29.11.2021 | 13:00

«Вкус Якутии» бэстибээл саҕаланна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн сэтинньи 27 күнүгэр «Вкус Якутии» 8-с гастрономическай бэстибээл үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Быйыл Дьокуускай 12 бастыҥ ресторана киин куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар саха национальнай, Хотугу уонна Арктика норуоттарын аһын-үөлүн аныгылыы көрүҥнээх амсатыахтара. 
Бэстибээл аһыллыытыгар «Атласовтар уһаайбалара» этнографическай комплекска СӨ предпринимательствоҕа, атыыга уонна туризмҥа миниистирэ Ирина Высоких, Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко, куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова, олохтоох дьаһалта предпринимательствоҕа, потребительскай ырыынакка уонна туризм сайдыытыгар Департаменын начаалынньыга Ирина Седова кыттыыны ыллылар.
«Саха сирин олохтоохторо сөбүлээбит тэрээһиннэрэ – «Вкус Якутии» саҥа ис хоһоонунан уонна шеф-повардар саҥа айымньыларынан туолар. Саха норуотун баай култуурата аныгы олохпут сорҕото буолар, Дьокуускай шеф-повардара үгэһи тутуһан туран национальнай куукунаны аныгылыы саҥардан биэрэн мэлдьи сөхтөрөллөр», – диэн бэлиэтээтэ  Ирина Высоких.
Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко күрэх кыттааччыларыгар ситиһиини баҕарда уонна тэрийээччилэргэ махталын тириэртэ. «Биһиги билигин аһылыкка эрэ буолбакка, дьоҥҥо уонна култуурабытыгар сыһыаннаах бэртээхэй бэстибээл кыттааччылара буоллубут», – диэтэ  кини.
Экспертэр дьүүллэригэр «Атласовтар уһаайбалара» этнографическай комплекс шеф-повара Николай Атласов авторскай сет-менюта тахсыбыт. Испииһэккэ эт уонна балык бүлүүдэлэр, соботтон пельменнэр, сылгы этиттэн оҕуруот астаах фирменнэй бүлүүдэ бааллар. 
«Эт уонна балык тэриэлкэлэри сөбүлээтибит, уонна биллэн турар, сылгы этин, олохтоох национальнай бүлүүдэлэр наһаа минньигэстэр. Сет-менюну амсайаат өрөспүүбүлүкэни бүтүннүү кэрийбит курдук сананныбыт», – диэн Мексикаттан ыалдьыттар Сарате Эрик Иуридиан уонна Оксана Моргунова санааларын үллэһиннилэр. Кинилэр Саха сирин туһунан кэккэ биэриини оҥороллор. 
Куонкурус 8 күнүн тухары экспертэр жюрилара – шеф-повар Николай Габышев, СӨ предпринимательствоҕа, атыыга уонна туризмҥа миниистирэ Ирина Высоких, Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко, олохтоох дьаһалта предпринимательствоҕа, потребительскай ырыынакка уонна туризм сайдыытыгар Департаменын начаалынньыга Ирина Седова, АГАТУ преподавателэ, «WorldSkills Russia» экспердэ Кира Иванова уонна СӨ ыалдьытымсах буолууга  Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Татьяна Тымырова куонкуруска кыттар бүлүүдэлэри сыаналыахтара. 
Быйыл «Вкус Якутии» бэстибээлгэ киин куорат бастыҥ рестораннара –«Атласовтар уһаайбалара», «Kitchen», «Huston», «Мацури», «Леман», «Чочур Мураан», «Крыша», «Rooms», «Зеленый город», «Каре», ону сэргэ «Орто Дойду» туристическай комплекс уонна «Урдэл» сынньалаҥ паарката кытталлар.
Санатар буоллахха, гастрономическай бэстибээл көҕүлээччитинэн 2014 сылга, оччолорго куорат баһылыга, Айсен Николаев буолбута. 2016 сыллаахха бэстибээл  «Russian Event Awards-2016» туризм салаатыгар Национальнай бириэмийэ гран-при хаһаайынынан буолбут. 
Бэстибээл түмүгэ ахсынньы 5 күнүгэр тахсыаҕа. 
Тэрээһин куттал суох буолуу миэрэлэрин барытын тутуһан, киириигэ булгуччу QR-коду бэрэбиэркэлээһиннээх ыытыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...