Виктор Рассадин — Ярыгин турнирын кыайыылааҕа!
Красноярскайга “Иван Ярыгин” норуоттар икки ардыларынааҕы Гран-при турнира күлүмнэтэн ааһа оҕуста.
Уон биир дойдуттан, ол иһигэр тустуу муҥутуур сайдыбыт АХШ, Монголия, Азербайджан, Грузия, Белоруссия, Молдавия, Казахстан, Кыргызстан, Арассыыйа бөҕөстөрө көбүөргэ таҕыстылар. Муус устар ыйга Венгрия Будапешт куоратыгар ыытыллар түһүлгэ хамаандатын сүүмэрдиир суолталаах Ярыгин турнира эппиэтинэһэ улахан.
Биһи үрдүк үөрүүбүтүгэр, Виктор Рассадиммыт 70 кг тустан кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ. Ону сэргэ Виктор РАССАДИН, урукку сыллары аахтахха, Ярыгин турнирын мэтээллэрин үһүөннэрин ылаттаан, толору хаһаайынынан буолла. Ол курдук, 2017, 2021 сыллардаахха үрүҥ көмүс уонна бу быйыл кыһыл көмүс мэтээллэннэ. Сылтан-сыл ахсын үүнэн-сайдан, эбиллэн, тупсан иһэр. Ону быйылгы турниры сиһилии көрөммүт итэҕэйдибит. Уолбутуттан улаханнык астынныбыт. Күүстээх утарсааччыларыгар дьиэк биэрбэккэ, эрэллээхтик хотуталаата.
Маҥнайгы эргииргэ Виктор Рассадин Арассыыйа көҥүл тустууга саҥа арыллыбыт сулуһа, Европа чөмпүйүөнэ дагестанец Курбан Шираевтыын күөн көрсүһүүлэрэ балачча тыҥааһыннаахтык ааста. Рассадин бэйэтэ билинэринэн, “тустуутун тохтоторго санана сылдьыбыт буолан, турнирга бэлэмэ наһаа үчүгэйэ суоҕа, күүстээх эрчиллии-дьарык таайан, көбүөргэ бодотун тардынан, хомуллан, туох-баар күүһүн-уоҕун түмүнэн тахсыбыта” көмөлөстүлэр. Ону олус ыарахан, тыҥааһыннаах хапсыһыы 7:6 түмүктэммитэ да көрдөрөр. Иккис эргииргэ Казахстан бөҕөһүн Сырбаз Талгаты илиилээх-атахтаах оҥорбокко, 1:12 ыраас техническэйинэн кыайда. Финалга тахсар иһин үһүс эргииргэ Красноярскай тустууга Усман Шахгириевы, тугу да оҥорторбокко, 6:1 хотто. Красноярецка “истиэнэтэ” да көмөлөспөтө. Нөҥүө күн буолбут кэтэһиилээх финалга Крым бөҕөһүн, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастарын Анзор Закуевы 10:4 ахсаанынан итэҕэтиилээхтик кыайда.
Рассадин күүс-уох, тактика өттүнэн харахха быраҕыллар, киһи көрө астынар гына эбиллибит. Мээнэ барчалаабат, баар кыаҕын туһанан, толкуйдаан тустар.
Хамаанданан түмүккэ Арассыыйа бастыҥ көрдөрүүлэннэ. Эр дьон уонна дьахталлар 13 кыһыл көмүс, 14 үрүҥ көмүс, 23 боруонса мэтээллэннилэр. Бэйэлэрин кыахтарын үчүгэй өттүнэн көрдөрбүт бөҕөстөр Европа чемпионатыгар кыттарга сүүмэрдээһини ааһыахтара.
Виктор Рассадиҥҥа салгыы ити курдук ситиһии тосхойо турдун!
Тохсунньу 27-30 күннэригэр Красноярскайга буолан ааспыт “Иван Ярыгин” XXXIII-с Норуоттар икки ардыларынааҕы Гран-при көҥүл тустууга турнирыгар Сахабыт сирин сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар уонтан тахса бөҕөс кытынна:
57 кг: Петр Копылов, Уйгулаан Иванов, Дьулустаан Федотов, Федор Постников;
61 кг: Петр Константинов, Семен Владимиров;
65 кг: Ньургун Скрябин (Белоруссия);
70 кг: Виктор Рассадин;
92 кг: Ньургун Сергин.
