Виктория КОНТОЕВА: “Оҕо аһара уойуута – билиҥҥи уопсастыба сытыы кыһалҕата”
Дьиэ кэргэни кытта үлэлиир “Peremena” кулууп салайааччыта Виктория Контоеваны үгүспүт Варламова диэн араспаанньатынан, саха телевидениетигэр үлэлээбитинэн билэбит. Кини билигин “Peremena” диэн оҕо аһара уойуутун бастакынан аһаҕастык кэпсээбит, бу боппуруоһу сытыы кыһалҕа быһыытынан уопсастыба иннигэр туруорбут уонна быһаарар суоллары тобулар коммерческайа суох тэрилтэни салайан үлэлэтэ сылдьар. Маннык хабааннаах үлэни ыытар тэрилтэ Арассыыйа үрдүнэн соҕотох.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр быйыл алтынньы 18 күнүгэр бэлиэтэнэр Ийэ күнүн көрсө, Виктория Контоева ыалдьыттыыр.
– Бэйэм Хаҥаластан төрүттээхпин, оҕо сааһым Горнайга ааспыта. Ийэм Горнайга саха тылын учууталынан ананан үлэлээбитэ, онон уһуйаантан саҕалаан 8-с кылааска диэри онно улааппытым. Бэйэбит дойдубут – Хоточчу, Дьөппөн.
Үс кыыс оҕолоохпут. Номнуо биир кыыс сиэннэнэн, эдэр эбээ-эһээ аатын сүкпүппүт. Бэйэм 43 саастаахпын. Эп-эдэр 18-таах дьон ыал буолаат оҕоломмуппут. Ол оҕобут, бэйэбитин батан эрдэ ыал буолан, сиэн бэлэхтээбитэ. Сиэммититтэн бэйэбит кыра оҕобут 9 ый кыра. Улахан кыыспыт Хабаровскайга олорор, үөрэммит сиригэр олохсуйан, полицияҕа дознавателинэн үлэлии сылдьар, кэргэнэ байыаннай. Күтүөт үлэтинэн дьиэ ылан, үөрэммит куораттарыгар бур-бур буруо таһаарыннылар.
СГУ суруналыыстыкаҕа салаатын бүтэрбитим, сахалыы тыллаах хаһыатчыт идэтин ылбытым. “Ил Түмэн” хаһыакка 3 сыл курдук үлэлээбитим. Практикаларбын наар телевидениеҕэ барбыт буоламмын, өрүү телевидение эйгэтигэр талаһар этим. Туруулаһан-туруулаһан, босхо уопсастыбаннай корреспонденнаан, НВК салалтатын идея бөҕөнөн көмөн-көмөн баран, уһун-киэҥ сүүмэрдээһини ааһан, дьэ үлэҕэ ылыллыбытым. Уонна уонча сыл сонуннарга, общественнай-политическай бырагыраамалар эрэдээксийэлэригэр үлэлээбитим.
Үлэбин төһө да таптаабытым иһин, ыал киһиэхэ хамнаһа наһаа кыра этэ. Ол иһин “Мегафон” хампаанньаҕа пиарщигынан ыҥырбыттарыгар барбытым, онтон энергетика эйгэтигэр кэлбитим. Уопсастыбаннай үлэм декрет кэмигэр күүскэ саҕаламмыта.
БЭЙЭ КЫҺАЛҔАТЫН АҺАҔАСТЫК КЭПСЭЭН
– Туох санааттан оҕо аһара уойуутун кытта үлэлиир социальнай бырайыакка ылыстыҥ?
– Наһаа үлэҕэ умса түһэ сылдьыбыт кэмнэрдээҕим. Өйдөөн көрбүтүм, орто кыыһым, соноон, кэтирээн хаалбыт. Оҕом наар бэйэтэ-бэйэтигэр сылдьан онон-манан бэрээдэгэ суох аһыыр буолан уойарга барбыт эбит.
– “Мин оҕом аһара уойаары гынна” эбэтэр “мин оҕом уойда” диэн аһаҕастык киһиэхэ барытыгар кэпсиир эмиэ, мин санаабар, хорсун быһыы буолуо...
– Мин дьону бырайыакка ыҥырар буоламмын барыларыгар бэйэм олохпор баары аһаҕастык кэпсиирим наада этэ. Кырдьык, бастаан психологическай мэһэйдэри бэйэм туораабыт эбиппин.
