09.11.2023 | 16:00

Владимир Горбунов: «Суолга көмөлөсүһэр үгэһи сөргүтүөҕүҥ!»

1928 сыллаахха «Горкомтранс» диэн аатынан төрүттэммит тэрилтэ кэлиҥҥи 12 сылга «Жилкомсервис» МУТ диэн уларыйан, билигин куорат хомунаалынай хаһаайыстыбата харгыһа суох үлэлиирин хааччыйар.
Владимир Горбунов:  «Суолга көмөлөсүһэр үгэһи сөргүтүөҕүҥ!»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

2022 сыл атырдьах ыйыттан тэрилтэ салайааччытынан Юрий Афанасьевич Спиридонов үлэлиир. Бүгүн манна 228 үлэһит бүтүн куораты уонна икки куорат кытыытынааҕы нэһилиэги  хааччыйаллар.

Тэрилтэ тутаах үлэһиттэриттэн биирдэстэринэн уопуттаах суоппар Владимир Горбуновы ааттыыллар. Владимир Александрович төһүү үлэһитинэн, аламаҕай майгытынан, үтүө сүбэһит, аҕа табаарыс быһыытынан кэлэктиип ытыктабылынан туһанар.

 

Аҕам туйаҕын хатаран

– Иркутскай уобалас Киренскэй оройуонун Бубновка бөһүөлэгэр 1964 сыллаахха төрөөбүтүм. Ийэбит Евдокия Романовна атыыһытынан үлэлэлээбитэ. Аҕам Александр Петрович суоппар этэ, ону ааһан ДОСААФ-ка суоппардары үөрэтэр инструктордыыра. Онон оҕо сааспыттан уруулга олорбутум диэтэхпинэ, сымыйалыам суоҕа. Дьиэ кэргэҥҥэ үс оҕобут – мин улаханнарабын, бырааттаахпын уонна балтылаахпын. Миигин уонна бырааппын аҕабыт кырабытыттан батыһыннара сылдьан булка, тиэхиньикэҕэ үөрэппитэ. Дьиҥэр, оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитим, салгыы үөрэниэхпин сөп этэ. Оҕо сааһым ыра санаата – байыаннай лүөччүк буолуу этэ. Оскуола кэнниттэн ити хайысханан үөрэххэ туттарсар санаалааҕым даҕаны, байыаннай хамыыһыйаны ааспатаҕым.  Дьиҥэр, эт-хаан өттүнэн доруобай, спорт араас көрүҥүнэн дьарыктанар этим. Ол курдук, алтыс кылаастан хоккейдыырым, биатлонунан дьарыктаммытым. Байыаннай лүөччүк үөрэҕэр кыайан киирбэт буолбуппар тута  Ангарскайга суоппар үөрэҕэр киирбитим. Онтон аармыйаҕа сулууспалыы барбытым, авторотаҕа түбэспитим, спордунан күүскэ дьарыктаммытым. Сулууспа кэнниттэн Братскайдааҕы ГРЭС-ка манна кэлиэхпэр диэри үлэлээбитим.

 

Дьылҕам тардан – Саха сиригэр

– Саха сиригэр, чуолаан Дьокуускай куоракка, сэбиэскэй кэмҥэ, 1986 сыллаахха баара-суоҕа 22 саастаахпар көһөн кэлбитим. Ол иннинэ, дьылҕам тардан диэбиттии, борохуотунан Өлүөнэ эбэ устун Киренскэйтэн Дьокуускайга диэри хатааһылаан турардаахпын. Ол айан кэнниттэн Саха сирин сэргээн, кэлэн үлэлээн холонорго быһаарыммытым. Билэр дьонум бааллар этэ, онон арыый да судургутук, толлубакка кэлбитим. Кырдьыгынан эттэххэ, кыһын буолбутугар тымныытыттан наһаа саллыбыппын, төттөрү бара сыспыппын билигин күлэ саныыбын. «Северо-ВостокХиммонтаж» (билигин «ВостокТехМонтаж» тэрилтэ) диэн автобаазаҕа үлэҕэ «дальнобойщигынан» киирбитим, уопсайдарыгар пропискаламмытым. Дьэ, уонна мэлдьи ыраах айаҥҥа сылдьар уустук, ол эрэн интэриэһинэй үлэм саҕаламмыта.  Дьокуускайтан Москваҕа тиийэ араас таһаҕаһы тиэйэрим. Манна ол саҕана эт бородууксуйата тиийбэт этэ, Эт кэмбинээтэ эрэ үлэлиирэ, билиҥҥи курдук элбэх оҥорон таһаарааччы суоҕа. Инньэ гынан Бурятияттан, Улан-Удэ куораттан халбаһы, тушенка бөҕөтүн тиэйэр этибит.