1990 сылтан ыытыллар “Ярыгин турнирыгар” Сахабыт сирин бөҕөстөрө өйгө хатанар тустуулары көрдөртөөбүттэрэ. История кэрэһэлииринэн, 1990 сыллаахха 48 кг Сергей СТЕПАНОВ уонна 52 кг Владимир ТОРГОВКИН үрүҥ көмүс мэтээллэри ылаттаабыттара. 1991 сыллаахха Николай ЯКОВЛЕВ 57 кг эмиэ иккис буолбута. Бастакы кыһыл көмүс мэтээли 1993 сыллаахха Петр ЮМШАНОВ 48 кг ылары ситиспитэ. Герман КОНТОЕВ 52 кг иккис миэстэлэммитэ. 1994 сыллаахха иккис кыһыл көмүс мэтээли Ньургун ИВАНОВ 48 кг аҕалбыта. Владимир Торговкин 48 кг, Алексей Варламов 52 кг, Артур Федоров иккис буолуталаабыттара. 1995 сыллаахха Петр Юмшанов иккис, Алексей Варламов үһүс миэстэлэри ылаттаабыттара. 1996 сыллаахха Петр Юмшанов уонна Артур Федоров үһүс буолбуттара. 1998 сыллаахха Андрей Яковлев 63 кг үрүҥ көмүс призер. Үһүс уонна төрдүс кыһыл көмүс мэтээллэри Александр КОНТОЕВ 54-55 кг 2002, 2005 сылларга аҕалтаабыта. 2003, 2005, 2007 сылларга Александр Контоев 55 кг уонна Леонид Спиридонов 66 кг уонна Николай Старостин боруонса призердар. 2009 сыллаахха Виктор ЛЕБЕДЕВ 55 кг уонна Екатерина МЕЛЬНИКОВА 63 кг үрүҥ көмүс призердар. 2010 сыллаахха Виктор Лебедев, 2011 сыллаахха Анастасия Шавлинская боруонса призердар. 2014 сыллаахха Владимир ФЛЕГОНТОВ 57 кг үрүҥ көмүс, Николай НОЕВ боруонса мэтээл хаһаайыттара. Бэһис кыһыл көмүс мэтээли 2015 сыллаахха Виктор ЛЕБЕДЕВ 57 кг аҕалбыта. Ньургун СКРЯБИН 57 кг, Егор ПОНОМАРЕВ 61 кг боруонса мэтээллээхтэр. Алтыс кыһыл көмүһү 2016 сыллаахха Ньургун СКРЯБИН 61 кг аҕалбыта. Виктор ЛЕБЕДЕВ 61 кг – боруонса призер. 2017 сыллаахха Виктор РАССАДИН 61 кг эмиэ боруонса призер. 2019 сылга Николай ОХЛОПКОВ 61 кг – үрүҥ көмүс, Эдуард ГРИГОРЬЕВ боруонса призердар. 2020 сыллаахха Арыйаан ТЮТРИН 57 кг – үһүс миэстэ. Былырыын, 2021 сыллаахха, Арыйаан ТЮТРИН 57 кг сэттис кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыта, Виктор РАССАДИН 70 кг – үрүҥ көмүс, Ньургун СЕРГИН 92 кг боруонса мэтээллэри ылаттаабыттара.
2022 сыл – Виктор РАССАДИН 70 кг кыһыл көмүс мэтээл. Бу – саха тустуутун историятыгар Ярыгинтан ахсыс кыһыл көмүс.
ТЭТТИК СОНУННАР
Орел куоракка буолан ааспыт оҕунан ытыыга Арассыыйа Кубогар Рената Курчатова боруонса мэтээлгэ тигистэ. Тренерэ Михаил Алексеев. Адаптивнай спорт сүһүөхтэринэн хааччахтаах оҕунан ытааччыта Виктор Скрыбыкин финалга Бурятия охчутун 147:146 ахсаанынан кыайда уонна Арассыыйа Кубогын кыайыылааҕа буолла. Виктор Скрыбыкины тренер Петр Андросов эрчийэр.
Кстово куоракка самбоҕа Европа Кубогар сүүмэрдиир суолталаах 24-гэр диэри саастаах ыччаттарга Арассыыйа чемпионатыгар Ньурба спортивнай оскуолатын иитиллээччитэ, билигин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуона Ольга Лихота үрүҥ көмүс мэтээлгэ тигистэ. Ольга Лихота тренерэ Эдуард Соловьев.
Художественнай гимнастикаҕа оҕолор ортолоругар Южно-Сахалинскайга буолан ааспыт Уһук Илин чемпионатыгар маастарга кандидат Дарья Христофорова уонна 1 разрядтаах Ксения Медведева финалга тахсан күрэхтэстилэр. Маастарга кандидат Зарина Борисова төрдүс миэстэлэннэ. Бу көрдөрүүлэринэн кыргыттар үһүөн Арассыыйа чемпионатыгар кыттарга Уһук Илин сүүмэрдэммит хамаандатыгар киллэрилиннилэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин художественнай гимнастикаҕа президенэ Людмила Николаева гимнастка кыргыттары эҕэрдэлээтэ, ситиһиилэри баҕарда.