НВК-тан сөпкө, кэмигэр барбыт эбиппин диибин. Атын эйгэҕэ көһөн ыырым кэҥээбитэ, юридическай, бухгалтерия докумуоннара хайдах толоруллуохтаахтарын билбитим. Онтукам барыта кэлин бырайыак тэрийэн үлэлиирбэр көмөлөспүтэ.
Кыыһым уойуута 6 сааһыттан саҕаламмыта. Оҕо кэтириирэ киһи хараҕар быраҕыллар буоллаҕа дии. Аҕабыт бэйэтэ бөдөҥ-садаҥ киһи. 30-путугар, сааспытын ситэн баран оҕоломмут оҕобут буолан, кыыһын наһаа атаахтатар, наар бииргэ илдьэ сылдьар. Ол тухары наар хармаана толору хачыгырас кэмпиэт, сакалаат буолара. Ийэлэрэ буоллар солом суох, айар үлэм үгэнигэр сылдьабын, кинилэр бэйэлэрэ киинэҕэ, кафеҕа сылдьаллар. Киэһэ көрсөн аһаан баран утуйарга барабыт. Барыта ыксал-тиэтэл. Дьиҥэ, барыта кыаллар боппуруос эбит – сөпкө эрэ аһааһын, эрэсиим оҥостуу. Эрдэттэн бэлэмнэммит аһы оҕо бэйэтэ сылыттан сиэн сөп буоллаҕа...
Арай биирдэ оҕобун кытта балаһааккаҕа оонньуу кэллибит. Мин ыскамыайкаҕа туора олордум. Оҕом баран ханна эрэ хатааста сатаабытын кыракый уолаттар: “Иди отсюда, толстуха”, – диэтилэр. Оҕо кыдьыктаах буолар, өйдөөбөттөр, култуура эҥин суох. Миэхэ ол тыллар сүрэхпэр супту кэлэн түспүттэрэ. Сүүрэн тиийэн оҕолору хомуруйдум, атын дьон оҕотун илгиэлии турбат буоллаҕым... Кыыһым улаханнык кыһаммата, ол аата мин оҕом маннык үөҕүллэргэ үөрэнэн хаалбыт эбит. Бэйэм кыыспын илиититтэн сиэттим да бара турдубут. Мин куолайбар кытаанах хомуок турда, хараҕым ууланна. Ити түгэн кэннэ оҕом ыйааһынын хайаан даҕаны быһаардахпына сатанар диэн күүстээх санааны ылыммытым.
Быраастарга сырыттыбыт, медицинскэй чинчийиини ааһа сатаатыбыт. Боростуой баҕайытык “ини сиэмэҥ”, “маны сиэмэҥ” эрэ дииллэр. Дьиҥэ, барыта оҕо кыра эрдэҕиттэн саҕаланар эбит. Поликлиникаҕа уочарат бөҕө, эн кыһалҕаҕын өйдүүр, болҕойор быраас аҕыйах. Быраастарга тиийэн: “бу оҕом туох буолбутуй?” – дии сатыыбын. Саахарын, хаан биохимиятын, щитовидкатын барытын бэрэбиэркэлэттибит – хата, барыта этэҥҥэ эбит. Ол аата аһылыкпытын сааһылыахпытын наада эбит диэтим.
Бэйэм араас информацияны аҥаар уһугуттан хасыһан, үөрэтэн бардым. Барытын сыныйан аахтым, бэйэм-бэйэбин санаабын өрө көтөҕө-көтөҕө, инним хоту баран истим.
Киһи наһаа өрө көтөҕүллүүлээхтик мотивацияланар кэмнээх, онтон уостан хаалар кэмнэрдээх буолар. Ол иһин мин курдук кыһалҕаны көрсүбүт дьоҥҥо көмө наада эбит диэтим. Аны интернет информацията диэн интернет киэнэ, бары атын-атыны туойаллар...
“КЭРЭ СИТИМИТТЭН” САҔАЛААН
– Аны туран, оҕобун хамсаннын-имсэннин диэн спортка биэрэ сатаатым. Кыыс оҕоҕо үҥкүүттэн, художественнай гимнастикаттан ураты туох да суох эбит. Үҥкүүгэ “Бриллианты Якутии” биэрдим, икки дьарыкка сылдьан баран, оҕом кыккыраччы аккаастанна. Онно оҕолор бары шпагат түһэллэр, мин оҕом сатаабат буоллаҕа дии...
