Вирустан быһыы — искэн ыарыытыттан харыстаныы
Билигин Covid-19 ыарыынан сибээстээн, “вакцинация”, “быһыы”, “иммунизация” диэн тыллары күн аайы истэбит. Ол гынан баран, хоруоналаах вирус өрө туран, эпидемиологическай балаһыанньа уустугурбутун да иһин, атын сыстыганнаах ыарыылартан харыстанар наадатын эмиэ умнуо суохтаахпыт.
Манна чуолаан дьахтар уонна эр киһи сылдьыһыытыттан бэриллэр саамай киэҥник тарҕаммыт инфекция – киһи папилломатын вируһа (ВПЧ, папилломавирус) киирэр. Папиллома вируһа дьахтар киэлитин кубучаҕын (шейка матки) араага сайдарыгар биир сүрүн төрүөтүнэн буолар, бу искэн оҕо төрөтөр (репродуктивнай) саастаах дьахталларга тарҕаныытынан иккис миэстэҕэ сылдьар. Ону таһынан ВПЧ араас куттала суох (доброкачественнай) искэннэргэ тириэрдэр.
Аан дойду дьонун 80 бырыһыанын кэриҥэ олохторун устата ВПЧ-ны кытта аалсар, билсэр. Бу статистиканы чопчулуур буоллахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 753 000 кэриҥэ киһи олоҕун устатыгар ВПЧ-инфекцияны илдьэ сылдьар. Мантан 2-5 бырыһыан курдуга араак иннинээҕи турук уонна араак ыарыытын төрүөтүнэн буолар. Толору сыыппаранан – 15 000 – 37 000 киһи.
Үөскээбит балаһыанньаны уларытыахха сөп дуо? Ол туһунан биһиги медицина наукатын кандидата, ис ыарыылар уонна уопсай быраас быраактыкатын кафедраларын доцена, СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин дерматологияҕа уонна косметологияҕа штаты таһынан сүрүннүүр исписэлииһэ Наталья Саввинаны кытары кэпсэттибит.
— Наталья Алексеевна, билигин Саха сиригэр киһи папилломатын вируһун кытта сибээстээх ыарыылары сэрэтии наадатын туһунан кэпсэтии тоҕо таҕыста?
— Бастатан туран, эдэр дьон ортотугар папиллома вируһун инфекцията киэҥник тарҕанарынан сибээстээн, идэлээх дьон уопсастыбатыгар бу тиэмэ болҕомто киинигэр ылылынна. Ону таһынан ВПЧ онкогеннай көрүҥнэрэ көбүтэр искэн ыарыыларын таһыма үрдүү турар.
Саха сиригэр киэли кубучаҕын (шейка матки) араага 30-гар диэри саастаах дьахталлар кутталлаах (злокачественнай) искэнтэн өлүүлэригэр биллэр оруолу оонньуур.
— Уопсайынан, Саха сиригэр киэли кубучаҕын (шейка матки) араага курдук ыарыыга балаһыанньа хайдаҕый?
— Хомойуох иһин, этэҥҥэбит диэхпит ыраах. Биһиги Уһук Илиҥҥэ үрдүк көрдөрүүлээхтэртэн биирдэстэрэ буолабыт – 100 тыһыынча нэһилиэнньэҕэ 25,6. Холобур, өлүү көрдөрүүтэ 2017 сыллаахха 100 тыһыынча нэһилиэнньэҕэ 7,7 тэҥнэспитэ. Дьиҥэр, стандарт көрдөрүүтэ – 6,1. Бу ыарыы биһиэхэ чахчы элбэҕин көрдөрөр.
— Балаһыанньаттан тахсыахха сөп дуо?
— Тахсыахха сөп. Ол эбэтэр, дьахтар уонна эр киһи сылдьыһар сааһа саҕаланыан иннинэ ВПЧ-тан харыстыыр быһыы ылыллар. Биллэрин курдук, бу вирус дьахтар уонна эр киһи сылдьыһыытыттан бэриллэр, онуоха үксүгэр вирус организмҥа киирэн бэйэтин деструктивнай үлэтин саҕалыырыгар биир эрэ хантаак да сөп гынар.
Ол да иһин, соторутааҕыта онкологтар, дерматологтар, доруобуйа харыстабылын тэрийээччилэр уо.д.а. исписэлиистэр кыттыылаах мунньахха Саха сиригэр быһыыны маассабайдык биэрии бырагырааматын олоххо киллэрэр наадатын туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Бу араагынан ыалдьыы уонна өлүү таһымын кыччатарга көмөлөһүөҕэ.
Онуоха, биһиги киэли кубучаҕын (шейка матки) араагын эрэ туһунан кэпсэтэр буолбатахпытын умнуо суохха наада! ВПЧ гениталиялар араак иннинээҕи бааһырыыларын, анальнай ханаал бааһырыытын төрүөтүнэн буолуон, ону таһынан вульваҕа, ууһатар уорган киирии өттүгэр (влагалище), анальнай ханаалга кутталлаах процесстар сайдалларыгар тириэрдиэн сөп.