Олунньу 4 күнүгэр Пекиҥҥэ XXIV кыһыҥҥы Олимпийскай оонньуулар үөрүүлээхтик аһыллыыларын церемонията буолуоҕа. Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтэ 2008 сыллаахха сайыҥҥы уонна бу быйыл кыһыҥҥы Олимпийскай оонньуулары – икки Олимпийскай оонньууну ыытар быраабы ылбыт аан дойдуга соҕотох улуу дойду! Биатлоҥҥа, хаҥкыга, хайыһарга, трамплинтан ыстаныыга, фристайлга уонна шорт-треккэ күрэхтэһиилэр саҕаланнылар. Биһиги спорт куттаах Сахабыт сириттэн Андрей Кузьменко Арассыыйа хоккейга сүүмэрдэммит хамаандатыгар саппаас оонньооччунан киллэрилиннэ. Ити туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирин солбуйааччы Александр Бугаев Саха телевидениетын аһаҕас эфиригэр иһитиннэрдэ. Андрей Кузьменко Дьокуускайга спортивнай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата Александр хоккей тренеринэн үлэлээбитэ. Ийэтэ Галина хайыһар спордунан уонна бэлисипиэтинэн дьарыктаммыта. Уоллара Андрей биир сааһыгар хаамарын кытта хаҥкыга туруорбуттара. Тренердиир дьоҕурдаах аҕатын Москваҕа үлэҕэ ыҥырбыттарыгар Андрей биэс саастааҕа. Москваҕа тиийэн “Белые медведи” оҕолор хамаандаларыгар 12 сааһын туолуор диэри аҕатыгар салгыы эрчиллибитэ. Бастаан Андрей вратаардаабыта, онтон сытыы-хотуу, сындыыс курдук түргэн тэтимнээхтик хаҥкыга сүүрэр уолчааны аҕата нападениеҕа көһөрбүтэ. Сахатын сирин туһунан доҕотторугар “кыһынын хамсаабат буолуоххар диэри халыҥнык таҥыннараллар, сайынын кумаардар тулуппаттар, онон таһырдьа да тахсыаххын куттанаҕын”,- диэн кэпсиирэ үһү. Андрей Кузьменко 2018 сылтан Арассыыйа хамаандатыгар оонньуур. Еврохоккей тур оонньууларыгар тахсыылаахтык күрэхтэспитэ. 2021 сыллаахха аан дойду чемпионатыгар оонньообута. Олунньу 4 күнүгэр Андрей Кузьменко 26 сааһын туолар. Онон, төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлиибит! Саппаас оонньооччу да быһыытынан сырыттар, баҕар, мууска тахсыаҕа диэн эрэнэ кэтэһэбит. Дойду хоккеистарын хамаандатыгар ситиһии тосхойдун!
Уссурийскайга түмүктэммит Уһук Илин остуол тенниһигэр биирдиилээн уонна хамаанданан бастыыр иһин чемпионатыгар Сахабыт сирин хамаандата хас да мэтээлгэ тигистэ. Өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ Ольга Тихонова боруонса мэтээллэннэ. Эр дьон иккиэ буолан оонньооһуннарыгар Василий Румянцев Ньургун Сабарайкинныын үрүҥ көмүс мэтээллэннилэр. Владислав Тимофеев Архангельскай теннисиһэ Павел Тарунныын үһүс буоллулар. Хамаанданан түмүккэ Василий Румянцев, Ньургун Сабарайкин, Михаил Кылабысов, Константин Владимиров уонна Богдан Капитонов теннисчиттэрдээх эр дьон уонна Ольга Тихонова, Анита Ноговицына, Айыына Петрова, Арина Федорова уонна Надежда Аммосова оонньооччулардаах дьахталлар хамаандалара үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр.
Тхэквондист оҕолорбут Москва аннынааҕы Звенигородка буолан ааспыт турнирга миэстэлэстилэр. Үрүҥ көмүс мэтээллэри Ангелина Евсеева уонна Александра Пахомова ылаттаатылар. Александр Прокопчук уонна Алмаз Васильев боруонса мэтээллэннилэр. Тхэквондистар хамаадаларын тренердэр Яков Гаврильев, Ангела Эверстова бэлэмнээн илдьэ сырыттылар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирэ Иннокентий Григорьев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев аатыттан хоккеист оҕолорго именной клюшкалары туттартаата. Оҕолорго клюшкалары туттарыы “Заряд” уонна “Полярные волки” хоккейга хамаандалара “Эллэй Боотур” Муус дыбарыаска эрчиллэ, дьарыктана сылдьар үгэннэригэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста. Ити күн хоккеист оҕолор “Сибриус” турнирыгар Новосибирскайга көттүлэр.