Ол иһин бэйэм үҥкүү дьарыгын тэрийэр эбиппин дии санаатым. Оҕо сылдьан үҥкүүлүүр этим, устудьуоннуу сылдьан ансаамбылга сылдьыахпын баҕарар этим эрээри, оҕолоох эҥин буоламмын кыаллыбатаҕа.
Катя Романова диэн предприниматель дьүөгэбин кытта кыттыһан, “Кэрэ ситимэ” диэн ийэ уонна оҕо үҥкүүлүүр бырайыагын саҕалаатыбыт. Мин оҕом уойуутун тохтотоору, Катям оҕотугар киэһэлик бириэмэ анаары.
Билэр дьоммутун ыҥыртаан 10 ийэ, 10 оҕо буолан үҥкүүнэн дьарыктанныбыт. Кэлэн сэрээккэлиибит, үҥкүү үөрэтэбит. Онтон 10 улуус биһиги уопуппутун хабан ылла, туһанан бардылар. Биһиги, бэл, гастроллуур буоллубут. Тэрийэр кыахтаах, идеялаах киһи эбиккин диэн “Матери России” уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа ыҥырдылар. 5 сылы быһа “Матери России” үлэлээтим, салайааччы солбуйааччыта буоллум эҥин.
Үҥкүү спорт курдук ноҕоруусканы биэрбэт эбит. Үөрүү-көтүү, дууһа сынньалаҥа. Оҕом ыйааһына улаханнык түспэтэ эрээри, этэ-сиинэ бэрээдэктэммитэ көһүннэ.
“PEREMENA” – УЛАРЫЙЫЫ КУЛУУБА
– 9-10 сааһыгар оҕоҕо гормональнай тутула сааһыланар кэмэ кэлэр. Эмиэ уойуу кыһалҕата турда. Онно быраас сиэтэ сылдьан салайыахтаах эбит диэн өйдөөбүтүм. Поликлиникаҕа толуонунан биирдэ эмэ бырааска түбэһэн көрдөрүү буолбакка, наар анал быраас кэтэбилигэр сылдьыахха наада эбит. Аны биһиги улахан ыйааһыннаах оҕолорбутугар аналлаах спорт диэн суох, атын оҕолору кытта сылдьыбаттар. Ол иһин оҕолорбутугар туспа бөлөх тэрийэр наада буолла. Ийэлэри кытта эмиэ ким эрэ үлэлиэхтээх, салайан иһиэхтээх эбит. Ол иһин бэйэм тэрийииһибин диэн, 2018 сыллаахха “Peremena” тэриллибитэ.
Бастаан идеям барыта төбөбөр баар, үлэм элбэх, уопсастыбаннай да үлэм үксээтэ, бырайыакпынан дьарыктанар бириэмэм тиийбэт курдук этэ. Онтон 39 сааспар хат буоллум, дьэ дьиэбэр олорон бырайыакпынан үлэлиир эбиппин дии санаатым. Үһүс оҕобутугар наһаа баҕарар этибит. Оҕобун көрөн олорор кэммэр орто кыыспар болҕомто уурар буоллум диэн күлүкпэр имнэммитим.
Бырайыакпын үлэлэтээри, 5 ыйдаах оҕобун көтөхпүтүнэн мээрийэнэн эҥин дьиэ-уот көрдөөтүм. Көмөлөспөтүлэр. “Матери России” хамсааһыҥҥа баарбын дии диэн, Прасковья Петровнабар баран кэпсээтим. Оҕо ыйааһыннаах буолуута доруобуйаҕа охсуулаах буоларын наһаа өйдөөтө. Куораттааҕы оҕо балыыһатыттан быраас буллубут, адаптивнай физкультура киинигэр хос буллубут, тренер буллум. Инстаграмҥа страница арыйан баран, биллэрии ыыттым.
Мин маннык элбэх киһи оҕо уойуутун кыһалҕатын көрсөрө буолуо дии санаабат эбиппин.
Бастакы 20-чэ оҕолоох бырайыак тэрилиннэ. Быраастар босхо үлэлээбэттэрэ биллэр, ол иһин төлөбүрдээх оҥордубут. ИП буолар бэлэмим суох этэ, ол иһин НКО диэни тэринним. Коммерческайа суох тэрилтэ граннарга кыттар, предпринимательствонан дьарыктанар кыахтаах. Былырыын граннаах этим, спорт министиэристибэтиттэн бассейн спонсорствонан уларсар этибит. Быйыл, дьаҥ тарҕанан, үлэбит биллэ уустугурда.