 

Суолга бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү – сибэтиэй дьыала

– Ыраах айаҥҥа сылдьар, биллэн турар, кэрэхсэбиллээх буолан баран, бэйэтэ туспа уустуктардаах, сэрэхтээх даҕаны. Ол курдук, биһиги курдук томороон тымныылаах кыһыннаах сиргэ суолга алдьанан хааллаххына биир эрэй, куттал. Тыбыс-тымныыга, хараҥаҕа оҥостуохха наада. Ол эрэн биири тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын: сэбиэскэй кэмҥэ бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү, үтүөтүк сыһыаннаһыы баара. Этэргэ дылы, «шоферское братство» диэн өйдөбүл үрдүктүк тутуллар этэ. Суолга алдьанан тураргын көрдүлэр даҕаны, суоппардар тохтоон, туох буолбутун ыйыталаһан, кыахтара тиийэринэн көмөлөһөн, аһатан-сиэтэн, баардарынан-суохтарынан үллэстэр этилэр. Бэйэм өттүбүттэн эмиэ наар оннук гынааччыбын. Хомойуох иһин, «этэ» диирбитигэр тиийэбит. Билиҥҥи кэмҥэ суолга алдьанан, ыксаан, ыгылыйан турдаххына, далбаатаатаххына даҕаны, биир эмэ киһи көмөҕө кэлэр. Аттыгынан эйиэхэ эрэ наадыйбакка «көтүтэ» тураллар. Итинтэн биһиги, былыргы иитиилээх  суоппардар, олус хомойобут. Суолга уустук балаһыанньаҕа ким баҕар, хаһан баҕар түбэһиэн сөп. Бүгүн эн миэхэ көмөлөһүөҥ, сарсын – мин эйиэхэ. Ама да криминал үксээбитин, араас хобдох түбэлтэлэр тахсалларын иһин, итинник быһыыланар сиэргэ баппат дии саныыбыт.

 

Тыыннаах хаалар туһуттан...

– Мин дьалхааннаах 90-с сылларга «дальнобойщиктаабыт» киһибин, билигин 60-с хаарбар үктэнним эрээри, үлэттэн илиибин араарбакка сылдьабын. Эмиэ ол саҕанааҕы ыраах айанныыр суоппардар курдук, 90-с сылларга араас быһылааннарга, кутталлаах түбэлтэлэргэ элбэхтик түбэһэн турабын, аптааматынан кытта тирээн турардаахтар. Биир сырыыга Улан-Удэттэн идэбитинэн халбаһы, эт кэнсиэрбэтин тиэйэн истибит. Кыһыҥҥы суолунан Шилка үрэҕинэн туоруурбутугар «криминаллар» тохтоттулар, кэпсэттибит, тиэйэн испит аспытыттан бэристибит. Билигин кэпсиирбэр күлэбин даҕаны, оччолорго, куттал тирээн турдаҕына, күлүүтэ суох этэ. Хайдах гыныахпытый, итинник хас да төгүл түбэһэн, тыыннаах хаалар туһуттан тиэйэн иһэр бородууктабытыттан «бэрсэн» турардаахпыт. Бириэмэтэ да ыарахана, хамнас кэлбэт, ас-үөл кырыымчык кэмэ этэ.

Аны суолга алдьаныы ордук кыһыҥҥы өттүгэр сэрэхтээҕэ. Биирдэ үс күнү быһа алдьанан турбуппут. Эппитим курдук, ол саҕанааҕы суоппардар бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөр буоламмыт, син оҥостон, араас балаһыанньаттан тахсарбыт, салгыы айанныырбыт. Төһө да уустуктардааҕын иһин, ол саҕанааҕы ыраах айаннаах үлэбин билигин күндүтүк саныыбын.

