12.06.2020 | 20:55

Виртуальнай сайыҥҥы лааҕырдар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ өтөрүнэн буолбатах ураты сайын сатыылаата. Ордук оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын хайысхатыгар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэс ыйын 1 күнүттэн хайыы-үйэ 30 000-тан тахса оҕо араас куруһуокка дьарыктанан, интэриэһинэй онлайн маастар-кылааска үөрэнэн ырааппыт.  

ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ

Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥар өрөспүүбүлүкэ үс улахан хайысханан үлэни ыытар: СӨ “Юные Якутяне” ресурнай киин, оҕо доруобуйатын  чэбдигирдэр уонна сайыннарар «Сосновый бор» киин уонна СӨ Наукаларын Аччыгый академията. Лааҕырдар үлэлэрин туһунан сиһилии www.саха-отдых-детей.рф. порталга көрүөххэ сөп. Эбэтэр бу нүөмэрдэргэ эрийэн ыйытыахха сөп: 8 (924) 868-72-68, 8 (914) 271-36-27.

ДЬОКУУСКАЙ КУОРАТ ОҔОЛОРО

Дьокуускай куораттааҕы Оҕо дыбарыаһа эмиэ сайыҥҥы кэмҥэ босхо уонна бэрт интэриэһинэй  бырагыраамалары бэлэмнээбит.

«Лего” конструктор куруһуога

Сааһынан хааччаҕа: 5-10 саастаахтар

Ыытыллар кэмэ: бэс ыйын 4-21 күннэрэ

Омук тылларын үөрэтэр “TRAVEL” куруһуок

Сааһынан хааччаҕа: 6-8 кылаас оҕолоро

Ыытыллар кэмэ: Бэс ыйын 4-23 күннэрэ

“Бином» MIT-оскуола

Сааһынан хааччаҕа: 6-8 кылаас оҕолоро

Ыытыллар кэмэ: Бэс ыйын 8-23 күннэрэ

«Мечтай! Исследуй! Создавай!» эдэр инженер куруһуога 

Сааһынан хааччаҕа: 4-7 кылаас оҕолоро

Ыытыллар кэмэ: Бэс ыйын 8-27 күннэрэ

КЫЛГАС ҮӨРЭХ КУУРУСТАРА:

  Төрүт омуктар инструменнарыгар үөрэнии

Сааһынан хааччаҕа: 12-17 кылаас оҕолоро

Ыытыллар кэмэ: бэс ыйын 1-24 күннэрэ

Скрипкаҕа оонньуурга үөрэтэллэр

Сааһынан хааччаҕа: 5-6 кылаас оҕолоро

Ыытыллар кэмэ: Бэс ыйын 1- 30 күннэрэ

“Обществознание уонна быраап”  биридимиэтигэр БКЭ-ҕэ, ОГЭ-ҕэ бэлэмнэнии кууруһа

Сааһынан хааччаҕа: 16-17 кылаас оҕолоро

Ыытыллар кэмэ: Бэс ыйын 4- 23 күннэрэ

Мобильнай сыһыарыы кууруһа

Сааһынан хааччаҕа: 10-16 кылаас оҕолоро

Ыытыллар кэмэ: бэс ыйын 8-19 күннэрэ

ЭКО-суумканы тигэргэ үөрэтэр куурус

Сааһынан хааччаҕа: 10-15 кылаас оҕолоро

Ыытыллар кэмэ: бэс ыйын 8-19 күннэрэ

Аан дойдуну үөрэтии, анаарыы кууруһа

Сааһынан хааччаҕа: 8-11 кылаас оҕолоро

Ыытыллар кэмэ: Бэс ыйын 8-19 күннэрэ

Киберволонтер буолуон баҕалаахтарга

Сааһынан хааччаҕа: 8-10 кылаас оҕолоро

Ыытыллар кэмэ: Бэс ыйын 15-30 күннэрэ

ТУҺАЛААХ ДЬАРЫККА СУРУЙТАРАРГА ТИЭТЭЙ

    Дьокуускай куораттааҕы Оҕо Эбии үөрэхтээһинин киинин учууталлара виртуальнай балаһааккалары үлэлэтэн саҕалаабыттар. Бу үөрэх кууруһа 14 хонуктаах.