– Бырааска олох ыалдьан өлөөрү гыннахпытына тиийэр менталитеттаахпыт. “Мин оҕом аһара уойан эрэр” диэн исписэлиис көмөтүгэр наадыйан кэлэр төрөппүт төһө элбэҕий?
– Төрөппүт уларыйарыгар эмиэ көмө наада эбит. Быйылгыттан психолог ыллыбыт. Оҕо сыыһа аһыырыттан, хамсамматыттан эрэ буолбакка, киниэхэ таптал, болҕомто тиийбэт буоллаҕына эмиэ уойуон сөп. Ксения Тарская диэн наһаа үчүгэй психологтанным.
Быраастарым Мария Местникова уонна Варвара Васильева иккиэн эндокринологтар – харахтара умайа сылдьар, эдэр, көхтөөх кыргыттар.
Тренерим Лена Васильева, бырааһым Мария Местникова, “Матери России” тэрилтэ салайааччыта Прасковья Петровна Борисова бастаан саҕалыахпыттан наһаа көмөлөстүлэр. Дьокуускай куораттааҕы оҕо балыыһата бииргэ үлэлэһэр.
Дьиэ кэргэн кулууба буоламмыт бары бииргэ ас астыыбыт, хаамабыт, дьарыктанабыт. Киһи кэлэктииптээх буоллаҕына, биир кыһалҕалаах дьон түмүстэҕинэ тутуһан сылдьар. Төрөппүттэрбитин кытта онлайн кэпсэтэбит. Бырааска биирдиилээн, туох баар харыстанар миэрэни барытын тутуһан туран, кэлэн көрсөн бараллар.
– Хантан да улахан өйөбүлэ суох үлэлиир ыарахан буолбатах дуо?
– Коммерческайа суох тэрилтэ буоллахпыт дии. Улахан барыс киирбэт. Аны туран Арассыыйаҕа биһиги курдук уопуттаах тэрилтэ суох. Ханна эрэ ыраах Америкаҕа уойбут оҕолору кытта үлэ ыыталлар үһү диэни истэбит эрэ, онно тиийэн уопуттарын ылар кыах суох. Ол иһин барытын бэйэбит боруобалаан, тургутан көрөн эрэ ситиһэбит.
Бурятияттан, Тюменьтан эҥин суруйаллар. Онлайн кэлиҥ диибит. Быйылгыттан улуустары хаптыбыт.
Дьиэ-уот куортама сыаналаах. Быраас, психолог дьону приемнууругар кабинет наада. Ол иһин кыһалҕаттан, бэйэм квартирабын атыылаан баран (бэйэбит чааһынай дьиэ туттан көспүппүт), бастакы этээскэ баар кыбартыыраны ыллыбыт. Кэргэним Стас олус өйөөтө. Оҕо ыйааһынын, үрдүгүн мээрэйдиир тэриллэри атыылаһан, кабинет тэринэн үлэлээн эрэбит.
Аны үлэбэр тахсарым бу кэллэ. Бу үлэбинэн киһи айаҕын ииттибэт, ол эрэн син биир салгыы сайынарыахтаахпын. Ол иһин дириэктэр ыллым.
Идеянан сирдэтинэбит. Хамаандам наһаа үчүгэй. Социальнай бизнес быһыытынан сайда сатыыбыт. Дьон инстаграмтан истэн кэлэллэр.
Өйдөөн көрөр буолуҥ эрэ, кылааска эбэһээт биир эмэ улахан ыйааһыннаах оҕо баар буолар. Оҕо балаһааккатыгар 10 оҕо оонньуу сылдьар буоллаҕына 2-тэ суон буолар. Оҕо сааһыгар атаҕастабылы, ыыстааһыны көрсүбүт оҕо ол хом санаатын олоҕун тухары соһо сылдьар эбит. Кэргэн тахсарыгар, үлэһит буоларыгар барыта мэһэй буолуон сөп.
БАРЫТА ИЙЭТТЭН ТУТУЛУКТААХ
– Оҕолор ыйааһыннарын төһө быраҕалларый?
