Винокуров уулуссатын уларытан оҥоруу түмүктэнэн эрэр
Эбийиэккэ сүрүн суолу аспааллааһын түмүктэннэ, билигин тротуардары оҥороллор. Аспаал-бетон үлэтэ, халлаан туругуттан уонна технологиялары тутуһууттан көрөн, бу күннэргэ түмүктэниэхтээх. Бу туһунан «Главстрой» МХТ кылаабынай исписэлииһэ Артем Кычкин иһитиннэрдэ.
«Винокуров уулуссатын уларытан оҥорууну ыам ыйыгар саҕалаабыппыт. Хантыраак быһыытынан үлэ быйыл алтынньы 31 күнүгэр түмүктэниэхтээх. Ити кэм устата суол таҥаһын төрүтэ, ууну ыытар лотуоктар оҥоһулуннулар, сибээс ситимэ таһаарылынна, сүрүн суолга аспаал бүрүөһүнэ икки дьапталҕанан уурулунна. Итиэннэ тротуардары, суол кытыытынааҕы таастары уонна сырдатыыны оҥоробут», - диэтэ Артем Кычкин.
Винокуров уулуссатын Ильменскэй уулуссатыттан Чайковскай уулуссатыгар диэри учаастакка уларытан оҥоруу – «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан ыытыллар үлэ Дьокуускай куоракка биир улахан эбийиэгэ. Суол уһуна – 1 км., аспаал бүрүөһүнүн уопсай иэнэ – 8,7 тыһ. кв. миэтэрэ. Генеральнай бэдэрээтчит – «Сахатрасстрой» ХЭТ.
Сайсары уокуругар «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2019 сылтан Чайковскай, Лонгинов, Ильменскэй, Билибин, Уустаах Избеков, Яков Потапов, Маяковскай, Мерзлотнай, Кеша Алексеев, Широких-Полянскай, Шевченко уулуссалара, «Гимеин» кольцевой уонна Кардиологическай кииҥҥэ чугаһыыр суоллар өрөмүөннэннилэр.