбэх дьиэни тутар улахан бырайыак СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна Дьокуускай куорат дьаһалтатын көмөтө суох ыытыллыбат. Дьиэ-уот тутуутугар өрөспүүбүлүкэ уонна судаарыстыба ыытар бырагырааматыгар хампаанньа көхтөөхтүк кыттан иһэр, ыйыллыбыт болдьоҕу тутуһар, удамыр сыананы олохтуурга дьулуһар. 

Саамай намыһах ипотека — 1,4%

«Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай агентство» "ДОМ.РФ" Баан боломуочуйалаах агенын быһыытынан, ипотека кирэдьиитин хас да көрүҥүн биэрэр, онтон дьон бэйэтигэр табыгастааҕын талан ылан, дьиэлэнэр кыахтанар.

Саҥа тутуллар дьиэҕэ бэриллэр ипотека ыстаапката 6,5%, бу бырагыраама 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри үлэлиир, бүтэрэ аҕыйах хонук хаалла. Сүрүн услуобуйата диэн дьон дьиэ тутулла турдаҕына кыбартыыраны тэрилтэттэн эбэтэр тутуллубут дьиэҕэ бастакы бас билээччиттэн, эмиэ юридическай сирэйтэн атыылаһыахтаах.

Дьиэ тутулла турар кэмигэр кыбартыыра ыларга ипотека ыстаапката 11,1% саҕаланар.

Бэлэм дьиэни ыларга эмиэ итинник ыстаапка олохтонор, 11,1% саҕаланар.

Судаарыстыбаттан өйөбүллээх дьиэ кэргэн ипотеката 5% саҕаланар, манна 2018 с. тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн биир эбэтэр онтон элбэх оҕоломмут ыал хапсар эбэтэр инбэлиит оҕолоохтор киирсэллэр. Кинилэр дьиэлэрин өссө тутулла турдаҕына тэрилтэттэн, биитэр чааһынай киһиттэн атыылаһыахтаахтар.

Уһук Илиҥҥи ипотека ыстаапката 1,4% саҕаланар уонна нэһилиэнньэ маннык араҥатыгар бэриллэр:

36 саастарыгар диэри эдэр ыалга эбэтэр толорута суох дьиэ кэргэҥҥэ;

«Уһук Илиҥҥи гектар” бырагыраама кыттыылаахтарыгар;

Үлэһит дьон көһөн кэлиитин хааччыйар анал бырагыраама чэрчитинэн, Арассыыйа атын регионуттан Уһук Илиҥҥэ үлэлии кэлбит дьоҥҥо;

70 саастарыгар диэри доруобуйа харыстабылын уонна үөрэх салаатын үлэһиттэригэр. 

 

Кинилэр ылбыт кирэдьииттэрин тутулла турар эбэтэр саҥа тутуллубут дьиэҕэ тэрилтэттэн атыылаһарга, олорор дьиэни туттарга, тыа сиригэр дьиэ ыларга туттуохтаахтар.

 

IT-үлэһиттэргэ бэриллэр ипотека ыстаапката 4,5% саҕаланар, сүрүн усулуобуйата — дьиэни тэрилтэттэн атыылаһыахтаахтар.

Эрдэ ылыллыбыт ипотеканы рефинансированиелыырга ыстаапка  11,6% диэри түһэр.

Хамсаабат баайы-дуолу солуок биэрэн туран араас сыалга бэриллэр кирэдьиит 17,6% саҕаланар.

Олорор дьиэни атыылаһарга ыстаапка 14,1% саҕаланар, бастакы усунуос кээмэйэ 40% кыра буолуо суохтаах.

Саҥа дьиэни атыылаһарга алын ыстаапка 11,1%, дьиэни бастакы бас билээччиттэн атыылаһыахтаахтар.

 Кэтэх дьиэни туттарга бэриллэр ипотека 11, 1% саҕаланар, дьиэни бэлэм учаастакка туттуохха эбэтэр сирин кытта ипотекаҕа ылыахха сөп, дьиэни туттарга кыбартыыраны, апартамены солуок биэриэххэ син.