– Оҕолор 15 киилэҕэ диэри ыйааһыннарын түһэрэллэр. Сорохтор олус түргэнник, аҕыйах ый иһигэр быраҕаллар. Сорохтор сылы-сылынан биир ыйааһыҥҥа олороллор. Ийэлэртэн наһаа элбэх тутулуктаах.
Сорох ийэлэр оҕолорун куруһуок курдук биһиэхэ аҕалан туттаран кэбиһиэхтэрин баҕараллар. Оҕо ыйааһына ыһыллыбыта бастаан дьиэ кэргэн иһиттэн саҕаланар. Бастатан туран, ийэттэн, тоҕо диэтэххэ ыалга син биир ийэ ас астыыр.
Арахсыбыт ыаллар, кирэдьииккэ баттаппыт төрөппүттэр, карьера диэн баран үлэни эрэ өрө туппут ийэлэр-аҕалар, о.д.а. – онтон сылтаан оҕо бэйэтигэр бүгэр, гаджеттарын кытта олорон, сылаас сыһыан тиийбэтин минньигэс аһынан солбуйар. Минньигэс астар, утахтар – барыта маркетинг, бизнес оҥорон таһаарар бородууксуйата. Оҕо аһылыгы ылынар үөрүйэҕэ, амтаны билэр рецептордарын үлэтэ кэһиллэн хаалар. Оннук ыһыллыбыт, бөҕүнэн-саҕынан аһыыр оҕо билигин наһаа элбэх. Ыйааһыннара үчүгэй да эрээри, ону-маны буортулааҕы таптаан сиир оҕо элбэх.
– Аһылык култууратын биһиэхэ үөрэппэттэр буоллаҕа дии...
– ОБЖ эҥин уруогар аһылыкка сөптөөх сыһыаны киллэриэххэ баара. Оскуола буфетын көрүҥ эрэ: сыстыспыт лапса, мөлтөх хаачыстыбылаах гречка, саахардаах чэй уонна пицца, сосискалаах тиэстэ...
Былырыын бырааһым Мария Местниковалыын Дьокуускай оскуолаларыгар оҕолор тугу аһылыктаналларын чинчийэн көрбүппүт. 10 оскуоланы хабан эриэйдэ оҥорбуппут, оҕолорбут бэйэлэрин оскуолаларыттан менюларын устан аҕалбыттара. Ону үөрэтэн көрдүбүт – наһаа элбэх бурдук ас баар эбит. Оскуолалар дохуот киллэринэр ыстатыйаларынан буфекка киоска баар буолар – сакалаат, мороженай, бурдук ас арааһа буолунай атыыланар.
Аччык искэ оҕо сакалаат ылан сиир, ол аата аһылыгар номнуо кэһиллии барар. Дьиэтигэр кэлэр – ийэтэ суох, үлэлии сылдьар. Кураанахтыы бутерброд дуу, бэчиэнньэ дуу ылан ыстыыр. Ийэтэ киэһэ биирдэ кэлэр, хойут да буоллар сахалыы-махалыы астанан аһыыллар уонна утуйар кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Оҕо аһаамыан да сөп эбэтэр күнү быһа аһаабаккка сылдьан баран симинэн кэбиһэр. Охтон түстүлэр, утуйдулар. Туох да истиҥ кэпсэтии, алтыһыы тахсыбат. Маннык олоҕунан үгүс ыал олорор.
Дьиҥэ, ийэлэри бириэмэни аттарарга үөрэттэххэ барыта кыаллар эбит. Нэдиэлэҕин маннык былааннаа, өрөбүлгэр аскын атыылас, бэлэмнээн тоҥорон кэбис диэн үөрэтэбит. Күннээҕи олоххо көдьүүстээх араас сүбэлэри биэрэбит.
– Уопсайа төһө киһи уларыйыы кулуубугар дьарыктанна?
– 3 сезоҥҥа 20-лии оҕо сылдьан, уопсайа 60-ча киһи ааста. Психологка бастаан ийэ кэлэр. Кини дьоҥҥо, оҕоҕо, дьиэ кэргэҥҥэ сыһыанын сааһылыырга көмөлөһөбүт. Өйдөөччү өйдүүр. Сорох ийэлэр “мин оҕобун эһиэхэ ырыара аҕалбытым, миигин тоҕо тыытаҕыт” диэхтэрин сөп.
ПАНДМЕМИЯ КЭМИГЭР ОҔО УОЙУУТА ЭЛБЭЭТЭ
– Оҕо уойуута чахчы кыһалҕа буолла диэн көрдөрөр официальнай статистика баар дуу?
