03.06.2021 | 19:30

Владимир Путин регионнарга дьиэ кэргэни өйүүр бырагыраамалары кэҥэтэллэригэр эттэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Элбэх оҕолоох ыаллар – Арассыыйа инники кэскилин олуга уонна тыһыынчанан сыллаах историятын салгыыта. Регионнар кинилэри өйүүр бырагыраамалары кэҥэтиэхтээхтэр”, – диэн РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Төрөппүт албан аата» уордьанынан наҕараадаламмыт дьиэ кэргэттэри кытта онлайн көрсүһүүгэ эттэ. 
«Регионнар, олохтоох былаастар бэйэлэрин өттүлэриттэн дьиэ кэргэни, бастакы уочарат элбэх оҕолоох ыаллары  өйүүр бырагыраамалары кэҥэтиэхтэрэ диэн эрэнэбин. Кинилэр кыһалҕаларыгар уонна көрдөһүүлэригэр суһаллык харда биэриэхтээхтэр», - диэн эттэ судаарыстыба баһылыга. 
Президент эппитинэн, дьиэ кэргэн өйөбүлүн кытта үөрэҕирии хаачыстыбатын үрдэтиигэ үлэ быһаччы сыһыаннаах. Итиннэ кыра куораттарга уонна тыа сиригэр тутуу, оскуолалары, оҕо уһуйааннарын саҥардыы эмиэ киирэр. 


«Оҕо сайдарыгар, олоххо бэйэтин миэстэтин буларыгар, дьоҕурун арыйарыгар, киһи буолан атаҕар турарыгар хас биирдии киһиэхэ, гражданиҥҥа киэҥ эйгэ тэриллиэхтээх», - диэн Путин эбэн эттэ.
Ыам ыйын 1  күнүгэр Владимир Путин элбэх оҕолоох ыалларга ипотека чэпчэтиитин кэҥэтэр туһунан сокуоҥҥа илии баттаабыта. Онно этиллэринэн, бииргэ үбүлээһин судаарыстыбаннай бырагырааманан 450 тыһыынча солкуобай бэриллэр. Докумуоҥҥа суруллубутунан, ити үбү дьиэ туттарга уонна ситэ тутуллубатах дьиэни атыылаһарга тутталлар. 
2021 сылтан ийэ хапытаала бастакы оҕоҕо 483 882, оттон иккис оҕоҕо 639 432 солкуобайга диэри үрдээбит. Бу харчыны дьиэ атыылаһарга эбэтэр туттарга, үөрэҕи төлүүргэ, ийэ биэнсийэтин мунньуллар чааһыгар, инбэлиит оҕолорго табаардары уонна өҥөлөрү атыылаһарга туттуохха сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....