Күннэтэ график быһыытынан сарсыарда эрдэ линейкаттан уонна онлайн зарядкаттан саҕаланар эбит. Үөрэх, куруһуок хаамыыта барыта ZOOM.платформаҕа ыытыллар. Манна өрөспүүбүлүкэ оҕото барыта үөрэнэр кыахтаах.

“Дьикти квадрат” –  Оҕолор дьоппуон тиэхиньикэтин кытта билсэллэр. Сааһынан хааччаҕа: 7-15 саас. Оҕолор бу куруһуокка умсугуйан туран айар-тутар кыахтара арыллыан сөп. Сиһилии:  8 (984) 105-18-44.

“Лего - роботехника» - архитектор, инженер идэлэрин сэргиир оҕолорго туһалаах буолуон сөп. Сүрүннээн конструкциялаах бөртөлүөттэри уонна массыыналар моделларын оҥороллор уонна схеманы ааҕар үөрүйэхтэрин чиҥэтэллэр. Сиһилии: 8 (924) 162-45-48.

«Веселое оригами» сүрүн идеята — оҕо аймах тупсаҕай эйгэтин тэрийии, айар дьоҕурун сайыннарыы. Сиһилии: 7 (924) 162-45-48.

«Дьиэ интерьерын оҥоруу” – оҕо бэйэтэ дизайнер буолар, каникулга олорон дьиэтин тупсарыан, өрөмүөннүөн сөп. Сиһилии : 8 (984) 113-63-83.

«Компьютернай оонньуулары оҥорон таһаарыы» – куруһуок оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын туһалаахтык, интэриэһинэйдик атаарарыгар ананар. Үлэ түмүгүнэн оонньуу оҥорон таһаарыахха сөп. Сиһилии: 7 (984) 113-63-83.

«Small beads» – кыргыттарга сөп түбэһэр куруһуок. Бэйэлэрэ биһилэх, ытарҕа, брошь курдук киэргэллэри оҥостуохтарын сөп. Сиһилии: 7 (914) 289-77-70.

«Оригометрия” –  кумааҕы лииһинэн геометрическай фигуралары оҥороллор. Оҕо фантазията уонна логиката сайдар. Маастар-кылаастар ыытыллаллар. Сиһилии: 7 914 233-46-03.

«Изобретай, твори, выдумывай!» –  олус умсугутуулаах бырагыраама. Күн аайы быһа эпииргэ маастар-кылаастар, интеллектуальнай викториналар уонна дьарыктар буолаллар. Сиһилии: 7 (914) 293-86-32.

«Дизайн-коллаж ДАР» – витраж тиэхиньикэтинэн композициялары оҥоруу. Холобура, хартыына, панно уо.д.а. оҥорорго үөрэтэллэр. Үөрэх видео-уруоктарынан дистанционнай киэпкэ ыытыллар. Сиһилии: 8 (914) 115-89-61

“Экспериментариум” – дьиэ усулуобуйатыгар научнай чинчийиилэри уонна эксперименнэри ыыталлар, холобура, уу, салгын баттааһынын үөрэтэллэр. Сиһилии: 8 (914) 115-89-61.

«Орион” – кыра кылаас үөрэнээччилэригэр сөптөөх дьарык. Астрономическай систиэмэҕэ киирэн, тулалыыр эйгэни үөрэтэллэр. Сиһилии: 8 (914) 289-16-85.

«Ырыа – мин халлааным» – кэрэ эйгэни, айылҕаны умсугуйар оҕолорго аналлаах. Киһиэхэ космос дьайыытын, ол музыка, поэзия, уруһуй искусстволарын кытта дьүөрэлэһиитин ырытарга үөрэтэллэр. Куруһоук оҕо духуобунай эйгэтин сайыннарарга туһуланар. Сиһилии: 8 (914) 289-16-85.

Куруһуоктар бары босхо ыытыллаллар. Суруйтарыан баҕалаахтар сайабылыанньа уонна сөбүлэҥ эрэ биэрэҕит. Сиһилии:  8(4112) 42-06-43 уонна куруһуоктар салайааччыларын төлөпүөннэриттэн эрийэн ыйыталаһыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....