Түгэнинэн туһанан, хаһыат нөҥүө суоппардарга, массыыналаах дьоҥҥо, ордук ыччакка туһаайан этиэхпин баҕарабын, сэбиэскэй кэмнээҕи курдук суолга бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүүнү төннөрүөҕүҥ, киһи тиэхиньикэтэ алдьанан турарын көрө-көрө, ааһа барыа суохха, тохтоон көмөлөһүөххэ. Мин урукку үөрүйэхпинэн куруук тохтуубун, кыаҕым тиийэринэн көмөлөһөбүн. Сорохтор өссө харчы биэрэ сатаан өһүргэтээччилэр. Харчы туһугар көмөлөһөр буолбатахпын, үтүөнү оҥороору көмөлөһөбүн, сэбиэскэй дьон иитиибит оннук. 

 

Саха сирэ – дьолум уйата

– Манна, Саха сиригэр кэлэн, дьылҕам ыйааҕынан кэргэн ылан, номнуо 40-ча сыл эйэ-дэмнээхтик олоробут, кэргэним Марина Афанасьевна медсиэстэрэ идэлээх, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Икки уоллаахпыт, улахаммыт Александр 38 сааһыгар сылдьар, бэйэтэ ыал аҕата, икки кыыс, биир уол оҕолордоох. Новосибирскай куоракка олорор, собуокка маастардыыр. Кыра уолбут Кирилл 16 саастаах, Дьокуускай куорат 27 нүөмэрдээх оскуолатын тохсус кылааһын үөрэнээччитэ. Уолаттарбын, эмиэ аҕам курдук, батыһыннара сылдьан тиэхиньикэҕэ сыһыарбытым, массыына ыытарга үөрэппитим. Ол иһин билигин иккиэн ити өттүнэн үчүгэйдэр, барыны бары сатыыллар. Кыра уолум мин курдук эмиэ суоппар буолуон баҕарар, билиҥҥитэ инньэ диир.

Иллэҥ кэммэр сайыҥҥы өттүгэр дьиэ кэргэмминиин айылҕаҕа сылдьарбын, сир астыырбын, тэллэйдиирбин сөбүлүүбүн. Саамай астына-дуоһуйа сынньанар сирбит – даачабыт. Оҕуруоппутун дьаһайарбын, дьиэ таһыгар үлэлиирбин туохтааҕар да ордоробун. Уоппуска кэмигэр сороҕор уолбутугар Новосибирскайга баран күүлэйдээн, сиэннэрбитин көрсөн кэлэбит. Сирдээҕи дьол диэн бу буолар дии саныыбын.

 

Дьон туһугар үлэлиибит

– «Дальнобойщикигынан» уопсайа 16 сыл үлэлээбитим. 2000 сыллаахха «Жилкомсервис» тэрилтэҕэ суоппарынан киирбитим, ол эрэн, сыл аҥаара үлэлээт, ыраах айаммын суохтаан, төттөрү «дальнобойщиктыы» барбытым, бородууктаттан саҕалаан тутуу матырыйаалыгар тиийэ тиэйбитим. Онтон 2018 сыл диэки төннөммүн, билигин «Жилкомсервискэ» септигы оботторор массыынаҕа суоппардыыбын. Кэлэктииппит улахан, иллээх-эйэлээх. Графигым – үс күн сарсыарда 8 чаастан киэһэ 20 чааска диэри үлэлиибин, биир күн сынньанабын. Миигин кытта үлэлиир суоппар (напарнигым) киэһэ 20 чаастан сарсыарда 8-ка диэри үлэлиир. Үлэбит итинник, төгүрүк суукканан. Сыһыарыллыбыт үлэлиир учаастагым – Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла автострада, Марха бөһүөлэгэр киирэр суол, ГАИ пуоһун утары икки этээстээх уонча дьиэ. Күҥҥэ аҕыстыы эриэйсэни оҥоробун, ону таһынан сайаапкаларынан сылдьабын, диспетчер саахалларга ыытыан сөп. Куорат кытыытыгар Табаҕа уонна Марха бөһүөлэктэригэр эмиэ сылдьабыт. Сорох массыыналар өрөмүөҥҥэ тураллар. Саҥа тиэхиньикэ кэлэрин кэлэр эрээри, массыына син биир тиийбэт. Миэхэ икки сыллааҕыта саҥа массыынаны биэрбиттэрэ, өссө эбии тиэхиньикэ кэлиэхтээх, күүтэбит

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...