Бэйэ күүһүнэн дьиэ туттарга чэпчэтиилээх ипотека алын ыстаапката 6,3%, бырагыраама 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри үлэлиир. Дьиэни бэлэм учаастакка туттуохха эбэтэр сирин кытта ипотекаҕа ылыахха сөп.

Сыана удамыр буолуохтаах

Биллэн турар, Уһук Илиҥҥи ипотека киириэҕиттэн дьиэ сыаната хас да бүк ыараата. Итини сэргэ дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин регионнарга дьиэ сыанатын удамыр оҥорорго, хас биирдии киһи дьиэлэнэр кыахтаах буоларын хааччыйарга сорук туруорбута. Ону толорор сыалтан «Звезднай» саҥа оройуоҥҥа элбэх дьиэ тутуллуохтаах, быйыл 26 000 кв.м, эһиил 50 000 кв.м тахса иэннээх дьиэни тутан таһаарыахтаахпыт. Бу түөлбэ куорат киин сириттэн тэйиччи буолан, сыана даҕаны киһи уйунарын курдук буолуо.  

Санаан да көрдөххө, ырыынакка элбэх дьиэ атыыга таҕыстаҕына, атыылаһааччы туһугар күрэстэһии үөскээн, сыана халлааны харбыаласпыттыы өрө тахса туруо суоҕа.

       

Социальнай хайысхалаах куортам

«Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай агентство» үлэтин биир хайысхата — дьиэни куортамҥа биэрии. 2018с. хампаанньа куортамҥа удамыр сыананы олохтуур бырагырааманы олоххо киллэрэргэ үлэлэһэр. Сүрүн тэрээһиммит –  өрөспүүбүлүкэҕэ куортамҥа бэриллэр дьиэлэри тутуу. Бу бырагыраамаҕа 1 группалаах доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон, инбэлииттэр эбэтэр Дьокуускайга өр кэмҥэ эмтэнэр ыарахан ыарыылаах оҕолоох ыаллар киирэллэр.  

Социальнай куортамҥа анаммыт пуондаҕа күн бүгүн 45 кыбартыыра баар, онтон 35 биир хостоох кыбартыыра ыйга 14 000 солк. куортамнанар. 9 икки хостоох кыбартыыра ыйдааҕы куортамын төлөбүрэ 16 000 солк. уонна 1 үс хостоох дьиэ – 20 000 солк. Дьиэлэр бары толору миэбэллээхтэр уонна бытовой тиэхиньикэнэн хааччыллан тураллар.   

Ырыынак олохтоммут сыанатынан билигин 1 хостоох кыбартыыраны – 30 000 солк., 2 хостооҕу – 40 000 солк., 3 хостооҕу – 50 000 солк. куортамҥа биэрэллэр.

Биһиги тэрилтэбит ордук тыа сириттэн эмтэнэ киирбит дьон итинник сыананы уйунар кыаҕа суоҕун өйдөөн, куортамҥа бэриллэр социальнай дьиэ ахсаанын элбэтэр санаалаах.

 

Инникигэ соруктар

Хас биирдии тэрилтэ салгыы хайдах суолунан сайдарын торумнуур стратегическай былаан оҥостон үлэлиир. «Өрөспүүбүлүкэтээҕи ипотечнай агентство», бастатан туран, дьон олорор дьиэтин тутуутун кээмэйин элбэтэргэ, ону социальнай инфраструктуранан хааччыйарга, тиэргэни тупсаҕай, табыгастаах гына оҥорорго, удамыр сыананы олохтуурга дьулуһан үлэлиир.

Хаарбах эргэ мас дьиэттэн дьону көһөрөргө тутуу барар сирин биир кэлимник сайыннарыахтаахпыт, аныгы олох ирдэбилинэн олох таһыма тупсан иһэрин ситиһиэхтээхпит.

Кэпсэтиибит саҕаланыытыгар этэн аһарбытым курдук, тэрилтэбит тутуу матырыйаалын атын сиртэн бас быстар сыанаҕа атыылаһан аҕалбакка, бэйэ оҥоһуутун саҕалыахтаах. Крупнопанельнай дьиэ тутуутун хааччыйар аныгы собуот тутуллуохтаах. Оччотугар нэһилиэнньэҕэ удамыр сыаналаах дьиэ тутуута тэтимириэ этэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...