Ону сэргэ харыстанар быһыы аногенитальнай кондиломалар курдук куттала суох искэннэри тохтотор эбэтэр бытаардар кыахтаах.
— Ханнык сааска быһыы ылар ордугун туһунан кэпсиэҥ дуо? Быһыыны ылыы, бастатан туран, кимиэхэ ордук нааданый?
— ВПЧ бопсор быһыыны 9-14 сааска, ол эбэтэр вируһу кытта хантаактаһыы иннинэ ылыы улахан көдьүүстээх буолуоҕар болҕомтону ууруохпун баҕарабын.
Дьахтар уонна эр киһи сылдьыһыыларын иннинэ быһыыны ылыы ВПЧ-тан – ассоциированнай ыарыылартан харыстыыр ордук көдьүүстээх ньыманан буолар. Ол гынан баран, уопсайынан, 45-гэр диэри саастаах дьон эмиэ быһыы ылыахтарын сөп. Бэл, саастаах киһи быһыы ылара кутталлаах процесстар уонна онкологията суох профиллаах ыарыылар үөскүүр кутталларын аччатарга көмөлөһөр.
— Өскөтүн киһи эдэр сааһыгар ити быһыыны ылбыт буоллаҕына, кэлин ревакцинацияны барара наада дуо?
— Наадата суох. Ол гынан баран, харысхал баар буоларыгар быһыыны ылыы эрэсиимэ тутуһуллуохтаах.
— Арассыыйаҕа быһыыны биэрии бырагыраамата бэйэтин көдьүүһүн көрдөрбүт регионнара бааллар дуо?
— Кэккэ уобаластар регионнарыгар быһыы бырагырааматын номнуо олоххо киллэрэн эрэллэр. Холобур, Челябинскай, Новосибирскай, Тюмень, Свердловскай уобаластарга, Ямало-Ненецкэй, Ханты-Мансийскай автономнай уокуруктарга, ону сэргэ Бурятия Өрөспүүбүлүкэтигэр. Кинилэр киһи папилломатын вируһуттан обургу оҕолорго быһыыны биэрии регионнааҕы бырагыраамаларын олоххо киллэрэллэр.
Биһиги эмиэ кылгас кэмнээх үчүгэй түмүктэри ыллыбыт. Ол курдук, үс сылга ВПЧ көрүҥнээх инфекция тиксэр өлүүтэ 34–78 % кыччаабыта бэлиэтэннэ. Бу кэмҥэ аногенитальнай кондилома тарҕаныыта икки төгүл аҕыйаата. Онон биһиги 7 сыл иһигэр бу көрдөрүү 93 % аҕыйыаҕар эрэнэбит.
Ону таһынан инникитин быһыы көмөтүнэн ВПЧ-ассоциированнай араак ахсаанын биллэ аҕыйатыы ситиһиллэригэр эрэнэбит. Онуоха атын дойдуларга курдук, иммунизированнай бөлөҕү өр кэмҥэ кэтээн көрүү ирдэниллэр.
– Аан дойдутааҕы уопут туһунан этэр буоллахха, быһыыны биэрии номнуо өр кэмҥэ араас дойдуларга ыытылынна. Бу бырагыраамалар төһө ситиһиилээхтэрий?
— Аан дойду быраактыката көрдөрөрүнэн, быһыыны биэрии, чахчы, сайынна, аан дойду 110 дойдутугар быһыыны биэрии национальнай бырагыраамаларыгар киллэрилиннэ. Түмүктэр: Австралияҕа, Европаҕа, Хотугу Америкаҕа уонна Саҥа Зеландияҕа эдэр дьон бөлөҕөр ВПЧ-инфекцияттан харыстыыр быһыы дьахтар киэлитин кубучаҕын араага тарҕаныытын 70% аҕыйатта. Аногенитальнай кондилома 90 % тиийэ, араас цитологическай аномалиялар 45 % тиийэ аҕыйаабыттара бэлиэтэннэ. Бу олус үчүгэй көрдөрүүлэр. Онон, биллэн турар, киһи папилломатын вируһуттан быһыыны ылыы Арассыыйа национальнай халандаарыгар киллэриллэригэр баҕарабыт.
Бу боппуруос билиҥҥитэ доруобуйа харыстабылын систиэмэтин тэрийээччилэр таһымнарыгар көхтөөхтүк дьүүллэһиллэр. Санатан эттэххэ, ВПЧ-ны быһыынан сэрэтии нэһилиэнньэ 70 бырыһыанын хаптаҕына, ВПЧ-ассоциированнай ыарыылары эмтээһини кытта сибээстээх хоромньуну туоратарга көмөлөһүөҕэ. Үп-харчы өттүнэн көрөр буоллахпытына, бу – 84 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ суума. Өскөтүн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр быһыы ылбыт кыргыттары ахсаанынан аахтахха, 10 сыл иһигэр 37 мөлүйүөн курдук суумалаах үп кэмчилэниэҕэ (?) Бу ВПЧ-тан быһыы көдьүүстээҕэр биир дьоһун суолталаах дакаастабыл (өссө тыһыынчанан киһи олоҕо быыһаммытын аахпакка туран).