– Ол эмиэ туспа боппуруос буолла, тоҕо диэтэххэ, профилактическай медицинскэй чинчийиилэргэ оҕо ыйааһынын көрүү диэн суох, эндокринолог быраас көрүллүбэт.
Холобур, былырыын төгүрүк остуол оҥорбуппут. Бу кыһалҕаны ырытыһыыга Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн, Үөрэх министиэристибэтиттэн ким да кэлбэтэҕэ. Быйылгыттан күүскэ телевидениенэн тахсыахпытын баҕарабын, баҕар, биэриилэргэ кэлэн ыйытыыларбытыгар эппиэттиэхтэрэ.
Пандемиянан сибээстээн оҕо уойуутун кыһалҕата өссө сытыырхайда. Оҕолорбут уойдулар диир дьон элбээтэ. Бэйэлэрэ улахан ыйааһыннаах оҕолор харантыын кэмигэр 20-лии киилэни эппиттэрэ баар. Ийэлэрэ дууһаларын кыланыытын биһиэхэ суруйаллар. Холобур, пандемия кэмигэр 107 киилэҕэ тиийбит 11 саастаах оҕо ийэтэ суруйбута...
Биһиги бырааспыт этэринэн, оҕо организма уойан-уойан баран, ханнык эрэ муҥутуур ыйааһыҥҥа тиийэн ыһыктан кэбиһэр – гепатоз, диабет, сүрэх ыарыыта, о.д.а барыта буолуон сөп.
– Суон буолбатах, уойар чинчилээх оҕолор бааллар. Олор төрөппүттэрин кытта үлэлиигит дуо?
– Үлэлиибит, консультация биэрэбит. Биирдэ приемҥа кэлэн барыыны саҕалаатыбыт. “Стройный ребенок – счастливый ребенок” диэн онлайн куурустары ыытабыт. Оҕо хайаан да сарсыарда аһыахтаах, аһылык икки арда 3-3,5 чаас буолуохтаах.
Кыыс оҕо ийэтин батар эбит. Ол иһин оҕо 6 сааһыттан аһылыгын сааһылаан барыахха наада.
Мин кэмигэр ылсыбатаҕым буоллар оҕом өссө кэтирээбит буолуо этэ. Ол иһин аһылыктарын бэрээдэктээбэтэххэ ыйааһыннара аһара барыан сөп.
Ийэ толкуйа уларыйыан наада. Бэйэтэ уойбат ийэ эмиэ өйдөөмүөн сөп. Холобур, мин оҕо эрдэхпитэн тугу баҕарар, төһө баҕарар сиэтэхпинэ уойбат этим. Ол иһин оҕом ыйааһыннаммытын эрдэ өйдөөбөккө сылдьыбыт эбиппин диибин.
– Оттон билигин “бодипозитив” диэн баар дии, “мин эмиспин, бэйэм эмиспин таптыахтаахпын” диэн...
– Дьиҥэ, оннук эмиэ баар. Оҕону күүһүнэн ырыардар куһаҕан. Сөпкө аһыырга үөрэтэбит, ол үөрүйэҕин үйэтин тухары илдьэ сылдьыахтаах. Сорох оҕолорбут бырааска кэлэн отчуоттууллар, ыйааһыннарын эппит буоллахтарына наһаа хомойоллор. Оннук күүскэ туруммут оҕолор бааллар. Сорох кыһалҕатын билиммэт, сүбэни олох ылыммат.
Уойбут оҕолорго генетическэй кэһиллии диэн олох аҕыйахтык көстөр. Саамай сүрүн төрүөт – сыыһа аһааһын. Аһылыктан ыарыы буолар диэн наһаа ынырык дии!
Өйдөөбөт ийэ наһаа элбэх. Оҕолоро суонун эттэххэ өһүргэнэллэр. Оҕолорун аһылыктарын уларыппаттар, мэлдьэһэргэ бараллар.
Нэһилиэнньэ дьадайыыта эмиэ баар. Оҕуруот аһын, фруктаны атыылаһыы киһиэхэ барытыгар кыаллыбат. Мохоруонунан, килиэбинэн, кэнсиэрбэнэн олорор ыаллар бааллар. Ону эмиэ өйдүөххэ наада. Пандемия кэмигэр элбэх киһи үлэтэ суох хаалла – бу барыта аһылык хаачыстыбатыгар охсор.